Саҥа эбийиэк санитарнай быраабыла аныгы ирдэбилинэн уонна нуорматынан тутуллубут. Симиэнэҕэ 15 сырыыга суоттаммыт.
«Пациеннарга анаан манна биэлсэр, быраас кабинеттара, прививкэлиир уонна процедурнай, 2 палата, маны тэҥэ төгүрүк суукка үлэлиир икки куойкалаах стационар, санузел, душ, буфет бааллар. Кабинеттар бары ирдэниллэр медоборудованиенан уонна миэбэлинэн хааччылыннылар. Төгүрүк суукка үлэлиир сиэстэрэ пуостаах, аптекалаах», — диэн Нам улууһун кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев кэпсээтэ.
Саҥа мед. эбийиэк «Здравоохранение» национальнай бырайыагынан «Модернизация первичного звена здравоохранения РС (Я) на 2021-2025 годы» региональнай программанан тутуллубут.
Билиҥҥи туругунан нэһилиэккэ терапевт-быраас, участковай, биэлсэр уонна сиэстэрэлэр үлэнэн хааччыллыбыттар.
Саҥа амбулатория сарсын, от ыйын 12 күнүгэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа. Бу туһунан Минздрав Якутии @minzdrav_sakha телеграм ханаал иһитиннэрдэ.
Лена Ноговицына