Аны күһүн түмүктүүр 4-с этап күүтэр

Бэс ыйын 21-23 күннэригэр Нам улууһугар сахалыы төрүт көрүҥнэргэ сайыҥҥы комплекснай спартакиада түмүктэннэ. Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар Ольга Ядрихинскаяҕа сахалыы остуол оонньуутугар «Сахаада спорт маастара» бэлиэ туттарылынна. Ольга Николаевна 2014 с. хабылыгынан, хаамысканнан дьарыктанар. Элбэх күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Бу көрүҥү тарҕатааччылартан биирдэстэрэ. Бу иннинэ хабылыкка 5-тээх хаамыскаҕа күрэхтэһэр буоллахпытына, эбии 7-лээх, «Умсаах» көрүҥнэрэ киирдилэр. Барыта 9 хамаанда, 65 кыттааччы 4 бөлөҕүнэн күөн көрүстэ.

1 бөлөххө – 2008 с.т. оскуола оҕолоругар, кыргыттарга 4 көрүҥ түмүгүнэн :

1м – Белолюбская Лилия (Хамаҕатта);

2м – Данилова Алина (Хатас);

3м – Попова Кыдаана (Ленскэй н.).

Уолаттарга:

1м — Барашков Эрчим (Хамаҕатта);

2м — Тихонов Марк (Ленскэй н.);

3м — Охлопков Ньургун (1 Хомустах).

2 бөлөххө — 2007 с. үөһэ саастаахтарга:

1м — Местникова Уйгулана (Хамаҕатта);

2м — Протопопова Алина ( 1 хомустах);

3м — Северьянова Нарияна (Хамаҕатта).

Уолаттарга:

1м — Герасимов Октябрь (Хамаҕатта);

2м — Петров Николай (Хатырык);

3м — Иванов Ариян (Модут).

3 бөлөх ветераннарга:

1м — Прокопьева Надежда (1 Хомустаах);

2м — Иванова Урсууна (Хатыҥ Арыы);

3м — Миронова Февронья (Ленскэй н.);

1м — Шелковников Константин (Хамаҕатта);

2м — Потапов Данил (Ленскэй н.);

3м — Иванов Евгений (Хатыҥ Арыы).

4 бөлөх ветераннарга:

1м — Лукинова Мария (Көбөкөн);

2м — Семенова Марина (Хатыҥ Арыы);

3м — Константинова Таисия (Хатырык).

4 бөлөх эр дьон ветераннарга:

1м — Сандулин Николай (Модут);

2м — Мухин Дмитрий (Хатырык);

3м — Соловьев Авксентий (1 Хомустах).

Көрүҥнэринэн бастыҥ көрдөрүүлэр: хабылыкка 01 мүн. 06 сөк. — Прокопьева Надежда, 5-тээх хаамыскаҕа: 35/5 — Прокопьева Надежда, 7-лээх хаамыскаҕа: 28/5 — Барашков Эрчим, Шелковников Константин, «Умсаахха»: 230 — Барашков Эрчим.

Уопсай түмүккэ: 1 миэстэ – Хамаҕатта, 2м.— Хатыҥ Арыы, 3м. — 1 Хомустаах нэһилиэктэрин хамаандалара таҕыстылар. Түмүккэ бу көрүҥҥэ оскуола оҕолоругар үлэ барыа. Элбэх күрэхтэһии ыытыллара уонна инникитин көрүҥнэринэн мэтээл олохтоноро буоллар спортсменнарга стимул улаатыа этэ. Аны күһүн түмүктүүр 4-с этап күүтэр.

Маргарита Охлопкова.

Читайте дальше