Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан Нам улууһугар бүгүн Баишевтар дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕо күн сирин көрдө. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр XIII Аан дойдутааҕы ийэ кыһыл оҕону эмиийдэтэр уонна ийэ, оҕо доруобай аһылыктаах нэдиэлэнэн биллэриллибитэ.
Александра, Евгений Баишевтары дьиэлэригэр үөрүүлээх таһаарыыга улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделыттан Инга Захарова Нам улууһун баһылыгын, дьиэ кэргэн отделын эҕэрдэ суруктарын уонна Дьиэ кэргэн сыла бэлиэни, сибэкки туттарда. Намнааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев эҕэрдэлээччилэргэ кыттыһан күн сирин көрдөрбүт ийэлээх аҕаҕа оҕо наборун таҥаһынан бэлэх ууммут.
Нам сэлиэнньэтин олохтоохторугар Баишевтарга олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Сокольников эҕэрдэ суругун, сэмэй бэлэхтэрин, сибэкки бэлэх ууннулар. Социальнай харысхалтан Анастасия Баишева “Дети столетия” серфтификаты уонна сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Ону тэҥэ, Ирина Находкина салайааччылаах дьахтар сэбиэтэ Нам сэлиэнньэтин аатыттан эҕэрдэ сурук уонна “Эргимтэ” маҕаһыын салайааччыта Лидия Румянцева спонспордаабыт бэлэҕин туттарда, эҕэрдэ тыллары эттэ.
Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ