Сахабыт сирин күн күбэй Ийэлэригэр анаммыт биир үтүө, олус долгутуулаах, умнуллубат түгэннэрдээх, көһүппэтэх соһуччу эҕэрдэлээх эриэккэс күн Никольскай «Веснянка» оҕо уһуйааныгар бэрт сэргэхтик, уратытык буолан ааста.
Ол курдук, «Ийэҕэ махтал» диэн кэрэ тэрээһиҥҥэ иитиллээччилэрбит ийэлэрин түмэн, умнуллубат түгэни бэлэх ууннубут. Оҕолорбут бу күн бары сатабылларын көрдөрдүлэр: чуор куоластарынан чуопчаара туойдулар, хомоҕой хоһооннору дорҕоонноохтук аахтылар, ылбаҕай ырыалары ылламнык ыллаатылар, сэргэхтик үҥкүүлээн да тэйдилэр, илиинэн оҥоһуктарын бэлэх туттардылар (иитээччи Н.Герасимова), видео сюжеттарынан араас ыйытыктарга эппиэттээтилэр, «Оҕо саҥатынан» эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын тириэртилэр, иһитиннэрдилэр.
«Мин ийэм саамай кэрэ» диэн түһүмэх бэрт сэргэхтик ыытылынна. Бу түһүмэххэ оҕолор ийэлэригэр араас симэхтэри, киэргэллэри иилэн, кэтэрдэн олох ханнык баҕарар түгэнигэр тиийэллэригэр сөптөөхтүк таҥыннардылар, киэргэттилэр уонна кылгастык билиһиннэрэн кэпсээтилэр. Ити кэннэ «Ийэм мичээрэ сырдык кэрэ» уруһуй түһүмэҕэр (иитээччи Т. Кириллина) музыка алыптаах дорҕоонугар уйдаран, ийэлэрин мөссүөнүн олоххо көрүүлэринэн уруһуйдаан, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, чуумпуран олорон кыралыын-улаханныын кытыннылар, ол онтон дуоһуйуу ылан бары да астынныбыт.
Түмүккэ З.Нератова-Тупсууна тылларыгар, А.Татаринов мелодиятыгар «Күн күбэй ийэҕэ» диэн ааттаах сабыс саҥа ырыа уһуйааммыт оҕолорун толорууларыгар күн сирин көрөр сүрэхтэниитэ буолла. Түгэнинэн туһанан, А. Татариновка махталбытын биллэрэбит.
Ол кэнниттэн саамай алыптаах, долгутуулаах түгэнинэн оҕолорбут ийэлэригэр барыбыт аатыттан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарыылара буолла. Баҕарыа этибит Сахабыт сирин күн күбэй ийэлэригэр туох баар үтүөнү-кэрэни, сырдыгы- бырааһы, этэҥҥэ буолууну.
Күн күбэй Ийэҕэ
Зинаида Нератова-Тупсууна тыллара,
Афанасий Татаринов мелодията
Күн күбэй ийэбит
Биһиги аанньалбыт,
Биһиктээн, бүөбэйдээн
Күн сирин көрдөрбүт.
Припев:
Күндүттэн күндү ийэбит,
Күн күбэй көмүс аанньалбыт.
Сүрэхпит сылааһа,
Иэйиибит ырааһа,
Иһирэх махтала,
Имэҥнээх таптала.
Припев:
Ананар эйиэхэ эрэ,
Күн күбэй көмүс аанньалбыт.
Бу күммүт көрүүтэ,
Барыбыт үөрүүтэ,
Сылааһа сырдыга,
Сыдьаайа турара.
Припев:
Ананар эйиэхэ эрэ,
Күн күбэй көмүс аанньалбыт.
З. Нератова-Тупсууна,
Никольскай нэһилиэк, «Веснянка» оҕо уһуйаанын иитээччитэ.