Күндү сахам дьоно!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан кэлэн иһэр Саҥа 2025 сылынан уонна Ороһооспонон эҕэрдэлиибин!
Ааһан эрэр сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр, буоларын курдук, үгүс түбүктээх уонна үтүө түмүктээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуон оҥорор (талыллар) үрдүкү уоргана – Ил Түмэн 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Россия Федерациятын Президенэ В.В. Путин дойдубут иннигэр туруорбут уопсай национальнай сыалларын ситиһиигэ туһаайыллыбыт өрөспүүбүлүкэ сокуоннара ырытан оҥоһулуннулар уонна ылынылыннылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ уопсастыбаннаһы уонна нэһилиэнньэни кытта ыкса хардарыта дьайсан бииргэ үлэлээһини инники күөҥҥэ тутуулара төрөөбүт дойдубут инникитин уонна чэчирии сайдарын туһугар турбут соруктары ситиһиилээхтик быһаарарга кыаҕы үөскэтэр.
2025 сыл Россияҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан, оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрилиннэ. Кэлэр сылга дойдубутугар сүҥкэн улахан суолталаах бэлиэ даатаны – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиибит. Кыайыыны уһансыбыт көлүөнэ туһунан үтүө өйдөбүл, кинилэр эр санаалара уонна дьоруойдуу хорсун быһыылара умнуллара сатаммат, ол – биһиги муҥура суох ытыктабылбыт, махталбыт бэлиэтэ, итиэннэ ону үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээхпит.
Үүнэр сылга хас биирдиибитигэр Ийэ дойдубутугар тапталбыт, бэриниилээх буолуубут өссө ордук күүһүрүө, улаатыа, дойдубутунан өссө күүскэ киэн туттар буолуохпут, итиэннэ саҥа 2025 сылга дойдубут албан ааттаах историятын түһэн биэриэхпит, төттөрүтүн аатырдыахпыт уонна кэм-кэрдии хаамыытынан турбут бары соруктары ситиһиилээхтик быһаарыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.
Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан уонна Ороһооспонон эһигини өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна чэгиэн доруобуйаны, бигэ туругу, дьолу-соргуну, үгүс үөрүүнү уонна үтүө дьыалаҕытыгар, саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын!
Ытыктабылы кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев