Аан дойду ууһуттарын ууһута түмэлгэ дьоһун бэлэҕи туттарда

Намнааҕы история уонна этнография түмэлиттэн Мария Петрова иһитиннэрбитинэн, бүгүн биир дойдулаахпыт 2013 с. аан дойду рекордун кинигэтигэр киирбит экстремал-ууһут, Афанасий Васильевич Дьячковский өттүк харалаах ыалдьыттаата.

Күннэтэ көрөр биир дойдулаахпыт киһи-аймах улахан ситиһиитин кэпсиир туоһу суруктарын, мэтээллэрин биһиги түмэлбит директорыгар Александр Иванович Копыриҥҥа туттарда.

 

Афанасий Васильевич рекорд кинигэтигэр «Чукотка-Аляска-2013” диэн күрэхтэһиигэ хамаанданан ситиһиилээхтик кыттан киирбитэ. Манна 60-ча экстремал-ууһут (аҥардас Саха сириттэн 3 киһи!) кыттыыны ылбыт. Дежнев тумуһуттан Принц Уэльскай  тумуһугар диэри -2 С — +4 С температуралаах ууга, уопсайа 130 км. устан харбаабыттар.

 

Онон экстремал-ууһут, аан дойду ууһуттарын ууһута Афанасий Васильевич киһи-аймах тулуурун, дьулуурун, кыаҕын дакаастаабыт ураты киһибит буолар. Кини ити ситиһиилэрин туоһулуур сэдэх малын төрөөбүт улууһун дьоно эт харахтарынан көрөллөрүгэр үөрэ-көтө туттарбытыттан олус диэн үөрдүбүт, долгуйдубут.

Читайте дальше