Биһиэхэ суруйаллар
Биэрэк кытыытыгар (водокачкаттан заправка анныгар) сайын устата сөтүөлээн, балыктаан сынньанааччылар бөх бөҕөтүн хаалларан бараллар. Ону бу күннэргэ иккиэ буолан ыраастаатыбыт. Сатыы сылдьар буоламмыт сыыр үрдүгэр нэһиилэ таһаардыбыт. Хата, аара уолаттар ааһан иһэллэрин көрөн, тохтобул кэннигэр баар бөҕү-сыыһы быраҕар сиргэ илтэрбиппит.
Сынньанааччылар, балыктааччылар бөххүтүн бэйэҕит кэннигититтэн хомуйан бараргыт буоллар, сир, айылҕа бэйэтэ да махтаныа этэ. Көрүнэн сылдьыҥ!
Ыччакка, оҕолорго бэйэлэрин кэннилэриттэн бу курдук бөҕү-сыыһы хаалларбакка, айылҕаны киртиппэккэ хомуна сылдьалларын туһуттан, өйдөтөр үлэ күүстээхтик ыытыллыан наада!
Бу эрэ буолбатах, өссө икки сиргэ маннык мунньан хомуйдубут.