Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан уонна Аҕа күнүн чэрчитинэн, Арбын нэһилиэгэр аҕаларга аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук, «Сир симэҕэ» оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа араас күрэхтэһиилэр буоллулар. Субуота киэһэ “Тускул” култуура киинигэр аҕаларга аналлаах биэчэр олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Түөлбэлэр дьахталлара остуол бэлэмнээн, аҕалар итии чэйдээх сандалы тула олорон музыкальнай эҕэрдэ көрдүлэр, сэһэргэстилэр.
Маны тэҥэ, аҕалар үс хамаандаҕа арахсан элбэх көрүҥнээх “Көрдөөх старт” күрэххэ сүүрдүлэр-көттүлэр, араас эриирдээх ыйытыыларга хоруйдаатылар, үҥкүүлээн да ыллылар. Ону таһынан, дартска, ытыыга, корнхолга биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии ыытылынна. Кыайыылаахтар мэтээлинэн, дипломунан наҕараадаланнылар. Биэчэргэ кэлэн кыттыыны ылбыт аҕалар дуоһуйа сынньанан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Оксана Соловьева, култуура киинин дириэктэрэ