Нам улууһуттан Прокопий Саввинов Дойду Президенэ Владимир Путин илии баттааһыннаах “За заслуги перед Отечеством” II-с истиэпэннээх мэтээл уордьанынан наҕараадаланна.
Ленскэй нэһилиэк олохтооҕо Прокопий Саввинов быстах байыаннай дьайыыга былырыын күһүн баҕа өттүнэн баран, олунньуга сулууспата түмүктэнэн дойдутугар эргиллибитэ.
“Россия судаарыстыбаннай наҕараадатын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев от ыйын 17 күнүгэр туттарбыта. Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу үрдүк наҕараадатын илиигэ ылыы, улахан чиэс уонна бочуот”, – диир взвод хамандыыра Саввинов.
Бүлүүттэн төрүттээх Прокопий Саввинов 1988 сыллаахха кэргэнин, Көбөкөн кыыһын Акулина Борисовнаны көрсөн Нам улууһугар олохсуйбуттара. Саас ортолоох эр дьон тоҕо, туохха дураһыйан сэрии толоонугар айанныырый, айанныы сатыырый диэн ыйытыы үөскүүр. Бэйэлэрин кэмнэригэр патриоттуу тыыҥҥа иитиллибитттэр, олоҕу саҥа билэн эрэр ыччаты харыстыыр туһуттан, баҕа өттүнэн баралларын кэпсэтээччибит бигэргэтэр. Прокопий Саввинов бу курдук өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо киирсэн, сыал-сорук туруорунан айаннаабыт саллаат буолар!
Байыаннай дьайыыга кинилэр батальон хамандыыра Василий Егоров салайааччылаах “Барс-2” этэрээккэ сылдьыбыттар. Биллэн турар, байыаннай дьайыыга усулуобуйата, балаһыанньата ыараханын милииссийэ эйгэтигэр 26 сыл үлэлээбит майор Прокопий Саввинов этэр. Саха сириттэн бастакынан комбат буолбут Василий Егоров сатабыллаах салайыытынан, саха этэрээтэ дойдутугар эргиллибитин Прокопий Саввинов бигэргэтэр. Хорсун, мындыр хамандыыр Василий Егоров “Орден мужества” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
“Биһиги штурмовой биригээдэбит окуопанан, арааһынай сирдэринэн, сэрии толоонунан, туох баары барытынан ааспыппыт. Онно туохха-туохха түбэспэтэхпит буолуой?! Сахалар айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Хайдах баҕарар усулуобуйаҕа бэлэм буолабыт, түргэнник үөрэнэбит. Бу иннинэ Кавказ сиригэр-уотугар иккитэ командировкалана сылдьыбытым. Онон арыый билэр, үөрүйэхтээх буоллаҕым. Биһиэхэ дьон үтүө тылы эттэҕинэ, үтүө санааны анаатаҕына уоскутар.
Бииргэ сылдьыбыт убайдыы-бырааттыы бойобуой доҕотторбор, ким да кими да түһэн биэрбэтэх, кутталы, өлүүнү кыана, кыайа туппут уолаттарбар махталбын тириэрдэбин! Биһиги үрдүбүтүнэн сырдык халлаан уһуннун, эйэ баар буоллун!” – диэн кэпсиир байыаннай дьайыы кыттыылааҕа.
Петр Сокольников, Ленскэй нэһилиэк баһылыга:
— Прокопий Саввинов биир кэмҥэ Анаабыр Үрүҥ Хайатыгар, сибээс суох сиригэр соҕотоҕун участковайдаабыта. Дьон-сэргэ хоту дойдуну тыйыс, ыарахан усулуобуйалаах диэн билинэллэр. Хоту дойду дьоно Прокопийы көнө майгылааҕын, бардамнаабакка киһи-киһитэ буоларын, сиэрдээхтик сыһыаннаһарын, сөбүлүүллэрин истэрим. Ол курдук, анаабырдар кинини бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытын да кэнниттэн, төттөрү хаста да ыҥыран турардаахтар. “Үчүгэй үлэлээх, көнө сүрүннээх киһини көрбөтөҕүм” диэн баһылыктара бэйэтинэн эппиттээх.
Прокопий сүрүн хаачыстыбалара – сахалыы майгылаах, эйэҕэс, дьону кытта уопсай тыл булар уонна саамай кылаабынайа — эппит тылыгар турар. Киһи эрэ барыта “За заслуги перед Отечеством” II истиэпэннээх уордьаны ылбат. Онуоха Нам улууһуттан бу үрдүк наҕарааданы бастакынан Прокопий Саввинов ылбытыттан киэн туттабын! Ленскэй нэһилиэк олохтооҕо улахан суолталаах мэтээл уордьанын туппутун билинэн, өйдөөн эҕэрдэлиибит!
Харысхан Попов