От ыйын 8-9 күннэригэр Красноярскай кыраай Эбэҥки оройуонун Дьэһиэй бөһүөлэгэ тэриллибитэ 395 үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр Саха сириттэн делегация тиийэн ыалдьыттаата. Делегация салайааччыта – СР культура уонна духуобунай сайдыы министрин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев. Нам улууһуттан Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров уонна И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы историяны уонна кыраайы үөрэтэр музей директора Афанасий Христофоров кыттан кэллилэр.
Биллэрин курдук, 400-чэ сыл анараа өттүгэр сахалар Красноярскай кыраайга улуу эбэҕэ тиийэн олохсуйбуттар. Устата-туората биллибэт улуу эбэҕэ 100-нэн үрэхтэр киирэллэр уонна онтон биир эрэ Сиикэй Сээн диэн өрүс тахсар. Бу эбэ 33 км усталаах, 28 км туоралаах, балыгынан олус баай. Дьэһиэй сахалара сүрүннээн таба кыылы бултаан, балыктаан ииттинэн олороллор. Эбэҥки оройуонун бүтүннүүтүн аһынан-үөлүнэн хааччыйан олорор бөһүөлэгинэн Дьэһиэй буолар. Улахан тэрээһиннэргэ, дьаарбаҥкаларга барытын мантан хааччыналлар эбит. Дьэһиэйгэ Өспөх, Оһоҕостоох, Чордуу, Бэти, Ботулуу уонна Маймаҕа аҕа уустара баара биллэр.
Александр Егоров маннык кэпсиир:
— Дьокуускай аэропордуттан Өлөөҥҥө, онтон вертолетунан 2 чааска тиийбэтинэн Дьэһиэйгэ көтөн тиийбиппит. Маннык рейс 90-с сыллардаахха сылдьыбыт эбит. Красноярскайынан бэйэтинэн айаннаабыппыт буоллар бэрт эргиирдээх, ороскуоттаах айан буолуо эбит.
Эбэҥки оройуонун киинэ – Тура бөһүөлэк. Онтон Дьэһиэйгэ диэри 2 чаастан ордук көтөллөр эбит. Дьэһиэй Эбэҥки оройуонун саамай элбэх нэһилиэнньэлээх бөһүөлэгэ буолар. Дьэһиэй баһылыгынан Галина Ботулу ситиһиилээхтик үлэлиир. Нэһилиэнньэтин ахсаана – 800-чэ киһи. Бэрт сайдыылаахтык олороллорун көрөн олуһун диэн үөрдүбүт. Саҥа таас оскуола, ФАП, сылы эргиччи үлэлиир оҕо уһуйаана барыта баар. Оскуолаҕа 150-тан тахса оҕо үөрэнэр, уһуйаан 75 иитиллээччилээх.
Дьэһиэй сахалара бэйэлэрин хотугу аҕыйах ахсааннаах омук ахсааныгар киллэрбиттэр. Онон, дьиэ-уот тутталларыгар, араас өҥөҕө чэпчэтии бөҕө көрүллэр эбит. Бөһүөлэк урукку баһылыга Сергей Маймага билигин биир тутаах, барытын дьаһайа олорор киһинэн буолар. Олус бэркэ көрсөн, дьиэбитигэр курдук сылдьан кэллибит. Санатан этэр буоллахха, 2010 сыллаахха Маймаҕа нэһилиэгэр үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар Сергей Маймага уонна Геннадий Маймага күндү ыалдьыт буолан кэлэн билсэн-көрсөн барбыттара. «Маймаҕа Ийэ сирэ» диэн мөһөөччүккэ Маймаҕа сирин буорун илдьэн Дьэһиэйгэ олорор Маймаҕаттан төрүттээхтэргэ туттардым, олус үөрэн махтаннылар.
Уопсайынан нуучча тылын саҥарбакка, уу сахалыы кэпсэтэн-ипсэтэн, хайдах эрэ, ыаллыы улууска сылдьыбыт курдук сананан кэллибит. Ыһыахха бары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ киһи хараҕын үөрдэр. Тылбыт биир, сорох түөлбэ тыллара атын соҕус. Сөхпүтүм диэн «һ» дорҕоонунан саҥараллар: һаха, һарсын, һаҥарда… Урут өбүгэлэрбит тылларын-өстөрүн санатар курдук. Дьэһиэй сахаларын олоҥхото диэн баар эбит. Ол олоҥхону чинчийэн, үөрэтэн, эһиил Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн кыттыҥ, Дьэһиэй сахалара баарбыт диэн ааккытын ааттатыҥ диэн Афанасий Иванович этии киллэрдэ.
5 сылынан 400 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтиэхтэрэ, эмиэ киэҥ былааннаах үлэ, кэлии-барыы буолара буолуо.
Бэйэлэрин бэйэлэригэр олорор буолан, сахалар тиийбиппитигэр долгуйдулар даҕаны, үөрдүлэр даҕаны. Олохторо-дьаһахтара үчүгэйиттэн, этэҥҥэ олороллоруттан киһи эрэ үөрэр. Кэлии-барыы төһө да сыаналаах буоллар сырыы тохтообот эбит. Саҥа дьиэ бөҕө тутулла турар. Улахан дьиэлэр, уотунан оттунан олороллор. Ортотунан 5-6 оҕолоохтор. Бэйэбит сахалар диэн омуктарын өрө тутан олороллор. Кэлии омугу киллэрии бырыһыанынан көрдөххө олох аҕыйах, суох да кэриэтэ.
Манна Дьокуускай куоракка Дьэһиэйтэн төрүттээхтэр эмиэ көрсүһэн, тэринэ, былааннана сылдьаллар. Атын регионнарга олорор сахалар түмсэллэрэ киһини үөрдэр эрэ. Бэйэлэрин тылларын-өстөрүн, культураларын ытыгылаан илдьэ сылдьаллара олус кэрэхсэбиллээх.
Уопсайынан бу сырыыбыт сүрүн сыала-соруга – Дьэһиэй кэнчээри ыччата үөрэххэ, үлэҕэ киириитигэр, төрүт тылларын, культураларын сайыннарыыга төһүү күүс буоларбытыгар элбэх кэпсэтиилэр сөбүлэһиилэр ыытылыннылар.
Саха республикатын Правительствотыгар, улуус баһылыгар Юрий Слепцовка, улуус дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэригэр, «Алроса» тэрилтэҕэ айаммытын көҕүлээн, дьаһайан, көмөлөһөн ыыппыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Өссө да дьоммутун-сэргэбитин түмэ, сомоҕолоһуннара туруҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Төһө даҕаны ыраах олорор биир дойдулаахтарбытын кытта сибээспитин бөҕөргөтөн, ситиммитин быспакка аймахтаһыыбыт өссө күүһүрүө диэн эрэнэбин.
Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата