Арай биирдэ бааһынаҕа…

Оҕолор, эһиги «Ааныкчаан сибэкки күн кыыһа» диэн пьесанан суруллубут кэпсээни аахпыт буоллаххытына, онно алтыс көстүүгэ, таҥара ынахтара, эбэтэр бэйэлэрэ этэллэрин курдук, таҥара куттаах хомурдуостар тустарынан кэпсэниллэр.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ Күөх Муосчаан – мурун бүөтэ, сайыҥҥы сырылас итиигэ үөнү эккирэтэн хамсаныан баҕарбат. Күн аайы, сыралҕан итиигэ, ойон тураат, арыт уһун субурхай түүнүксүйбүт оттор быыстарынан ыркый от-мас нөҥүө ырааһыйаларга, чээлэй күөх үүнээйилэргэ ыбылы сыстан, кинилэр барахсаттар сүмэһиннэринэн аһылыктанар чиччик үөннэри күн аайы тиниктэһэн бултаһыах диэтэххэ салгытыылаах… Күөх Муосчаан сирэйин ханньаччы тутунна. Кырдьык да, хаарыан «күрүлэс күргүөм күннэрэ» үксүгэр, ити дьарыкка баран эрдэхтэрэ… Оттон бу үлүгэр күөх дуолга биирдэ олорор олоххо тоҕо да кэрэттэн, эбэтэр сэргэх көстүүттэн матыахха сөбүй? Холобура, тоҕо кинилэр, сарсыарда күн тахсыыта, күөрэгэй үөрэн, мэктиэтигэр, салгыҥҥа ыйанан ыла-ыла хайдахтаах курдук дьирибинэйэн ыллыырын дуоһуйа истибэттэрий? Араас дьикти бэйэлээх үрүмэччилэр, тоноҕоччулар ханна, хайа диэки сырдырҕаан ааһаллара буолуой? Субу Күөх Муосчаан иннигэр оп-оруосубай тэллэҕэр сибэккигэ, икки кэрэ бэйэлээх үрүмэччилэр биир сиргэ тэпсэҥнии хара тумсуларынан үтүөлэһэ оонньостулар. Кинилэр эмиэ туох эрэ санаалаах, олоххо дьарыктаах буоллахтара, ону бу күннэтэ кэриэтэ көрсүһэн аасыһар барахсаттаргын билбэккин. Билиэ да суохтааххын. Ол олох атын эйгэ – диэн кытаанах өйдөбүлү уолчаан бэркэ билэрэ. Оттон ол тоҕотун ыйыттахха, саамай кырдьаҕастара, Муос Ууһа, — Биһиги сэбирдэҕимсиктэр буолбатахпыт, – уонна дьоһуннаах баҕайытык туттан – Биһиги таҥара куттаахтарынабыт – диэн, хайдах эрэ таайтарыылаахтык, этэн ааспыта. Ити курдук саныы олордо, сарсырда хойуутаан дьоннорун куоттаран турбут Күөх Муосчаан. Чэ, кини да айанныы туруо буоллаҕа… «Тугун бэрдэй кэрэтэй» — ыллаан көрдө да, ырыата тоҕо эрэ тахсыбата. Оо, дьэргэйэн күн да күн, арай сыыйа тыалырыах курдук эрээри, биһиги Муосчааммыт ону-маны саныы иһэн аахайбата быһыылаах, үөһэттэн хараҥаччылар аллара «сур» гынан соһутан аастылар, үрүмэччилэр үргэҥнэһээт, сүтэн симэлийэн хааллылар. Онтон биир соҕотох дьикти дьэрэкээн ойуулаах үрүмэччини ыраахтан, — Ээй, тохтоо эрэ, — диэн сэһэргэһэ түһүөн сананна эрээри, анарааҥҥыта — Туох дьикти бэйэкэтэй? – диэбиттии көрөн ылаат, эмиэ ханна эрэ дылыс гынан хаалла. Уол көтөн иһэн, эмискэ, дохсун тыал түһэн, ол кэннэ, чачайыар диэри курулаччы ардахха баттатан, сэниэтэ эстэн, ыксаан, биир уһун окко хатана түһээт, ол курдук хатаммытынан аллараа сурулуу турда. Ханна эрэ сир чиҥэр «чолк» түспүтүн атаҕа биллэ. Уол иһэлийиэр диэри тоҥмут, атаҕа дугуйтарбакка адаҕаламмыт курдуга; хата, халлаан уута үөн салыҥнаах көхсүн өтүппэтэх этэ…

Хабыс хараҥа. «Чох-хара түүн дойдута», Сир түгэҕэ буоллаҕа дуу? Өмүттэн, тура түһээт уол хайдах эрэ сонньуйан ылла кырдьык да, ким бу курдук күрүлүүр күнүс сир түгэҕэр биирдэ баар буоллаҕай? Ол үрүҥ тыынын харыстыыр түгэҥҥэ хамсанан сир түгэҕэр түстэҕэ, онто харгыс, тургутуу дойдута эбит. Суох, хайдах эрэ мантан тахсыан, хайаатар да тахсыан сананна уонна бас баттах уулаах-хаары ортотунан батылла-батылла хааман үнүөхтүү истэ. Ким эрэ кулгааҕын аннынан сүр баҕайытык тымныынан тыынан сирилэттэ, ким буолуой? Уол т охтоон ылар, тыас сүтэр. Иһийбит курдук. Тыын ылаат, эмиэ иннин хоту аны бөтүөхтүү истэ. Аара сыстаҥнас  түүнүксүйбүт оттор иилистэн эриллэ, уолчаан барахсан сырдык тыынын биирдэ быһан, барытын биир кэлимсэ чох харанан симэлитиэх айыылаахтара… Уол хаамыыта бытааран, тохтуу-тохтуу соһуллан истэ. Онтон бүдүө-бадаа быыһынан көрдөҕүнэ, били сир түгэҕинээҕи дойду хараҥа халҕаһата арыллан эмискэ сырдаан уол чахчы олох илэ курдук күн-күбэй ийэтин, убайдарын көрдө уонна соһуччу үөрүүтүттэн «Ийээ, аҕаа, мин бу баарбын, Күөх Муосчаан, эһиги уолгут ийэээ…», дьонноро хас хараҥа муннугу тиҥсэрийэн көрө сатаатылар да, Күөх Муосчааны уун-утары көрөн туран билбэтилэр. Уолчаан санаатыгар хаһыытыы сатаата да кыһыйыан иһин иһиттэн саҥата тахсыбата… Оо, үлүгэр да эбит! – уол хомойбутуттан сымыһаҕын быһа ыстаата. Ийээ, аҕаа! – дуоратта, ол эрэн дьонноро буору кытта буор, бадарааны кытта бадараан буолан иһэр эрэйдээҕи өйдөөн да көрбөтүлэр. Уол айаҕа дьэ аһыллан хаһыытаабытыттан бэйэтэ да соһуйан «Һуу, бу тугуй? Түүл ду, илэ дуу?» — диэбитинэн, уһуктаат, түлэкэчийэн ылбытын өйдөөтө уонна көстүбэт хара күүстэргэ – Эһиги миигин манна хаайа сытыаран симэлитиэххит суоҕа, күөх сырдык нууралбыттан, бэйэлээх бэйэм дьоннорбуттан араарыаххыт суоҕа, суох, суох мин баарбын, мин тыыннаахпын. Һуу, бээ уоскуйуох – диэбиттии тулатын көрүннэ. -Ээ, түүл, түүл эбит… ол иһин да… – уонна эмискэ чэпчээн сэниэлэммититтэн бэйэтэ да соһуйда.Балай да ото-маһа суох сиринэн сыылаҥхайдыы иһэн, бэлиэтии көрбүтэ суола улам үөһэ тахсан, тула сырдаан уол санаата көнньүөрэн, мэктиэтигэр, субу көтүөн иһин, тыын ылан куурдунуон сананна уонна — Бу туох үөдэн үөлэһигэр түстэхпиний? — диэн кэннин хайыһан көрөөрү мэйиитэ эргийэн охтон түһэ сыста.Оттон тулатын көрбүтэ, оо, барахсаттар тиһигин быспакка бара турбут уһун бэйэлээх оттор-мастар ыркыйдара… Күөх Муосчаан кынатын баарыстыы хамсатан иһэн, аны бокуойа суох «Апчхи, апчхи» ытыртаҕа үһү. Аттыгар турбут хойуу тэллэҕэр сэбирдэхтээх уһун оттон тутуһабын диэн ол кылыгырас таммахтарынан астыныар диэри сирэйин-хараҕын ыраастанан ылла, үөрүүтүттэн дьиэтигэр кэлбит саҕа сананна. Онтон, чуу, тэйиччи, чахчы ким эрэ кимниин эрэ итир-ботур кэпсэтэр курдуктара. Уол ол диэки сэрэниин-сэрэнэн салаллыан быһаарынна.

Уол барахсан иһийэн турбута баара, соһуйуон иһин, биир маа бэйэлээх эбээ үрүмэччи, саһархайдаҥы маҥан кынаттарыгар хара, күөх эбирдэхтэрдээх ойуулаах, уол аттыгар бэрт эйэҕэстик мичээрдии турара уонна:

— Бу ким кытаран турарый? Саһыма тойуом, мин үтүө дьоҥҥо туох да куһаҕаны оҥорбоппун.

Уол сэрэнэ-сэрэнэ:

— Оттон ханнык эрэ дьон кэпсэтэр курдуктара…

— Ол дьон мин үтүө доҕотторум тигээйилэр (мүөттээх тигээйилэр, ыҥырыалар) уонна тойон ыҥырыалар. Кинилэр кэлэ-бара сылдьаллар…

Уолчаан тулатын кэриччи көрдө да, үрүмэччи бэйэлээхтэн атыны кими да булбата… Дэхси сиргэ тутуллубут сырдык, ыраас толооҥҥо киһи эрэ сынньанан, оонньоон-көрүлээн ааһыах курдуга… уол хайдах эрэ налыйан, хаһааҥҥыттан эрэ бэркэ билэр дьонугар баар курдук сананна… Ок-сиэ, манна хапсыһа оонньоон ылбыт эбэтэр волейболлаан тэлэһийбит киһи баар ини! Онтон нектар иһэ олорон ыйытта:

— Эн манна тэһийэҕин? Куттаммаккын?

— Тыый, тойуом, биһигини манна олохтообуттара ырааттаҕа, ону билигин ким да билбэт. Арай үгүс сэһэннэргэ туундараҕа тиийэ тэнийэн сэһэн-сэппэн баарын билэбит.

Билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрбэтэх маа бэйэлээх үрүмэччи аата Хаарыйар от Эгэлгэчээнэтэ диэн ааттаах эбит. Кини чорбоҕор эмэр тумсулаах, этэ хойуу ньыппай түүлээх уонна намчы хатырыгынан бүрүллүбүт. Үрүмэччилэр барахсаттар сытыйан алла турар, атын да араас үүнээйилэр минньигэс сүмэһиннэринэн аһылыктаналлара биллэр. Онтон Уолчаан өйдөөн көрбүтэ, төбөтүн икки чэчэгэйинэн улахан бөлтөҕөр харахтара субу ойон тахсыах курдуктара. Хомойуох иһин, ханна эрэ аахпытым, эһиги да, баҕар, билэргит буолуо, лыахтар уустук оҥоһуулаах харахтара өҥнөртөн саһархайы, от күөҕү уонна кыһылы эрэ арааран көрөллөрүн. Ол гынан, сыты бэрт ыраахтан ылар дьоҕурдаах буоланнар, салгыҥҥа кыракый да илигирээһини «эттэринэн-хааннарынан» «истэн» өстөөхтөрүттэн дөбөҥнүк саһаллар диэн бигэргэтэллэр кинилэри үөрэппит дьон.

Үрүмэччилэр, үксүлэрэ оҕо курдук үөрүнньэҥ, оонньоһор дьоҕурдаах, оонньуулаах уонна оҕо курдук итэҕийимтиэ курдук көстөллөр эрээри, үөн-көйүүр эйэгэтигэр хайдаҕын билбит суох, эчи бытархайдара, олохторо да кылгаһа, сорохторо күн сырдыгын көрдө-көрөөт, аҕыйах хонугунан ол курдук цунами, муссон диэни билбэккэ олохтон туорууллара. Саба быраҕан эттэххэ, кинилэр олох дьиҥнээх долгуйуутун кытары турууласпакка, ол курдук өрүү үөрүүнү кытары диэххэ сөбө, ону баара, үксүгэр онно да олох иһин улууканнаах охсуһуу, туруулаһыы, албас баар буолан үйэттэн үйэҕэ билиҥҥэ диэри бу дьоҕус бэйэлээхтэрэ баарын дакаастыыр.

Уолчаан бокуойа суох ыйыта олордо…

— Онтон эн кинилэр тылларын истэҕин дуу?

— Истэн бөҕө! Биһигини манна олохсуппуттара ыраатта, бу ырааһыйа-толооҥҥо туундараҕа тиийэ тэнийэн олоробут. Ол маннык эбитэ үһү…

Миигин тугу да билбэт диэмэ. Мин барытын өйбөр тута сылдьабын. Аан дойду айыллыаҕыттан ыла хайдах олох салаллыаҕа, онно төһөнөн куһаҕан, үчүгэй барыта улуу ыйааһыҥҥа туруохтааҕа, ону мантан ыраах-ыраах көстүбэт сиргэ-уокка, кимтэн да тутулуга суох хаһан да сүппэт Улуу Сокуон баарын ситим нөҥүө билэ-ааҕа олоробут…

Уонна эмиэ уол хаһан да истибэтэх сыыппараларын этэн барда. Уолчаан сылайа быһыытыйан санаата: — Уой, бу киһи төбөтүгэр төһө мега-байт баара буолуой? Уонна эмискэ ыйытта:

— Онтон эһиэхэ атын дьарык баар дуо? Холобура, ыллыаххын баҕарыаҥ, тугу эмэ илиигинэн-атаххынан бэйэҥ оҥоруоххун баҕарбаккын дуо?

— Тоҕо? Биһиги барытын сатыыр буолан, биһигини наар үөһэттэн кэтээн олорор курдук санаама. Илиибитинэн-атахпытынан эмиэ тугу эрэ оҥорон таһаарааччыбыт, олоххо курдук оонньуур-көрүлүүр курдукпут… оччоҕо киһи наһаа дуоһуйар… Чэ, холобура, бу сиргэ араас дьикти тэрили булуохха сөп. Манна эмиэ ааспыт олоххо дьон олохсуйа сылдьыбыттар. Археологтар диэн сир бөҕүн үөрэтээччилэр билэн эрдэхтэрэ. Кинилэргэ ол «бөх» – история. Ити томтору көрөҕүн? Итиннэ уһун оттор быыстарыгар патефон диэн тэрил баар. Чэ, көмөлөс, кытаат! Мин диэки ырааһыйаҕа таһаар!

Уонна патефон трубкатын түөһүнэн сыҕарытта. Дьэ, доҕоор, иһийэн турбут ойуур биирдэ музыканан хамсаан-эйэҥэлээн, ыстаҥалаан турбат дуо?! Уол көрбүтэ, били ойуурун мастара лабааларынан сапсыһан дьикти бэйэлээх үрүмэччилэр эргичиҥнэһэ, күлэ-үөрэ үҥкүүлээн битийдилэр. Эмискэ туохтан эрэ үҥкүү өрөгөйүгэр музыка тохтоото. Өйдөөн көрбүтэ кэрэттэн дуоһуйан үөрүү-көтүү үктэллэнэн ким да ханна да барыан баҕарбакка, ол курдук, доҕордоһон, күлэ-үөрэ өргө дылы турбуттара. -Тыый да, биирдэ эмэ күннээҕи түбүктэн-санааттан аралдьыйан ылар ама омнуолаах буоллаҕай.

Күн-халлаан оройугар күөрэйэр көтүүтэ, Күөх Муосчаан саҥа табаарыһын кытары били киэҥ саалаҕа дуобаттыы олорон истибитэ, саалалара толору киһи. Онтон атын хоско салаллан баран истэхтэринэ, арай, күлүмнэс кыһыл уотунан туолан, Күөх Муосчаан иһиттэҕинэ – Биһиги ортобутугар баар Күөх Муосчааны, дьиҥнээх таҥара куттаахтар оҕолорун ыла кэллилэр. Бары билэҕит, сэттэ толбоннордоох сырдыгынан сыдьаайа сылдьар дьиҥнээх таҥара куттаах барахсаттар соҕотоҕун кэриэтэ үөһэттэн күлүм гынан ааһар айдарыылаахтар эбит. Санаан кэлиҥ, кинилэр тула 166 мөлүйүөннэр. Ол эрэн, аҕыйах бэйэлэрэ утумнаахтык, бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр үлэлэрин түмүгэ тулалыыр эйгэлэригэр туохха да бэриллибэт үрдүк сыаналаах сирэм күөх чээлэй айгыр күөх буолан силигилиирин билэбит. Онтон сотору соҕус кыһыл уот биллэрдик кэлэн били толооммут барыта киһинэн туолла! SOS! SOS! SOS! Көһүннэ! Көһүннэ!

Уол дьонун туһунан истэн баран дьэ өйдөөтө. Тоҕо дьоно биһиги таҥара аналлаахтарынабыт диилэрин. Онтон ол тоҕотун ыйыттахха, саамай кырдьаҕастара Муос Ууһа — Биһиги сэбирдэҕимсиктэр буолбатахпыт, биһиги таҥара куттаахтарынабыт – диэн таайтарыылаахтык этэн ааспытын.

Сырдыгынан сыдьаайа сылдьар төгүрүк хара толбоннордооҕу туох да ылбат. Оннооҕор наука этэринэн, кинини эчэтиэн санаммыт төбөтүн 33 эргиириттэн саллан баҕатын толорбот. Ол эмиэ үөһэттэн бэриллибит таҥара биэрбит көмөтө.

Үөрүү өрөгөйдөөх уол дьонун кытары ыраахтан сандаара күөх сирэмҥэ киирэн бара турдулар…

Лина Сабарайкина – Алтааны, 2024 сыл

(техн. редактор Анна Николаева)

Читайте дальше