Аҕам саастаахтар спартакиадалара: Хоту нэһилиэктэртэн тирэхтэнэн

Нам улууһун аҕам саастаахтарыгар муус устар 20 күнүгэр кыһыҥҥы спартакиада буолан ааспыта. Хамаҕатта, Партизан, Бөтүҥ, Хатыҥ Арыы, Модут, Таастаах, Нам сэлиэнньэтиттэн турбут 2 хамаанда дартс, корнхол, хабылык, хаамыска, мээчигинэн сыал быраҕыы, көрдөөх старт түһүмэхтэригэр көрсүбүттэрэ.

Спартакиада түмүгүнэн дартска 3-с миэстэни, корнхолга 2-с миэстэни, хабылык, хаамыска 1 м, мээчигинэн сыал быраҕыыга 5-с м, бэһиэлэй старка 1 м ылбыт Нам-1 хамаандата кыайыылааҕынан ааттаммыта. Кыайыылаахтартан 4 очукуонан хаалбыт Бөтүҥ ветераннара 2-с миэстэҕэ тахсыбыттара. 2 очукуо арыттаах Хатыҥ Арыы хамаандата боруонса мэтээли кэппитэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, аҕам саастаахтарбыт бэрт тыҥааһыннаахтык күрэхтэспиттэрэ көстөр. Модут нэһилиэгэ 20 очукуолаах, Нам 2-с хамаандата 22 очукуо, Таастаах 24 очукуо, Хамаҕатта 32 очукуо, Партизан 36 очукуо суруммуттарыттан, кыайыыга дьулууру тиһэҕэр тиийэ ыыппыттара.

Спартакиадаҕа урукку сылларга мэлдьи улуус хоту нэһилиэктэрэ кытталлара. Онон спартакиада хоту нэһилиэктэртэн тирэх ылан тахсыбытын бэлиэтиибит. Күрэхтэһиигэ Нам улууһун бука бары аҕам саастаахтара кыттыыны ылалларыгар кыаҕы биэрбит киһинэн Тихон Карамзин ааттанар.

Харысхан Попов

Читайте дальше