Нам сэлиэнньэтигэр Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата атырдьах ыйын 19 күнүттэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри “Помоги собраться в школу” акция биллэрдэ. Акция элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна үп-харчы өттүнэн ыктарар ыалларга көмө буолуоҕа.
Сыл аайы сэлиэнньэ тэрилтэлэрэ, урбаанньыттар, биирдиилээн дьон “Помоги собраться в школу” акцияҕа кыттыһаллар. Быйыл оскуолалар ааннарын балаҕан ыйын 2 күнүгэр арыйыахтара. Ол курдук, оскуола үөрэнээччитигэр үөрэх дьыла саҕаланна да кэнсэлээрийэ табаардарын, сурук-бичик тээбириннэрин, тэтэрээттэри, уруһуйдуурга, айымньылаах үлэлэри оҥорорго набордары ыларга кырата суох суума харчы барар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 23 дьиэ кэргэн көмөҕө наадыйара биллэр. Быйылгы акцияҕа дьон-сэргэ бэйэтин көмөтүн 51 үөрэх-билии ылааччыга, ол иһигэр 4 маҥнайгы кылааска киирээччигэ биэриэҕэ. Санаттахха, былырыын 21 тэрилтэ, 5 урбаанньыт, 1 бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы уонна 3 нэһилиэк депутата 29 ыал оскуола саастаах 55 оҕотугар күүс-көмө буолбута. Ыытыллар тэрээһиннэргэ, көмөҕө наадыйааччыларга, акцияларга түөлбэ көхтөөх дьоно, түмсүүлэр куруук көмөлөһөллөрүн чопчулуубут.
Оскуола үөрэнээччитэ сайыҥҥы уһун сынньалаҥ кэнниттэн үөрэх саҕаланыыта саҥа уруучука, тэтэрээт, дневник туттаҕына үөрэр дьолу билэр. Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата оҕо маннык дьолу, үөрүүнү билэригэр тэрилтэ салайааччылара, урбаанньыттар акцияҕа көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар. Көмөлөһүөн баҕалаахтар бар дьоммут 89142983862 нүөмэргэ эрийэн билсэргитигэр ыҥырабыт.
Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ