«Сделано в Намском улусе» бэлиэлээх табаардар дьаарбаҥката Хамаҕатта нэһилиэгин «Фортуна» банкеттыыр саалаҕа буолла.
Улуус нэһилиэктэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын билиһиннэрдилэр, атыылаатылар. Манна олохтоох оҕуруот аһа, мүөт, эт астан полуфабрикаттар бааллар. Ииһинэн дьарыктанааччылартан «Куба», «Саары» табаардара сонуннук көстөллөр.
Оскуола оҕолоро эмиэ кыттыбыттар. Салбаҥтан эмтээх оттору, мыыланы, сиэлтэн массаастыыр оҥоһугу, тэтиҥтэн тимэхтэри холбоон доруобуйаҕа туһалаах набору бэлэмнээбиттэр. 1 Хомустаах үөрэнээччилэрэ сувенирнай оҥоһуктарын, эмтээх отторун олус сиэдэрэйдик суулаан-хаалаан аҕалбыттар. 11 кылаас үөрэнээччитэ Гаврил Терентьев бэрт үөрүйэхтик атыытын рекламалыыр. Намтан «Түөлбэ» оҕо кииниттэн таҥас суумкалары, үлэ үтүлүгүн, онтон да атын наадалааҕы тикпиттэр. Хатыҥ Арыы оскуолатын оҕолоро сахалыы сиэргэ-туомҥа туттуллар туой иһиттэрин кэккэлэппиттэр. Оскуолалар оҥорон таһаарыынан дьарыктаналларын кэрэхсээтим.
Ити курдук, улууска Бизнес-инкубатор саҥа сонун тэрээһини аан бастаан ыытта.
Мария Винокурова