Нам-Дьокуускай-Нам хайысхаҕа үлэлиир «Эҥсиэли» такси сулууспатын салайааччыта Байдам Мардьа Марха Уола Дьокуускайга быһахтаһыы түмүгэр биир дойдулаахпыт суорума суолламмыт ыар балаһыанньаҕа санаатын үллэһиннэ.
— Уолаттар, өрүкүйүмэҥ. Алҕас саҥаран киирэн биэримэҥ. Оннооҕор инбэлиит бырааты көмүскээн сууттаммытым дии. Онно да эппитим, билигин да этэбин: кыргыһар кыайыыны аҕалбат! Саха саханы ытыктаан, сахалыы ааттанан, өбүгэ итэҕэлин өйдөөн ылынан киһилии олоруу ирдэнэр.
Оҕолорбут мунан сылдьаллар — убайдара суох. Сүбэлээччи буоллуҥ да статья… Онон эр дьон бэрт былдьаһыыта тахса турар. Билигин оннук быһыы буолла. Онно үөрбүт кыраһыыннааччылар быгыалаһа түстүлэр. Итиннэ киирэн биэримэҥ, бэйэ сиэрдээх толкуйунан дьаһаныҥ. Кыраһыынньыттар дьыбааҥҥа сыталлар буолуохтаах.
Лена Ноговицына