СӨ народнай артыыһа, композитор Алексей Калининскай-Луҥха Нам сиригэр бэйэтин ырыатын толорооччуларын кытта ыалдьыттаата. Саха ырыатын өрө тутар биллиилээх ырыаһыттар Юрий Баишев, Николай Спиридонов, Алексей Потапов, Константин Степанов Луҥха норуокка биллибит бастыҥ ырыаларын толордулар.
Маны сэргэ, Наммыт ырыа куттаах дьоно кыттыстылар. Кинилэр ортолоругар Хамаҕаттаттан аҕас-балыс Надежда Строева уонна Екатерина Заболоцкая, кэргэннии Татьяна, Владимир Уодайдар, Луҥха Өлөксөй биир дойдулааҕа Татьяна Гаврильева, эдэр ырыаһыт Анна Яковлева ыллаатылар.
Баян доҕуһуоллаах Алексей Калининскай ырыаларын дьон сөбүлээн, ытыс тыаһа ньиргийэн олордо…
Элбэх ырыаһыт кыттыылаах аһымал кэнсиэртэн киирбит 60 тыһыынча солк. көмөнү Хамаҕаттаҕа баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ анаан туттардылар.
Бу «Ырыа күнүн уруйдаан» бырайыак «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта Андрей Замятин, «Нам» түмсүү салайааччыта Гаврил Местников көҕүлээһиннэринэн ыытылынна, — диэн улуустааҕы култуура управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай махталынан иһитиннэрдэ.
Мария Винокурова