2 Хомустаахха спорт бырааһынньыгар кубулуйбут мас тардыһыытын күрэҕэр

Муус устар 3-4 күннэригэр 2 Хомустаахха «Нам улууһа» МТ мас тардыһыыга чемпионатын II этаба ыытылынна. Биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһиигэ 14 нэһилиэктэн барыта 170-ча спортсмен күөн көрүстэ. Бастакы күн бэтэрээн эр дьон 5, дьахталлар 7 ыйааһыҥҥа бастыҥы быһаарсыбыттара. Иккис күн эр дьон 9 ыйааһыҥҥа ким кыахтааҕын тургутустулар.

Күрэхтэһиини сырдатыыбын олохтоохтор бэлэмнэниилэриттэн саҕалыыбын. Улуустааҕы спорт управлениетын начальнигын солбуйааччы Сергей Софронов түмүгү таһаарыыга күрэхтэһии үрдүк таһымҥа тэриллибитин уонна кэккэ биричиинэнэн кэмигэр ыытыллыбакка көспүтүттэн кыттааччы аҕыйаабытын бэлиэтээтэ.

Көрөөччүлэр спортсменнар үрдэтиллибит, үөһэттэн уотунан сырдатыллыбыт муостаҕа сытыы, хатыһыылаах киирсиилэри астына-дуоһуйа көрдүлэр. Помост аллараа өттө реклама баннерынан эргитиллибит. Тохтобулга уота-күөһэ оонньоон, музыка тыаһаан ылара сэргэхсийиини таһаарар. Ыытааччылар биир оннук көстүүлээх сиргэ олорон үлэлээтилэр. Нэһилиэк баһылыга Лев Новгородов бэйэтинэн сэргэхтик комментатордаата, хас киирсии аайы ыалдьааччылары күөртээн, тыҥааһыны улаатыннарда.

Бу күрэхтэһиигэ Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатыттан анал формалаах 10 оҕо волонтердаата. Тиһигин быспакка көрүүгэ боротокуол ыйаныытын, табло үлэтин, видеоҕа устууну, анал сиргэ спортсменнар таҥастарын, суумкаларын чөкө ууран көрүүгэ, гардеробка таҥас ыйааһыныгар, бэрээдэги көрүүгэ эппиэтинэстээхтик үлэлээтилэр. Этэрээт хамандыыра – 10 кыл. үөрэнээччитэ Андрей Иванов. Волонтердары киһи өрөспүүбүлүкэ, онтон да үрдүк таһымнаах күрэхтэһиилэргэ көрөбүт, онон улууспут комплекснай спартакиадатын күрэхтэһиитигэр бу саҥа сүүрээн киирбит диэн сыаналаатым.

Икки күн устата спортсменнары, көрөөччүлэри итии аһылыгынан, чэйинэн, утаҕынан дэлэччи 2 Хомустаах орто оскуолата, врачебнай амбулатория тэрилтэлэрэ уонна биирдиилээн ыалтан Саргылана Саввична дьүөгэтинээн Анна Никитична Протопоповалар күндүлээтилэр-маанылаатылар. Нэһилиэк дьаһалтата күрэхтэһиигэ суолта биэрэн, күүстэрин, сүбэлэрин холбоон, тэрилтэлэрин кытыннаран, күрэхтэһиини спорт бырааһынньыгар кубулуппута көрөөччүлэри улаханнык астыннарда. Эдэр мадьынылар Салбаҥтан Петр Лугинов, Хатыҥ Арыыттан Денис Федоров, 1 Хомустаахтан Георгий Соловьев, 2 Хомустаахтан 10-с кылааска үөрэнэр Альберт Осипов сытыы киирсиилэринэн көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ыллылар. Бу уолаттар ааттарын өссө да элбэхтик истиэхпит, бэйэлэрин көрдөрөн иһиэхтэрэ. Нэһилиэктэргэ мас тардыһыытын көрүҥэ сайдан иһэрэ харахха быраҕыллар.

Мас тардыһыытын икки күннээх күрэхтэһиитин хамаанданан түмүгэ маннык буолла:

1 м.-2 Хомустаах (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс -8 , үрүҥ көмүс-3 , боруонса-7),

2 м.-Хатыҥ Арыы (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-6, үрүҥ көмүс-6, боруонса-0),

3 м.-1 Хомустаах (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-3, үрүҥ көмүс-4, боруонса-5),

4м. — Модут (мэтээллэрэ: үрүҥ көмүс-1, боруонса-1),

5м. — Хамаҕатта (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-2, үрүҥ көмүс-2),

6м. — Хатырык (мэтээллэрэ: үрүҥ көмүс-1, боруонса-1),

7м. — Көбөкөн (мэтээллэрэ: үрүҥ көмүс-1),

8м. — Ленскэй нэһ. (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-1, үрүҥ көмүс-1, боруонса-3),

9м. — Партизан (мэтээллэрэ: үрүҥ көмүс-1),

10м.- Үөдэй (мэтээллэрэ: боруонса-3),

11м.- Нам техникума,

12м.- Салбаҥ (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-1),

13м.- НПК (мэтээллэрэ: кыһыл көмүс-1, боруонса-1),

14м.- Искра.

Спортсменнар биирдиилээн көрдөрүүлэрин түмүгэ:

Бэтэрээн эр дьоҥҥо:

65 кг диэри

1 м.– Ширяев Никита, 2 Хомустаах,

2 м. — Софронов Дьулус, 1 Хомустаах,

3 м. — Бурнашев Семен, Ленскэй.

75 кг диэри

1м.-Гладков Анатолий, Ленскэй,

2 м.-Константинов Николай, 1 Хомустаах,

3 м.-Голиков Александр, Үөдэй.

85 кг диэри

1 м.- Собакин Алексей, Хатыҥ Арыы,

2 м.– Матаннанов Афанасий, Ленскэй,

3 м.– Яковлев Александр, Үөдэй.

95 кг диэри

1 м.-Новгородов Лев, 2 Хомустаах,

2 м.– Федоров Дмитрий, Партизан,

3 м.– Кириллин Айсен, Ленскэй.

95 кг үөһэ

1 м.-Баишев Роман, Хамаҕатта,

2 м.–Андреев Сергей, Хатыҥ Арыы,

3 м.–Гоголев Ефим, Модут.

Дьахталларга:

50 кг диэри

1м.- Протопопова Мария, 2 Хомустаах,

2 м.- Бережнева Ильина, Хатыҥ Арыы,

3 м.– Копырина Ньургуяна. 2 Хомустаах.

55 кг диэри

1 м.- Попова Розанна, Хатыҥ Арыы,

2 м.– Протопопова Василиса, 2 Хомустаах,

3 м.– Жиркова Светлана, 1 Хомустаах.

60 кг диэри

1 м.- Иванова Людмила, 1 Хомустаах,

2 м. – Ширяева Александра, Хатыҥ Арыы,

3 м. – Потапова Айыына, 2 Хомустаах.

65 кг диэри

1 м. – Слепцова Лена, Хатыҥ Арыы,

2 м.- Жиркова Октябрина, Хамаҕатта,

3 м – Слепцова Олеся, 1 Хомустаах.

75 кг диэри

1 м.– Павлова Сайыына, Намнааҕы педколледж,

2 м.– Оконешникова Елена, Хатыҥ Арыы,

3 м.– Сивцева Светлана, 1 Хомустаах.

85 кг диэри

1 м.– Новгородова Рокслана, Хатыҥ Арыы,

2 м.– Кутукова Анна, Хатырык,

3 м.– Данилова Валентина, 1 Хомустаах.

85 кг үөһэ

1 м.– Старкова Наталья, Хатыҥ Арыы,

2 м.– Ядрихинская Ньургуйана, Көбөкөн,

3 м.– Копырина Анна, 2 Хомустаах.

Эр дьоҥҥо:

60 кг диэри

1м.-Лугинов Петр, Салбаҥ,

2м. -Осипов Альберт, 2 Хомустаах,

3м. –Ширяев Нюргун, 2 Хомустаах.

65 кг диэри

1м.-Соловьев Георгий, 1 Хомустаах,

2м.-Соловьев Станислав, 1 Хомустаах,

3м.-Протопопов Савва, 2 Хомустаах.

70 кг диэри

1м.-Охлопков Айысхан, 2 Хомустаах,

2м.-Юлиан Николаев, Хатын Арыы,

3м.-Айсен Парников, Хатырык.

75 кг диэри

1м.-Константинов Сергей, 1 Хомустаах,

2м.-Ньургун Протопопов, 2 Хомустаах

3м.-Кирилл Ксенофонтов, 2 Хомустаах.

80 кг диэри

1м.-Ширяев Андрей, 2 Хомустаах,

2м.-Охлопков Ким, 1 Хомустаах,

3м.-Соловьев Александр, 2 Хомустаах.

90 кг диэри

1м.-Егор Протопопов, 2 Хомустаах,

2м.-Нератов Сайтама, Хамаҕатта,

3м.-Замаратскай Валерий, 1 Хомустаах.

105 кг диэри

1м.-Уваровскай Петр, 2 Хомустаах,

2м.-Яковлев Вячеслав, Хатыҥ Арыы,

3м.-Обутов Эдуард, НПК.

125 кг диэри

1м.-Семенов Сандал, 2 Хомустаах,

2м.-Иванов Ариан, Модут,

3м.-Нератов Юрий, Үөдэй.

125 кг үөһэ

1м.-Федоров Денис, Хатыҥ Арыы,

2м.-Барашков Олег, Хамаҕатта,

3м.-Яковлев Иван, Ленскэй.

Касьян Олесов-Олук