1996 сыллаахха сайын Саха сирин киин куоратыгар, Дьокуускай куоракка, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спорт оонньуута диэн күрэхтиһиини тэрийэн саҕалаабыттара. Спортивнай оонньуу-күрэхтэһии Олимпийскай оонньуулар тэриллибитэ 100-сылын туолуутун бэлиэтиир чиэһигэр ыытыллыбыта. Ити сылга саҥа үөскээбит «Азия оҕолоро» олимпийскай хамсааһын сайдыытыгар саҥа сүүрээни, хайысханы, сайдыыны биэрбитэ.
«Дети Азии» – спортивнай оонньуу, күрэхтэһии историятыттан
Ити саҥа тэриллибит «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууну, күрэхтэһиини үрдүктүк сыаналаан Аан дойдутааҕы Олимпийскай комитет президена Хуан Антонио Самарани Саха өрөспүүбүлүкэтин президенигэр М.Е. Николаевка маннык эҕэрдэ суругу (посланияны) ыыппыта: «Я хочу искренне поблагодарить Вас, господин Президент за ту поддержку, которую Вы оказываете спортивному и олимпийскому движению, а также за Вашу инициативу в организации Международных спортивных игр “Дети Азии” – многонационального спортивного фестиваля, который играет важную роль в воспитании молодого поколения.
Эти спортивные игры, посвященные столетию современных Олимпийских игр, являются важным событием в олимпийском движении, способствуюшем дружескому единению молодежи Азии на традициях олимпизма, имеющем в своей основе дружбу, взаимопонимание и принципы честной игры.
Желаю всем участникам Игр успешных стартов и прекрасной возможности дружеских встреч».
Бастакы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу үөрүүлээх аһыллыыта атырдьах ыйын 10 күнүгэр 1996 сыллаахха саҥа тутуллубут «Туймаада» стадиоҥҥа буолбута, ыытыллыбыта. Спортивнай оонньуу үөрүүлээх аһыллыытын кэмигэр СӨ президенигэр Михаил Никалаевка Аан дойдутааҕы Олимпийскай комитет кыһыл көмүс өйдөбүнньүк мэтээлин туттарбыттара.
Бастакы оонньууга спорт 8 көрүҥэр күрэхтэһии буолбута: чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, боксаҕа, саахымакка, дуомакка (шашки), оҕунан ытыыга, дзюдоҕа, остуол тенниһигэр күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттара. Бу күрэхтэһиилэргэ Кытайтан, Таиландтан, Монголияттан, Кореяттан, Кыргызтантан, Казахстантан, Бурятияттан, Тываттан, Агино-Бурятскай автономнай уокуруктан – барыта 300 эдэр оҕо, спортменнар кыттыыны ылбыттара, күрэхтэспиттэрэ. Оонньууга барыта 224 мэтээл туруоруллубута: 72 кыһыл көмүс, 73 үрүҥ көмүс, 79 бронза мэтээл.
Мэтээллэр хамаанданан маннык тарҕаммыттара: Кытай 9 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, барыта – 12 мэтээл; Монголия 4 кыһыл көмүс, 7 үрүҥ көмүс, 16 бронза, барыта – 27 мэтээл уо.д.а. Саамай элбэҕи Саха сирин хамаандата ылбыта – 34 кыһыл көмүс, 35 үрүҥ көмүс, 47 бронза. Барыта – 116 мэтээл. Бу буолбут бастакы «Азия оҕолоро» оонньууга Саха сирин хамаандата эрэллээхтик бастакы миэстэни ылбыта.
1996 сыллаахха буолбут спортивнай оонньуу бары өттүнэн үрдүк тэрээһиннээхтик ааспыта, ыытыллыбыта. Омук дойду спортивнай тэрилтэлэрэ, специалистара, журналистара бу буолбут оонньууну үрдүктүк сыаналаабыттара, хайҕаабыттара. Спортивнай оонньуу үрдүк ситиһиилэммитинэн, үрдүктүк сыаналаабыттарынан үгэс быһыытынан салгыы ыытарга быһаарыныыны ылбыттара. Ол курдук, 1999 сыллаахха сэтинньигэ РСФСР Правительствотын председателэ В.В. Путин бу оонньууну салгыы 2000 сылга атырдьах ыйыгар Дьокуускайга ыытар туһунан Уураах таһаарбыта.
Быйыл «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу төрүттэммитэ, үөскээбитэ 28-c сыла буолар. Өр кэм Саха сиригэр, Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттара. Кэнники кэмнэргэ Россия атын регионнарынан, уобуластарынан, омук сирдэринэн ыытыллан кэллилэр. Быйылгы 2024 сылга төрөөбүт-үөскээбит сиригэр ыытыллар буолла.
«Азия оҕолоро» – кынаттаабыт спортсмена
Спортивнай оонньууттан саҕалаан элбэх биллэр спорсменнар тахсыталаабыттара. Олортон биирдэстэрэ, эһэм, суруйааччы, общественнай, государственнай деятель М.Н. Тимофеев-Терешкин өттүттэн чугас хаан-уруу аймахпыт Саха сирин боксатын үрдүк чыпчаалыгар сылдьабыт Россия 5 төгүллээх, Европа 3 төгүллээх чемпиона, Аан дойду чемпионатын, Афинатааҕы, Пекиннээҕи Олимпиядатын 3-с миэстэлээх призера, кыттыылааҕа Г.Р. Балакшин буолар. Георгий Балакшин Саха сирин спортсменнарыттан биир бастакынан Европа 3 төгүллээх чемпиона буолбута. Сэбиэскэй Сойуус саҕана 6 эрэ спортсмен боксаҕа итинник ситиһиилэммитэ.
1996 сыллаахха «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга Георгий Балакшин боксаҕа кыттан чемпион үрдүк аатын ылбыта, улахан спорка өрө тахсыыта мантан саҕаламмыта. Бастакы оонньууттан кынаттанан тахсыбыт биллииилээх спортсмен-боксер билигин Ил-Түмэн депутата, Ил Дархан сүбэһитэ.
Олимпийскай спортивнай оонньуу историятыттан
«Азия оҕолоро» спортивнай оонньууну Олимпиада оҕото диэххэ сөп. Олимпийскай оонньуулары ыытыы былыр-былыргыттан кэлбит үгэс буолар. Олимпийскай оонньуулары былыр Грецияҕа тыһыынчаттан тахса сыл анараа өттүгэр ыыталыы сылдьыбыттарын историяттан ааҕан билэбит. Оччолорго Грецияҕа олимпиада ыытыллар кэмигэр туох-баар иирсиилэрин-охсуһууларын, сэриилэһэллэрин тохтотон туран ыыталлара. Олимпиада кэмигэр аҕыйах ый эйэлэһэн, сэриитэ-охсуһуута суох олороллоро. Итинтэн көстөр, олимпиаданы убаастыыллара, ытыктыыллара.
Грецияҕа былыр-былыргыттан муора таһыгар Пелопоннескай диэн арыы сир курдук аҥардаах сиргэ улаханнык убаастанар, ытыктанар, таҥара курдук оҥостубут “сибэтиэй” сирдэрэ Олимпия – диэн баара. Ити Олимпия диэн сиртэн уоту уматан күрэхтэһии ыытыллар сиригэр аҕалан күрэхтэһии бүтүөр диэри уматан туруораллара. Ол иһин күрэхтэһиилэр “Олимпия” – диэн “сибэтиэй” сиртэн уоту аҕалан уматтахтарына саҕаланарыттан ити оонньуулары – күрэхтэһиилэри ити сир аатыттан “олимпийскай” – оонньуулар диэн ааттыыр буолбуттара.
Олимпийскай оонньуу умнуллууга барыыта уонна саҥа күөрэйиитэ
Биһиги эрабыт – үйэбит 394 сылыгар римскэй император Феодосий I олимпийскай оонньуулары ыытары бобон кэбиспитэ. Греция “сибэтиэй” сирэ умнуллууга барбыта. “Сибэтиэй” сир балысханнаах уу кэлиититтэн, сир хамсааһыныттан улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Ону ким даҕаны чөлөгэр түһэрбэтэҕэ.
Таһыынчаттан тахса сыл “олимпийскай” оонньуулар умнуллууга барбыттара. Ол да буоллар дьон, норуот өйүттэн-санаатыттан олох сүтэн хаалбатахтара. Умнуллууга барбыт олимпийскай оонньуулары саҥаттан тэрийэн ыытар туһунан боппуруоһу Франция киһитэ Пьер де Кубертен (1863-1937) көҕүлээбитэ, туруорсубута, саҕылаабыта.
1892 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Франция Сорбон диэн куоратыгар буолбут спортивнай конгресска Пьер де Кубертен Олимпийскай оонньуулары саҥаттан тэрийэн ыытар туһунан доклады оҥорбута, боппуруоһу көтөхпүтэ. Ити буолбут Конгресска 10 дойдуттан уонна Россияттан 2 тыһ. киһи кыттыыны ылбыта. Онтон бэс ыйын 23 күнүгэр 1894 сыллаахха Парижка буолбут спортивнай конгресска «Международный Олимпийский Комитет» – МОК диэн тэриллибитэ. Бу буолбут конгресска 2 сылынан бастакы Олимпийскай оонньуулары ыытарга уураахтаабыттара.
Саҥа тэриллибит МОК бастакы Олимпийскай оонньуулары Греция сиригэр (олимпийскай оонньуулар төрүт үөскээбит сирдэригэр) ыытарга быһаарбыттара. Онтон МОК бастакы президенинэн эмиэ Греция киһитин Деиетриус Викелас диэн киһини талбыттара.
Ити курдук бастакы Олимпийскай оонньуу, спортивнай күрэхтэһии 1896 сыллаахха Греция столицатыгар Афинаҕа ыытыллыбыта. Манна спорт 9 көрүҥэр күрэхтэһии буолбута. Бу күрэхтэһиигэ 14 дойдуттан 245 спортсмен кыттыыны ылбыта.
Саха сириттэн төрүттээх Олимпийскай чемпионнар
Саха сириттэн төрүттээх спортсменнар Олимпийскай оонньууларга ситиһиилээхтик кыттаннар чемпионнар буолбуттара. Ол курдук, Саха сириттэн төрүттээх Мэҥэ Хаҥаласка төрөөбүт, кэлин Москва куоракка олохсуйбут нуучча-саха аҥардаах Тимир Пинегин 1960 сыллаахха Италияҕа Рим куоракка ыытыллыбыт XVII Олимпиадаҕа “паруснай спортка” кыттан олимпийскай чемпион үрдүк аатын ылбыта. Олимпийскай кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Иккис киһинэн Олимпийскай чемпион буолбут Саха сириттэн Батамай нэһилиэгиттэн төрүттээх нуучча киһитэ Владимир Голованов буолар. Кини Токиоҕа (Япония) ыытыллыбыт XVIII Олимпийскай оонньууларга кыттан штанга анньыытыгар (тяжелай атлетика) олимпийскай чемпион буолбута.
1972 сыллаахха Германияҕа Мюнхен диэн куоракка ыытыллыбыт XX Олимпийскай күрэхтэһиигэ саха уола Роман Дмитриев көҥүл тустууга Олимпийскай чемпион буолбута.
1976 сыллаахха Канадаҕа Монреаль куоракка ыытыллыбыт XXI Олимпийскай күрэхтэһиигэ 3 саха уолаттара кыттыбыттара: Павел Пинигин – Олимпийскай чемпион буолбута. Роман Дмитриев, Александр Иванов – үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Бу Саха сирин спордун, тустуутун үрдүк ситиһиитэ, өрөгөйө этэ.
1896 сыллаахтан бастакы Олимпийскай оонньууну Грецияҕа, Афинаҕа ыытыахтарыттан ыла Олимпийскай күрэхтэһиилэр элбэх сиринэн, дойдунан, куораттарынан ыытыллан кэллилэр.
1980 сыллаахха биһиги дойдубутугар Сэбиэскэй Сойууска, Россияҕа Москва куоракка XXII Олимпийскай оонньуулар, күрэхтэһиилэр үрдүк тэрээһиннэхтик, таһымнаахтык, өрө көтөҕүүлээхтик ыытыллыбыттара.
«Азия оҕолоро» – оонньууга бэлэмнэнии
Сахабыт сиригэр, Дьокуускай куораппытыгар, 1996 сыллаахтан норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу ыытыллыаҕыттан, «АЛРОСА» алмаас компаниятыттан уруккутунааҕар элбэх үбү-харчыны ылыахпытыттан, РОК (Российскай Олимпийскай Комитет) спортивнай оонньууну ыытарбытыгар, спортивнай объектары, дыбарыастары тутарбытыгар элбэх үбү-харчыны көрөллөрүнэн, биэрэллэринэн Дьокуускай куораппытыгар элбэх спортивнай сааллары, стадионнары, объектары туттардылар. Куоратпыт биллэрдик тубуста-улаатта. Элбэх аныгы дьиэлэр, кварталлар тутулуннулар.
Быйыл «Азия оҕолоро» оонньууну үрдүк таһымнаахтык ыытаары спортивнай обьектары, стадионнары өрөмүөннүү, тупсара сылдьаллар. Элбэх уулууссалар, болуоссаттар асфальтаннылар. Дьон олорор дьиэлэрин өрөмүөннээтилэр, тупсарыныы үлэтэ көхтөөхтүк барар.
Бу да сырыыга норуоттар икки ардыларынааҕы VIII «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу үрдүк тэрээһиннээхтик, өрө көтөҕүүлээхтик тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Д.Д. Усов – Эльгяйский
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн