Хамаҕаттаҕа таайтарыылаах таҥха киэһэтэ ыытылынна

Кыһыҥҥы уһун кэмҥэ өбүгэ саҕаттан тохсунньуга таҥха кэмэ ыытыллара. Бу кэмҥэ айылҕа иһийэн утуйа сытар кэмэ, туох барыта уу-чуумпу. Ол бириэмэҕэ таҥха таайтарыылаах кэмэ саҕаланар этэ. Былыргы таайтарыылартан бүгүҥҥээҥҥэ диэри кэлбит бүлүүһэ сүүрдүүтэ, күлүгү көрүү, биһилэх көрүү, уунан билгэлэнии курдук көрүҥнэр көстөллөр.

Хамаҕаттаҕа тохсунньу 18 күнүгэр «Таайтарыылаах Таҥха» киэһэтэ ыытылынна. Бу тиэмэҕэ сөптөөх кинигэ быыстапката тэрилиннэ, бибилэтиэкэр Корякина Марина Саввична, “Тупсууна” дьахтар сүбэтэ, Пухова Анастасия Ивановна , “Барахсаана” түмсүү, Заровняева Анна Захаровна, бэтэрээн учууталлар Дунаева Роза Романовна, Посельская Александра Лукинична мустубут оҕолорго таҥха туһунан иһитиннэрии оҥордулар, бэйэлэрин сүбэлэрин-амаларын биэрдилэр. Ону тэҥэ, Никольскай нэhилиэгиттэн Сир музейын дириэктэрэ Протопопова Прасковья Романовна былыргы өбүгэлэрбит оонньуурдарын билиһиннэрдэ. Оҕолор бары оонньоон боруобалаан көрдүлэр, сэҥээрдилэр. Бу күн Хамаҕатта орто оскуолатын 7 “а”, 7 “б”, 8 “а”, 8 “б” кылааһын оҕолорун саха тылын уонна литературатын учуутала А.Ф. Васильева түмэн, нэһилиэк балаҕаныгар кэлэн сиһилии иһиттилэр.

Оҕолорго сүнньүнэн таҥха диэн тугун сиһилии билиһиннэрии, кэпсэтии, ырытыы киэһэтэ буолан ааста. Оҕолор бары болҕойон сэҥээрэн олорон иһиттилэр, элбэҕи билэн-көрөн, астынан, сөҕөн-махтайан тарҕастылар.

Таҥха, ол эбэтэр “Таҥханы иһиллээһин” диэн сахалар тохсунньу ыйыгар буолар таайар кэмнэрэ. Бу бириэмэҕэ туох буоларын иһиллиэххэ сөп диэн итэҕэйэллэр. Тэрээhини оҥорбут “Тупсууна” дьахтар сүбэтигэр, бибилэтиэкэр Корякина Марина Саввичнаҕа махтанабыт. Кыттыыны ылбыт дьоҥҥо наставниктар сэбиэттэрин чилиэттэригэр Посельская Александра Лукиничнаҕа, Назарова Дария Максимовнаҕа, Заровняева Анна Захаровна барыгытыгар махтал истиҥэ буоллун.

Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын учууталлара