Муус устар 27 күнүгэр 2 Хомустаах дьоно-сэргэтэ, тэрилтэлэрэ, оскуола оҕолоро кыттыылаах, плакат, былаах, лозунг тутан сэлэлии хааман, Өрөспүбүлүкэбит күнүн биир сомоҕо буолан уруйдаатыбыт-айхаллаатыбыт. Ол кэнниттэн үөрүүлээх тэрээһиммит «Сэргэлээх» култуура, спорт киинигэр салҕанна. Өрөспүүбүлүкэбит, Нам улууһун өрөгөй ырыаларын толоруу кэнниттэн аҕа баһылыкпыт Лев Новгородов эҕэрдэлээн тыл эттэ. Аҕам саастаах бэтэрээннэр Петр Тарскай, Мария Гоголева, Надежда Сивцева историяны сырдатан кэпсээтилэр. Квартет толоруутугар — «Сахам сирэ», хор толоруутугар нэһилиэкпит өрөгөйүн ырыата — «Хомустааҕы таптааҥ» дуорайа көттө.
Онтон өбүгэ саҕаттан үгэскэ кубулуйбут оһуохай киэҥ түһүлгэтэ саҕаланна. Манна оскуола үөрэнээччилэрин уһуйбут Татьяна Старкова, улууһунан арааран этэргэ такайбыт Елена Максимова оҕолоро араас улуус оһуохайдарын сэргэхтик, чуордук этэн таһаардылар. Оһуохай киэҥ түһүлгэтин тиһэҕэр тиэрдиэхтэригэр диэри биир тэҥник туппуттара барыбытын астыннарда. Бу күҥҥэ диэри илдьэ кэлбит оһуохайбытын оҕолорбут олус бэркэ таһааран, барыбытын тэҥҥэ тутан оһуохайдаттылар, олус дуоһуйдубут, киэҥ туттуу холобурунан буолла. Салайааччыларга олохтоохтор, төрөппүттэр ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Саха норуотун оһуохайдыыр үтүө үгэһэ салгыы өссө да үүнэ-сайда турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Киэһээҥҥи өттүгэр «Мин өрөспүүбүлүкэм — мин төрөөбүт дьиэм» өркөн өй оонньуута тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ олохтоох библиотекарь Елена Слепцова араас ис хоһоонноох ыйытыылары бэлэмнээн, кыайа-хото тутан сэргэхтик ыытта. Түөрт хамаанда бэрт тыҥааһыннаахтык кииристэ. Түмүгэр кыайыылааҕынан Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатын коллектива таҕыста. 2м. — «Хомус» оҕо уһуйаанын, 3м. – балыыһа, 4м. – олохтоох дьаһалта хамаандалара ыллылар.
Киэҥ далааһыннаахтык, ис хоһоонноохтук ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит күнэ саха норуотугар, хас биирдиибитигэр өрөгөй күнүнэн айхаллана, уруйдана туруо.
Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах.