Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар болҕомто уҕараабат

Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата тэрийбит “Помоги собраться в школу” акция Нам сэлиэнньэтигэр салҕанар.

Бу күннэргэ үөрэххэ наадалаахтары элбэх функциялаах киин “Мои документы”, СХПК “Эрэл” үлэһиттэрэ үөрэнээччилэргэ туттардылар.

Үтүө санаалаах Наммыт туруу үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар бэйэлэрин көмөлөрүн ууналлар. Ол курдук, “Помоги собраться в школу” акцияҕа Намнааҕы ветеринария, Намнааҕы киин балыыһа үлэһиттэрэ кыттыһаннар байыастар оҕолоругар үөрэххэ сөптөөх маллары туттараллар. Намнааҕы киин балыыһа коллектива 6 дьиэ кэргэн 10 үөрэнээччитигэр көмө оҥордо.

“Помоги собраться в школу” акция балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Тэрилтэ салайааччылара, түөлбэ көхтөөх олохтоохторо, түмсүүлэр оҕо үөрүүтүн үксэтэр үтүө акцияҕа эрэллээхтик кыттыһыахтара.

Көмө оҥорууттан туора турбат дьоммут-сэргэбит 89142983862 нүөмэргэ эрийэн билсиэхтэрэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше