Бүгүн бэс ыйын 6 күнүгэр киһи-аймах нуучча улуу суруйааччыта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын бэлиэтиир. Бу ураты күнүнэн В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицей нуучча тылын уонна литературатын учуутала Антонина Евсеева:
- Улуу поэт Александр Пушкин айымньыларын сахалыы саҥардыбыт норуокка биллэр саха поэттара элбэхтэр. Биһиги биир дойдулаахпыт В.В.Ушницкай-Сэки Пушкинтан тылбаастарын ааҕан, ырытан, атын тылбаастарга тэҥнээн көрөргө холоммуппут. Үөрэнээччим Шелковникова Оля А.Пушкин «Я помню чудное мгновенье”, “Я памятник воздвиг себе нерукотворный”, “Цветок”, “Храни меня, мой талисман” хоһооннорун саха поэттара, ол иһигэр Сэки тылбаастарын тэҥнээн, ырытан дакылаат суруйан “Инникигэ хардыы” научнай конференцияларга улууска Лауреат, республикаҕа Дипломант, Бүтүн Россиятааҕы конференцияҕа Ярославль куоракка 1 миэстэ ылары ситиспитэ. Пушкины сахалыы саҥардыахха сөбүн, саха тыла баайын, дириҥин, саха поэттарын тылбаастарыгар тыллар хатыламмакка айымньы ис хоһоонун арыйалларын, Александр Пушкин поэзията хас биирдиибитигэр чугаһын бигэргэппитэ.
Холобурга, «Я помню чудное мгновенье» Сэки тылбааһыгар:
Өйдүүбүн мин дьикти түгэммин
Көстөөт да сүтэр дьэргэлгэннии,
Иннибэр баар буола түһэргин
Килбиэн кэрэ генийинии.
Эрэлэ суох муҥ көрөрбөр
Сүпсүк олохпун чэпчэтэн,
Түүлбэр киирэрэ өр да өр
Куолаһыҥ, күндү сэбэрэҥ.
Буурҕа будулҕан дьыллар ааһан
Баҕа санаабын үрэйэн,
Умнулунна эн нарын саҥаҥ,
Аанньаллыы кэрэ бэйэккэҥ.
Түҥкэтэх сир түҥ хааччаҕар
Күннэрим сыылан аастылар,
Таҥара, таптал, ытыыр, айар,
Олох – барыта умнуллар.
Дууһабын эмиэ эймэнитэн,
Көстөөт сүтэр дьэргэлгэннии,
Эргиллэн кэллиҥ иккистээн
Килбиэн кэрэ генийинии.
Сүрэх эмиэ эппэйэ тэбэр,
Киниэхэ дьэ хаттаан тиллэр
Таҥара, таптал, ытыыр, иэйэр,
Олох – барыта эргиллэр.
Мария Винокурова