«Ай-тыл» фольклорнай бөлөх Калининградскай уобаласка

Бэс ыйын 30 күнүгэр Калининградсай уобаласка аан маҥнай норуоттар икки ардыларынааҕы 1-кы норуот айар талааннаахтарын «СахаФест Балтика — 2024″ бэстэбээл буолан ааста.

Калининградскай уобалас Пионерскай курорт куоракка аан маҥнай дойдубут араас муннуктарыттан уонна атын омук дойдуларыттан кэлэн кытыннылар. Бу барыта хас биирдии омук бэйэ бэйэтин кытта култуурунай сибээһи олохтууругар, спорт, туризм, сайдыытыгар ананар бэстэбээл. Кыттааччылар ырыа, үҥкүү, фольклор араас көрүҥэр киирсэн, ону таһынан Марокко, Сирия, Гвинеи-Бисау, Таджикистан уо. д.а. бэйэлэрин омуктарын култууратын киэҥник тарҕата көрдөрдүлэр.

Бу бэстэбээл бары кыттыбыт кыттааччылары биир сомоҕо оҥорон холбоон эйэлээх, түмсүүлээх буолууну, ханнык даҕаны тастан өтөн киирэр хара сидьиҥ санаалаахтар быһа көтөн киирбэттэрин туоһулуур сыаллаах буолла.

Бэстибээли иилээн — саҕалаан ыыттылар Саха сириттэн «Якутское землячество» түмсүү бэрэссэдээтэл Владимир Окоёмов уонна Оксана Егорова; Калининградсай уобалас, Пионерскай куорат «Светоч» култуура сынньалаҥ киинин директора Вячеслав Леонидов,; Калининградскай уобалас » Пионерский уокурук» муниципальнай тэриллии баһылыга Леонид Шибаев; ООО » Гудвил» директора Григорий Сабан.

Тэрээһин арыллыытын сиэрин — туомун, алгыһын оҥордулар Нам улууһун культуратын үлэһиттэрин айымньыылах тыллаах «Ай-тыл» фольклор бөлөҕө Үөдэйтэн Геннадий Игнатьев, Партизантан Мария Аргунова, Хатыҥ — Арыыттан Марианна Винокурова, Намтан Сахаайа Колодезникова, Вера Цыпандина.

Нам улууһун чиэһин көмүскээн «Ай-тыл» бөлөх  кыттыыны ылла уонна норуот ырыатынан куонкуруска кыттан Гран — при үрдүк ааты сүктэ.

Биирдиилээн кыттааччыларга Геннадий Игнатьев «Инстументал» куонкуруска «Лауреат 1-й степени » буолла, Сахаайа Колодезникова » Вокал» куонкуруска » Лауреат 1-й степени» буолла,


Мас реслиҥҥа
РФ мас реслинг маастара — Наталия Старкова Пионерскай куоракка оҕолорго маастар кылаас уонна күрэх ыытан сэргэхситтэ.

Нам улууһун бэрэстэбиитэллэрин
«Нам улууһа» МТ баһылыгы солбуйааччы Петр Сергучев салайан илдьэ сырытта.

Лена Корякина