Нам улууһугар П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын санааларын улуус баһылыга Юрий Слепцов иһиттэ. Салалтаны кытта кэпсэтиигэ 15 эр дьон уонна кинилэр төрөппүттэрэ кэлбиттэрин “Буойун” түмсүү салайааччыта Павел Оконешников этэр.
“Көрсүһүүгэ араас хайысханан айаннаабыттар кэлбиттэрэ – байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы (мобилизация), контракт нөҥүө, баҕа өттүнэн барбыттар”, – диир Нам улууһугар “Буойун” түмсүү салайааччыта Павел Оконешников.
Байыастар былаас өттүттэн көмөҕө наадыйар сүрүн ыйытыылара уйулҕа сааһыланыытыгар (реабилитация) буолар. Ол курдук, Дьокуускайга бу салааҕа үлэлэһэр икки анал сирдэр баалларын улуус баһылыга Юрий Слепцов, улуустааҕы депутаттар Сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров сүбэлииллэр. Иккис аһаҕас боппуруос — “Сир учаастагын ылааһын кыаллыа дуо?” диэн ыйытыыга, маҥнай үөрэтиллэн баран сөптөөх быһаарыныы ылыныахтааҕа этиллибит. Ону тэҥэ, уһуйааннарга, оскуолаларга туох чэпчэтиилэр бааллара өссө төгүл ыйыллыбыт уонна биир кэмнээх 20 тыһ. солк. көмө харчы көрүллэрин санаппыттар.
Павел Оконешников “Буойун” түмсүү салайааччыта буоларын быһыытынан, уолаттары түмсүүгэ холбоһоллоругар ыҥырыы оҥорбут. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Буойун” түмсүүгэ байыаннай дьайыыга араас сылларга сылдьыбыт 70 эр дьоннор киирэр.
“Сокуонунан билиҥҥитэ “Боотур”, “Вагнер” этэрээттэргэ сулууспалаабыттарга бойобуой дьайыы бэтэрээнэ аата иҥэриллибэт. Инникитин сокуон ылыллар буоллаҕына, ирдэнэр докумуоннар бэлэм буолаллара наадатыттан, этэрээттэргэ сулууспалаабыттар тута, военкомакка учуокка тураллара, докумуоннарын туттараллара ирдэнэр.
Эйэлээх олоххо бигэтик үктэнэргэ, хайаатар да реабилитация ааһыахха наада. Санаалыын аһыы утахха хам куустарбакка, олоххун үлэнэн саҕалыахтааххын. Эйэлээх олоххо кэллин, киһи сиэринэн сылдьыахтааххын!
Саха сирэ, Нам улууһа бары өттүнэн көмөлөһөн күүстээх өйөбүл оҥорбуттарынан, оҥоро туралларынан уолаттар барҕа махталларын тиэрдэллэр, ытыс тыаһынан эҕэрдэлииллэр”, – диэн кэпсиир Павел Николаевич.
Тимофей Охлопков, Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы:
Нам улууһуттан байыаннай дьайыыттан уоппускаларыгар сылдьар, дойдуларыгар букатыннаахтыы кэлбит эр дьону кытта аһаҕас санаа атастаһыытыгар көрсүбүппүт. Сирэй көрсүһүүгэ баҕа санаалар, туох кыһарыйтарыылар бааллара этиллибитэ. Холобура, байыастарга оччоттон-баччаҕа диэри өй-санаа, уйулҕа сааһыланыытыгар наадыйыы сытыытык турар. Саамай сүрүнэ, уолаттар санаалара бөҕөх буоларын бу этии туоһулуур – инники былааннарын сырдатыылара.
Санатан эттэххэ, от ыйын 1 күнүгэр бойобуой дьайыы кытыылаахтарын бэлиэ күнүгэр, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах төгүрүк остуолга чопчу туох көмөлөр бааллара этиллибитэ. Ол күн Намҥа “Буойун” скверигэр сибэкки дьөрбөтө ууруллубута.
Харысхан Попов