Бэйэ дьыалата умсугутар

Нам улууһугар ыам ыйын 13-тэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри дьиэ кэргэн декадата биллэриллибитэ. Кэнники кэмҥэ урбаан эйгэтигэр үгүс ыал ылыста. Ол курдук, аныгы үйэҕэ дьиэ кэргэттэр араас хайысхаҕа ылсан тэҥҥэ үлэлиир буоллулар.

Урбаанньыт, үс оҕолоох Ирина, Игорь Кривошапкиннар 2021 сылтан Намҥа аан маҥнайгынан кофе атыылыыр өҥөнү арыйбыттара. Билигин Кривошапкиннар дьиэ кэргэн “Точка Кофе” диэн кафе үлэлэтэллэр. Үгүс Нам олохтооҕо “Намҥа мантан ордук кофе булбаккын” диэн кинилэр оҥорор кофеларын сэҥээрэн атыылаһан ааһар. Ону тэҥэ, аҕыйах кэм иһигэр бастыҥ амтаннаах Рамен, Том Ям “Кофе Точкаҕа” баар диэн дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн тиийэр буолла.

Амтаннаах кофены оҥорор эдэр ыал аҕата Игорь Кривошапкин ааҕааччыларга бэйэ дьыалатын хайдах арыйан үлэлээбиттэрин сиһилии кэпсиэҕэ.

— Игорь Александрович, туох толкуйтан бэйэ дьыалатын арынан хас сыллаахтан дьарыктанаҕыт?

— Нам сэлиэнньэтигэр кофе атыылыыр өҥөнү 2021 сыллаахха арыйбыппыт. Ол иннинэ, 2019 сыллаахха Кореяҕа 2 ыйга үлэлии барбытым. Көрдөхпүнэ онно олус үчүгэй кофейнялар үлэлииллэрэ. Арай, биир үтүө күн сарсыарда интэриэһиргээн атыылаһан истим. Тута сэргэхсийэ, чэбдигирэ түспүтүм. Сарсыарда туран нэһиилэ сылдьыбытым ханна да суох буолуор диэри туһалаах эбит дии санаабытым. Арааһынай энергетик оннугар ураты амтаннаах, сэргэхситэр кофе боруобалаабытым кэнниттэн, сарсыарда аайы кофе иһэр идэлэммитим.

Дойдубар кэлэн баран, биллэн турар, оннук амтаннаах кофелары көрдөөн булбатаҕым… Ол курдук, “3 в 1” саҕалаан араас “латте”, “капуччино” кофеларга тиийэ испитим. Оччолорго “Намҥа кофе атыылыыр сирдэр бааллара буоллар үчүгэй буолуо этэ” дии санаабытым.

Маҥнай кофе атыылыыр туһунан толкуйдаабатахпыт, санааҕа даҕаны суоҕа. Кэргэним Ирина Саввична социальнай хантараагынан бэйэ дьыалатын арынарга типография хайысхатынан бизнес-былаан суруйан саҕалаабыта. Ол эрээри кыаллыбатаҕа…

Кофейня арынарга быһаарынаат, Дьокуускай куоракка үлэлии киирбитим. Манна дьону кытта кэпсэтэргэ, атыылаһааччылар наадаларын толорорго, дьоҥҥо үтүө сыһыаны олохтуурга үөрэммитим. Намҥа кофейня баара буоллар диэн баҕа санааны, дьэ, 2021 сыллаахха социальнай хантараагынан олоххо киллэрбиппит. Оҥорор тэриллэрбитин барытын 350-400 тыһ. солк. кэриҥэ суумаҕа ылыммыппыт уонна кофейня арыммыппыт. Саҥардыы бэйэ дьыалатын арыйан үлэлэтээччи дьоҥҥо социальнай хантараак күүстээх өйөбүл, улахан көмө буолар эбит.

Кофе күнү супту иһэр утах буолбатах. Күҥҥэ биирдэ-иккитэ истэххэ сөп. Оттон оскуола үөрэнээччитигэр киирдэххэ, арай, бэрт кыратык эрэ иһиэхтэрин сөбө буолуо. Оҕолор бэйэ-бэйэни үтүктэн үлүһүйбэккэ, толкуйдаан, ыараҥнатан, тэҥнээн баран биирдэ оҥоруохтарын наада, уопсайынан. Ол кэриэтэ оҕолор смузи, чай арааһа, хомпуот, морс иһэллэрэ ордук.

— Кафеҕытыгар төһө киһи сылдьарый?

— Аан маҥнай кофейнябыт “Ассоль” атыы-эргиэн дьиэтигэр, онтон кулинаркаҕа турбуппут. Сүрүн хайысхабыт кофе уонна сакалаат, кондитерскай этэ. Холобура, “Ассольга” кыараҕаһа. Ону тэҥэ, аан аттыгар турбут буоламмыт, тымныыга малбыт-салбыт тоҥоллоро. Оттон кулинаркаҕа атыылыы тураммыт, өссө улаатыахпытын, сайдыахпытын баҕарбыппыт. Киһи итинник ээ. Биир сиргэ тэпсэҥнээбэккэ, куруук бэйэтин үлэтин кэҥэтиэн, сайыннарыан баҕарар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Чернышевскай аатынан уулуссаҕа баар урукку атыы дьиэтин сөргүтэн “Кофе Точка” кафе арынан үлэлии олоробут. Билигин кофенан, сакалаатынан эрэ муҥурдаммакка менюбутун кэҥэттибит. Асчыт үөрэхтээх быраатым Александр толоруутугар Рамен, Том Ям мииннэри дьон хото ылар. Үгүс кафеларга, рестораннарга үлэлээбит бырааппынаан өссө кафебытын өрөмүөннүү сылдьан баҕа санааны ырытан турардаахпыт. Саха буоларбытынан, сахалыы ис миинин астыыр былааннаах этибит. Ол эрээри, ыллыҥ да тута барыта сатаммат. Холобура, бүгүҥҥү күҥҥэ хоргуннаах, сымнаҕас сибиэһэй бэйэ этин булар уустук, эрэйдээх. Инньэ гынан, үрдүк таһымҥа диэри кыайан тиэрдибэтэхпит. Докумуоннаах амтана суох эти маҕаһыынтан ылар астыга суох. Биһигиттэн бурдук астан хото чебурегы, беляһы, блиныны атыылаһаллар. Оттон мииннэртэн Рамену, Том Ямы ордороллор. Бэлиэтээн эттэххэ, атын мииннэр баалларын үрдүнэн бу иккини эрэ талаллар уонна кофе араас көрүҥэ күн ахсын атыыга барар.

Мин санаабар, биһиэхэ сылдьыбыттар үксүлэрэ, төннөн кэлэ тураллар эбит. Кинилэр баар буоланнар биһиги үлэбит таһаарыылаах диэн быһаарынабыт, махтанабыт! Күҥҥэ ортотунан кафеҕа 40 кэриҥэ атыылаһааччы охсуллан ааһар.

Намҥа бэйэбит испитигэр кыра күрэстэһии оҥоро сатыыбыт. Оччоҕо эрэ сайдыы, саҥаны тобулуу, оҥоруу барар эбит диэн санааҕа тохтуубут.

— Сүрүн быһаарыныыны ким ылынарый?

— Мин толкуйбунан, ханнык баҕарар сытыы ыйытыыларга эр киһи быһаарыныы ылыныахтаах. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа киһи баһылык буоларын быһыытынан, бүтэһик этиини эр киһи түмүктүүр. Дьоҥҥун иитэр туһунан эппиэтинэс сүгэҕин уонна онно үөрэниэхтээххин.

— Үлэҕит устата туох ыарахаттары көрсөн кэллигит?

— Уустуктар куруук баар. Саамай ыарырҕатарым, өй-санаа охсуһуута үүйэ-хаайа тутар. Биһиги дьоҥҥо бэйэбит хайдах көрөрбүтүнэн санаабытын, сатабылбытын тиэрдэ сатыыбыт. Бэйэ астыыр аһа иҥэмтэлээх буоларын туһугар сырабын барыыбын, дьаныардаахтык кыһаллабын. Ону элбэх киһи өйдөөбөт дии санаатым. Киһи куртаҕын аһынан эрэ албыннаабакка, ас амтанын билэн минньигэстик аһыахтаах. Элбэх сүбэлээччи баар. Олортон ырытан, толкуйдаан, илдьиритэн баран олоххо киллэрэбит. Дьонтон үчүгэй эрэ тылларын иҥэринэбит. Уоннааҕы саҥаны-иҥэни буолуохтааҕын курдук ылынабыт. Тоҕо диэтэр, аан маҥнай арыллыахтаахпытыттан ону билэр этибит, бэлэмнээх ылсыбыппыт.

— Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Бастакы сүрүн хардыы – үлэлиэххэ! Былааннаабыккын уларыппакка баран иһиэххэ наада. Арай, былааҥҥын эмискэ уларыттаххына, ыһыктынан кэбиһиэххин сөп. Син биир дьиссипилиинэ ыһылларын тэҥэ. Онон былааннаабыккыттан халбарыйбакка, тугу да быраҕан туран, айанныы туруохха наада. Ону тэҥэ, толкуйдаах, өйдөбүллээх буолуохтааххын. Харчыны эккирэтимиэххэ наада, сүрүнэ. Бэйэҥ сөбүлүүр дьарыккынан дьарыктан, оҥор, уоннааҕытын ситиһиэҥ.

— Урбаан эйгэтигэр өйгөр-санааҕар умнуллубаттыы хаалбыт үөрэх?

— Урбаан эйгэтигэр саамай бириэмэни тутуһууга үөрэнэ сатыыбын. Ол да буоллар, киһиэхэ бириэмэтэ олох аҕыйах эбит. Киһи кыра да кэмҥэ кэлэр эбит диэн саныыгын.

— Бэйэ дьыалатын арыныаххытыттан төһө уларыйыы буолла дии саныыгын?

— Кофейня арыйыахпытыттан үгүс уларыйыыны көрүстүбүт, аастыбыт. Туох да хара баһаам. Бастакытынан, уларыйыы бэйэбититтэн саҕаланар. Иккиһинэн, оҥорор бородууксуйабыт хаачыстыбата биллэ үрдээтэ. Үсүһүнэн, атын кафелары, астары кытта бэйэбит киэммитин тэҥнии тутар буолан хааллым, тоҕо эрэ. Холобура, аһыыр буоллахпына, үлүбээй аһаабакка, хайаан даҕаны сыана туруорар, ырытар буоллум. Ас эмиэ муусука, уруһуй кэриэтэ искусство.

Максим Аммосов аатынан Набережнайга баар ларектарга ымсыырабын, үлэлиэхпин наһаа баҕарабын, эрээри… Бииртэн бииргэ ойбокко, маҥнай үлэлэтэ турар кафебытын тиһэҕэр диэри атаҕар туруоруохха наада.

— Өйөбүл буолбут дьоннору кимнээҕи ааттаталыаххын сөбүй?

— Миэхэ кэргэним, быраатым, төрөппүттэрбит, аймахтарбыт, куруук сылдьар атыылаһааччыларбыт күүс-көмө буолаллар. Сүбэ-ама буолар, илиилэрин утары уунар киһибит “Мой бизнес” киин салайааччыта Тарабукина Марфа Семеновна, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалта специалиһа Дураева Мария Ивановна. Намнар үтүө дьон буоланнар соҕотохтуу хаалларбаттар диэн өйдөбүл кыра эрдэхпиттэн баар.

Марфа Тарабукина, “Мой бизнес” киин сэбиэдиссэйэ:

Кривошапкиннар эдэр дьиэ кэргэн биисинэскэ кыраттан саҕалаан кэлбиттэрэ. Ирина уонна Игорь туһунан санаалаах, толкуйдаах эдэр дьон диэн киһи хайҕыыр. Киһи этэр сүбэтин ылынар, инники кирбиигэ сылдьар, барытыгар кыттар эдэр ыал.

Баҕалаах киһи туохтан да толлубат, сатаннын сатамматын иннин диэки эрэллээхтик хардыылыыр. Ол курдук, Ирина, Игорь Кривошапкиннар хара маҥнайгыттан биир санаалаах, үтүө көрүүлээх, эрдэттэн тугу гыныахтарын билэр, инники былааннаах оҕолор кэлбиттэрэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше