Бэҕэһээ Хатырыкка М.К. Аммосов аатынан СӨ Государственноһын историятын түмэлигэр БАМ тутуутун 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө быыстапка аһылынна.
Сэбиэскэй кэмҥэ биир саамай биллэр, уустук уонна баараҕай тутуунан Илин Сибиир, Илин Уһук сирдэринэн ааһар 4324 км. усталаах тимир суол Байкал-Амур магистрала (БАМ) буолбута. Эһиил 2024 сыллаахха БАМ тутуутун 50 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэр. Ол чэрчитинэн ыытыллыбыт көрсүһүүгэ БАМ тутуутугар кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбыт дьоһун ыалдьыттарынан буоллулар: Анатолий Афанасьевич Павлов, тимир суол үлэтин бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх тутааччыта, ССРС Ленинскэй комсомолун бириэмийэтин лауреата, «Үлэ албан аат» уордьан III ст., «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл кавалера, «Саха комсомолеһа» этэрээт комсорга, Үөдэй нэһилиэгин олохтооҕо, Гаврил Васильевич Винокуров, тутуу бэтэрээнэ, «БАМ тутуутун иһин» мэтээл кавалера, «Бастакы тутааччы» бэлиэлээх, Модут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Хатырык нэһилиэгиттэн – Василий Николаевич Дьяконов, РФ бэтэрээнэ, СӨ баһаары утары үлэ туйгуна, «Баһаарынай үлэни сырдатыы иһин», «Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэрдээх, Хатырыктааҕы МПЧ-2 начаалынньыга, кэргэннии Александр Семенович, Светлана Семеновна Алексеевтар, тутуу үлэтин бэтэрээннэрэ.
Кинилэр эдэр саастарыгар үлэлээн ааспыт кэмнэрин, кыайыылаах, хотуулаах үлэ күүрээннээх күннэрин иһирэхтик аҕыннылар, киирбит ыйытыыларга хоруйдаатылар, оҕолорго, эдэрдэргэ туһаайан үлэттэн чаҕыйбакка, туруу үлэһит дьон буола улааталларыгар баҕардылар.
Түмэл дириэктэрэ Александр Васильевич Кириллин пуондатыттан бэрт элбэх архыып матырыйаалын билиһиннэрдэ. Ол курдук, Автономияны турууласпыт, олохтоспут Максим Кирович Аммосов ВЦИК президиумугар Саха АССР бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлии сылдьан Саха сирин соҕуруу өттүгэр 1849 с. көстүбүт дьапталҕа таас чоҕу (учуонайдар ааҕыыларынан быһа холуйан 7,2 млрд. туонаҕа тэҥнэһэр) туһаҕа таһаарыы эдэр өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Сэбиэскэй былааска, бүтүн дойдуга сүҥкэн туһаны аҕаларын сөпкө сыаналаан, 1923 с. Совнарком бэрэссэдээтэлигэр В.И. Лениҥҥэ ол туһунан сурук суруйбут, ону сэргэ Саха сиригэр айан транспорын тиһилигэ Трансибиир тимир суолугар тахсарыгар санаатын тиэрпит. Онон чулуу киһибит инники сайдыыны өтө көрөн, тимир суол бастакы рельсэтэ түһэрин эмиэ туруорсубут.
БАМ – уустук бырайыагын бэлиэтииллэр: аан дойдуга биир саамай уһун тимир суол тиһилигэ (4324 км.) аҥарыттан ордуга ирбэт тоҥ сиринэн тардыллыбыт, 11 улахан өрүстэри туораабыт, 8 тоннеллаах, 142 муоста тутуллубут, 200-тэн тахса станциялаах, арахсар сирдээх, 60-тан тахса куораттарынан, бөһүөлэктэринэн ааһар, сүрүн чааһа 12 сылтан ордук кэмҥэ тутуллубут, ол билигин да көдьүүстээхтик үлэлиир.
БАМ тутуутугар кыттыбыт Саха сирин эдэр уолаттарын, кыргыттарын күүрээннээх үлэлэрин хаартыскалара тиһиллэн экраҥҥа көрдөрүлүннэ. Ыҥырыылаах ыалдьыттар ону кэҥэтэн, уруккуну күө-дьаа ахтыбыттарын бары да астына иһиттибит, бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна. Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Дмитриевна Кобякова эр санаа трассатын эрэллээх байыастарын эҕэрдэлээн туран, аҕам саастаах дьоҥҥо эҕэрдэ суруктары уонна «Саха АССР 100 сыла» бэлиэлэри туттарда. Модут нэһилиэгин баһылыга Ефим Ефимович Гоголев бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээтэ, Гаврил Васильевиһы махтал суругунан бэлиэтээтэ. Түмэл дириэктэрэ А.В. Кириллин барыларыгар махтанна, БАМ тутуллубута 50 с. үбүлүөйүн дьоһуннук көрсөргө барыбытын элбэх үлэ күүтэрин бэлиэтээтэ.
Касьян Олесов-Олук