Басхан майгылаах уолаттар көрсүбүттэр

«Басхан-2024» диэн уолаттар ортолоругар 1-кы улуустааҕы дьыалабыай оонньуу олунньу 29 күнүгэр  1 Хомустаах “Сайдыы” оҕо айымньытын дьиэтигэр буолбут.  Бу туһунан  оҕо айымньытын дьиэтин DDTSaiduu телеграм ханаала суруйда.

Басхан диэн тыл тылбааһа лидер диэн. Ол  аата  бас-көс, баһылыыр  диэн суолталаах.  Дьыалабыай оонньуу Саха автономиятын төрүттэспит Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт. Оонньууга 5 басхан (лидер) майгылаах  уол 5 түһүмэххэ холоммуттар.

Ол курдук, Модут орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Петр Осипов,  улуустааҕы гимназия 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Егор Тихонов,  1 Хомустаах орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Артемий Ядреев, Хамаҕатта орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Саввинов,  Үөдэй орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Гаврил Сысолятин.

Түмүккэ “Басхан-2024” дьыалабыай оонньуу муҥутуур кыайыылааҕынан  Модут орто оскуолатын 10-c кылааһын үөрэнээччитэ Петр Осипов буолан,  муус устарга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Басхан-2024” дьыалабыай оонньууга кыттар чиэскэ тиксибит.

Лена Ноговицына