Мэҥэ Хаҥалас улууһун 2-с Наахара нэһилиэгэр чөл олоҕу көҕүлүүр «Алгыстаах айан» айар экспедиция 15 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ ахсынньы 7 күнүгэр ыытылынна.
Намтан улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов, “Хатыҥ Арыы нэһилиэк” МТ сүрүннүүр специалиһа Надежда Сивцева, «Чороон» норуот айымньытын киинин үлэһитэ Петр Машников уонна Владимир Иванов кыттыыны ыллылар. Норуот эмчитэ Александра Петровна Егорованы Нам улууһун дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэлээн туран, эҕэрдэ суруктары сэмэй бэлэхтэри туттардылар, Петр Машников ылбаҕай ырыатын ыалдьыттарга бэлэх уунна.
«Алгыстаах айан» айар бөлөх салайааччытынан 2008 сылтан 1 категориялаах норуот эмчитэ, норуот медицинатын магистра, Саха республикатын попечителлэрин уонна меценаттарын «Кыһыл көмүс кинигэтигэр» киирбит меценат, Мэӊэ Хаӊалас улууhун, 2-с Наахара нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Александра Петровна Егорова-Тупсууна үлэлиир. «Алгыстаах алаһа дьиэ» диэн экспериментальнай былаһаакка иһинэн тэриллэн үлэлээбитэ. Үлэрин сыалынан-соругунан буолаллар:
-кэлэр кэнчээри ыччаты үтүө сиэргэ-майгыга, бөҕө доруобуйалаах, чэгиэн өйгө — санааҕа иитии;
-нэһилиэк бары тэрилтэлэрин, общественнай түмсүүлэри түмэн туран, чөл олоҕу көҕүлээһин;
-куһаҕан дьаллыгы утары охсуһууну утумнаахтык уонна көдьүүстээхтик ыытыы;
-арыгылааһыны утары үлэҕэ нэhилиэктэн, дьиэ кэргэнтэн саҕалаан общество бүтүннүү кыттарын ситиhии;
Билигин «Алгыстаах айан» чөл олоҕу көҕүлүүр айар экспедиция сүрүн специалистарынан СӨ култууратын туйгуна, библиотекарь Никанорова Ирина Дмитриевна уонна СӨ үөрэҕэриитин туйгун, педагог-библиотекарь Жиркова Светлана Анатольевна үлэлии-хамныы сылдьаллар. Бөлөх 15 сыл устата республика араас муннуктарыгар тиийэн, чөл олоҕу көҕүлээһиҥҥэ элбэх үлэни ыыппыттар.
Үөрүүлээх тэрээһин САССР норуот артыыһа Афанасий Егорович Ефремов аатынан култуура дьиэтигэр буолла. Бу күн Нам, Чурапчы улуустарын делегациялара, Мэҥэ Хаҥаластан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлбиттэр. Майаттан общественнай түмсүүлэр салайаачылара Решетникова Е.С., Игнатьев З.И., Климентова А.Н. тыл эттилэр.
Үбүлүөйдээх тэрээһин бары ыалдьыттарын СӨ култууратын туйгуна алгысчыт Виталий Очиров үрдүк айыылартан көрдөһөн алгыс тылынан анаата. «Алгыстаах айан» бөлөх коллективын, тэрийээччи Александра Егорованы “2-с Наахара” МТ баһылыга Никитин Петр Петрович, Мэҥэ Ханалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Василий Филиппов, социальнай политика салаатыгар чөл олоххо үлэни сүрүннүүр үлэһитэ Светлана Маркова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунаска салаатын сүрүннүүр үлэһитэ, “Олоҥхо-батл” күрэх кыайыылааҕа олоҥхоһут, оһуохайдьыт Станислав Иванов, улуус мунньаҕын сэбиэтин депутата Руслан Никаноров эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.
Чурапчы улууһун дьиэ кэргэн отделын сүрүннүүр специалиһа Татьяна Бушкова, Чурапчы нэһилиэгин «Куоҕалы туос» общественнай түмсүү салайааччыта уонна «Сарыал» чөл олоҕу көҕүлүүр эр дьон түмсүү салайааччыта Мугудай сэлиэнньэтиттэн Радислав Катаков эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Тэрээһиҥҥэ «Дьүөгэлэр» вокальнай ансаамбыл, Варя Никанорова, «Эрэл» байыаннай-патриотическай кулууп ыччаттара, салайааччы кадетскай корпус майора Петр Васильев, «Алгыстаах айан» бөлөх кыттыылаахтара көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Бу үөрүүлээх бэлиэ күн толору астаах, итии чэйдээх остуол төлкөлөөх түһүлгэтигэр түбүрүөннээн мустан олорон, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр 2024 сылы Доруобуйа уонна физическай култуура сылынан биллэриллибитин иһитиннэрэн туран, кэлэр сылга Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улууһун кытары бииргэ үлэлэһэргэ торумнар ылылыннылар.
Надежда Сивцева