СӨ наукаларын Академията, «Лаборатория детства» АНО, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай института муус устар 22-25 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Родничок» парциальнай программаҕа олоҕурбут «Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэригэр патриотическай иитии-үөрэтии киэбин туһанан уһуйуу» темаҕа идэни үрдэтэр олус наадалаах курсу ыыттылар.
«Родничок» – Т.И. Никифорова, Л.В. Попова, А.Н. Веракса, Ю.И. Семенов бөлөх ааптардаах парциальнай программа. Салайааччылара — Н.Е. Веракса. Бу оҕо уһуйааныгар туһаныллар үөрэх сүрүн программатын таһынан оҕо өй-санаа, личность быһыытынан сайдарыгар көмө программа буолар.
Программаны олоххо киллэрии сыала — оҕо уһуйааныгар үөрэх үлэтин тэрийиигэ уонна патриотическай иитиигэ ФГОС уонна ФОП ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, иитээччилэр идэлэрин таһымын үрдэтии.
Курс уһуйааҥҥа оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэҕи тэрийии, психолого-педагогическай арыаллааһын соругун толорууга көдьүүстээх ньымалары, технологиялары уонна инструменнары туһанан үлэҕэ туттуу суолун быһаарыы, сыалы ситиһии буолар.
Бөтүҥ нэһилиэгин «Сардаана» оҕо уһуйаана 2018 сылтан «Посткроссинг как инструмент коммуникации в воспитании патриотизма у детей дошкольного возраста» бырайыагынан үлэлиир уонна «Өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай площадка» статуһун ылбыта. Уһуйаан иитээччитэ Мария Исмакова «Родничок» парциальнай программатынан тэриллибит курска идэтин үрдэтиннэ.
Курс чэрчитинэн «Сардаана» оҕо уһуйаана «Патриотическое воспитание детей дошкольного возраста через проектную деятельность» темаҕа оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин педагогтарын үөрэтэр-методическай үлэлэрин көрүү куонкурусугар кыттыбыта. Барыта 30 үлэ киирбититтэн кинилэр үлэлэрэ талыллан, куонкурус кыайыылааҕынан ааттанна. Елизавета Иванова сэбиэдиссэйдээх «Сардаана» оҕо уһуйаана харчынан сертификатынан наҕараадаланна уонна «Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору патриотическай иитиигэ «Родничок» парциальнай программанан үлэлиир ресурснай киин» статуһун ылла.
Касьян Олесов-Олук