Оҕуруотчуттар сайын устата бүөбэйдээбит оҕуруот аһын көмүс күһүн хомуйар кэмнэрэ.
Петр Сокольников баһылыктаах Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата Бөтүҥ олохтооҕо, кэтэх хаһаайыстыбалаах аҕам саастаах Михаил Сивцев дьиэ кэргэнигэр күүс-көмө буолла.
Туохха барытыгар, нэһилиэнньэҕэ бастаан бас-көс дьон, салалта бэйэтинэн холобур буолуохтаах диэн дириҥ өйдөбүл баар.
«Бэҕэһээ үлэһиттэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Сивцев Михаил Петрович икки бааһынатыгар моркуоп хомуйуутугар сырыттыбыт. Күн-дьыл туран, үлэһит дьон бааһыналарын, оҕуруоттарын үмүрүтүүгэ таҕыстылар диэххэ наада.
Туох барыта үлэттэн тахсар. Бу да сырыыга, кырдьаҕастар декадалара саҕаламмытынан, аҕам саастаахтарбытын оҕуруот аһынан күндүлүөхпүт.
Ону тэҥэ, бэҕэһээ Ленскэй нэһилиэк Аҕа сүбэтэ инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар дьиэлэригэр субуотунньуктаатылар», — диир баһылык Петр Григорьевич.
Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ