Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатыгар сэтинньи 30 күнүгэр Олоҥхо уонна Хомус күнүн бэлиэтээтибит. Биһиги үгэс оҥостон, Олоҥхо уонна Хомус күнүн сылын аайы тэрийэбит. Оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара уонна үлэһиттэрэ бу күн бука бары сахалыы таҥнан, киэргэнэн-симэнэн үөрэнэ, үлэлии кэлэбит. Үгэс быһыытынан, 11 кылаас үөрэнээччилэрэ саха тылын уонна литературатын учуутала Павлова Анна Николаевнаны кытта сарсыардаттан алгыстаах алаадьынан үөрэ-көтө көрүстүлэр. Оскуола устун сахалыы матыыптаах хомус тыаһа дьүрүһүйэ тыаһаата. Оҕолорго итии аһылыкка бу күн сахалыы лэппиэскэ, күөрчэх, сахалыы-махалыы эт миинэ астанна. Сынньалаҥ кэмҥэ оҕолор Олоҥхо ойуулуктарын сэргии көрдүлэр.
Үөрэх кэнниттэн, тэрээһиммитин үтүөнү эрэ түстээн, үйэлээҕи үксэтэн, кэскиллээҕи кэҥэтэн Старкова Татьяна Васильевна салайааччылаах “Дьиэрэйкээнэ» фольклорнай ансаамбыл толоруутугар «Дьээ-буо» ырыатынан уонна хомус тойугунан үөрүүлээхтик арыйдыбыт.
Сахабыт өрөспүүбүлүкэбитигэр төрүт өбүгэбит саҕаттан ордон кэлбит, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала улуу айымньыбытын — Олоҥхону сөргүтүүгэ, харыстыырга уонна тарҕатыыга үгүс үлэ тиһигин быспакка барар. Оттон 2 Хомустаах орто оскуолата төрөөбүт тылбыт түмэр түhүлгэтигэр сахалыы тыынынан, кылаас кылааhынан төбүрүөннээн олорон, ийэ тылбыт баайа, уус-урана түмүллүбүт айымньытын — олоҥхону Юшкова Ирина Федотовна салайааччылаах 2 кылаас үөрэнээччилэрин толорууларыгар сөҕө-махтайа иһиттибит.
Саха тылын уонна литературатын учууталлара Копырина Надежда Андреевна, Павлова Анна Николаевна, кылаас салайааччыта Копырина Любовь Андреевна оскуолаҕа тыйаатыр үлэтин чэрчитинэн, оҕолору Олоҥхо ааҕыытыгар көҕүлээн бэлэмнээтилэр: 6 кылаастан Местникова Айылана уонна Аргунов Андрей «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон толорууларын, 7 кылаастан Захарова Люда уонна Находкина Айта “Бэйбэрикээн эмээхсин” норуот остуоруйатыгар олоҕуран, «Хаар мичээрэ» аныгылыы олоҥхоттон толорууларын, 8 кылаас үөрэнээччитэ Копырин Эрсан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыытын. Ону сэргээн, кэрэхсээн иһиттибит.
Оҕону олоҥхо оһуор тылыгар, кылыһахтаах ырыатыгар-тойугар үөрэтиигэ күүс-көмө уобараhы арыйыы буолар. Эрдэ биллэрбиппитин курдук, «Олоҥхо дьоруойа» күрэххэ 1-11 кылаастартан ким баҕалаах олоҥхо персонаһын уобараһынан таҥнан, кырааскаланан, киэргэнэн-симэнэн кэлбиттэрэ. Уобараһы арыйыыга ханнык олоҥхоттон, персонаж аатын кылгастык билиһиннэрдилэр.
1-кы уонна 2-с кыттааччы:
Кустук курдук куоһаан,
Ох курдук оҥорон,
Күн улууһун көмүскэтэ,
Айыы аймаҕын араҥаччылата
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур – Петухов Павел, 1-кы кылаас уонна Петров Саят, 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ;
3-с , 4-с кыттааччы»: Аан Алахчын (Аан Алахчын Хотун) — Айыылартан биирдэстэрэ. Кини аата элбэх. Сороҕор Күөгэл Хотун, Иһэгэй Хотун дэнэр. Аан Алахчын үксүн хатыҥ маска олорор. Атын мастарга, кэрэ томторго, тумулга эмиэ олоруон сөп. Аан Алахчын Хотун – Протопопова Мираслава, 2 кылаас уонна Никитина Юлиана, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ;
5 уонна 6-с кыттааччылар: «Хаар Мичээрэ» аныгылыы олонхоттон Находкина Айта — сиэн кыыс, Захарова Люда — эбэтэ эмээхсин , 7 кылаас үөрэнээччилэрэ;
7-с кыттааччы: үс үүт бүтэйи үрдүнэн көстөр, үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан — Павлов Артём, 3 кылаас үөрэнээччитэ;
8-с кыттааччы: олоҥхоҕо Айыы кыыһын сэргэ атын туспа аналлаах кыыс бухатыыр ойууланар. Кини олох кыра оҕо сааһыттан уолу кытта тэҥҥэ оонньоон, тустан, сγγрэн-кɵтɵн, кγрэс былдьаһан хатан иҥиирдэнэн, сытыы сирэйдээх-харахтаах кыыс оҕо кылааннааҕа буола улаатар. Кыыс бухатыыр айылҕаттан айдарыллан, γɵһэттэн ыйыллан Айыы дьонун кɵмγскγγр. Үгүс олоҥхолорго кылааннаах-ɵргɵстɵɵх Кыыс Ньургун Бухатыыр — Егорова Милианна, 3 кылаас үөрэнээччитэ;
9-с кыттааччы: сирэйин ортотугар сиикэй эт бэргэ харахтаах, хаспах курдук хара дьабаа айахтаах, соҕотох үүттээх сорҕо муруннаах, абыр-дьабыр ардьаа тиистээх, адьарай абааһы уола Умсары Холорук – Данилов Саян, 3 кылаас үөрэнээччитэ.
«Көмүөл» төрөппүттэр түмсүүтүн аатыттан Беялева Гульнара Васильевна кыттааччыларга Туоһу суругу туттарда. Онтон кыайыылаахтарга Добун суругу кытта, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Бу бэлиэ күн үлэ-үөрэх аргыстаах, үүнэр үрдүк аналлаах, эрчимнээх сүрэхтээх оскуолабыт оҕолоругар, күндү учууталларыгар, ытык-мааны ыалдьыттарыгар «Кэскиллээҕи кэрэхсээҥ, ыллыктааҕы ыраҥалааҥ, ылсыбыккытын ыһыктымаҥ, үөрүүгүтүн үллэстэр, эрэйгитин чэпчэтэр, үгүс үтүөкэн доҕордонуҥ, кэрэни эрэ кэрэхсээҥ» диэн тылларынан түмүктэннэ.
Саха омук өбүгэ саҕаттан, өйүттэн-сүрэҕиттэн сүтэрбэккэ, уоһуттан түһэрбэккэ илдьэ кэлбит олоҥхото сүүрбэһис, сайдыылаах үйэ кэлиҥҥи сылларыгар умнуллан, аныгы дьон сэҥээрбэт буола сылдьыбыттарын кэнниттэн, уран тыл бу бастыҥтан бастыҥ айымньытын туһугар туруулаһар дьон баар буолан, эмиэ хаттаан тыын ылар, араҥаччыланар, харыстанар, өссө сайдар кыахтанар.
Ол курдук, олоҥхо норуот тылынан айымньытын быһыытынан Аан дойдуга аатырда, ЮНЕСКО 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр быһаарыытынан киһи-аймах духуобунай культуратын шедеврин быһыытынан ааттанна. Бу биһиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыһахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоһуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрүн, айар талааннарын чаҕылхай туоһута.
Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр.
Н.А. Копырина, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы