Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгэр “Буойун” түмсүү бэрэссэдээтэлэ Павел Оконешников, улуус байыаннай комиссара Владислав Васильев байыаннай дьайыыттан быстах кэмҥэ сынньалаҥҥа кэлбит 8 уолу кытта көрсөн кэпсэттилэр.
Ол курдук, кулун тутар 9 күнүгэр ыытыллыбыт көрсүһүүгэ билиҥҥи буола турар быһыы, улуустан, өрөспүүбүлүкэттэн оҥоһуллар көмөлөр туһунан кэпсэттилэр, инникигэ эрэллээх буоларга баҕа санаалары, сүбэлэри эттилэр. Уолаттар уоппускаҕа кэлээччилэри кытта маннык көрсүһүү наадалааҕын эттилэр. Биир дойдулаахтарын өйөбүллэрэ, болҕомтолоро, алгыс тыллара бу кэмҥэ олус наадалааҕын, суолталааҕын этэн туран, истиҥник махтаннылар. Уолаттарбыт туруктара этэҥҥэтин, санаалара бөҕөҕүн үөрэ, бэлиэтии көрдүлэр.
Байыастарбытыгар бу сынньалаҥнарын кэмигэр дойдуларыттан күүс-уох ылан, холкутуйан, санаалыын, ис куттуун бөҕөргөөн, туруктарын тупсарыналларыгар, чэгиэн буолалларыгар Хатырык нэһилиэгиттэн алгысчыт, тимир ууһа Лоҥхо Өлөксөй уот иччитин нөҥүө үөһээ Айыыларга сүгүрүйэн сиэр-туом оҥордо.
Лена Корякина