Бөтүҥнэр көмөҕө наадыйааччыларга муус ылан биэрдилэр

Бу күннэргэ салайааччылыын, үлэһиттиин бука бары байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөрү оҥороллор. Муус туран, билигин иһэр уубутун маассабайдык хаһаанабыт.

Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын, ОДьКХ, “Айылгы” культура киинин эр дьоно байыаннай дьайыыга кыттыыны ылар дьиэ кэргэттэригэр муус ылан көмөҕө туруннулар. Ону тэҥэ, тыыл ветераныгар, сэрии сылларын оҕолоругар уонна соҕотох ийэлэргэ биирдии бырысыап муус тиэрдиллибитин “Айылгы” киин дириэктэрэ Михаил Макаров этэр.

Бөтүҥнэр ханнык баҕарар салааҕа, эйгэҕэ, уопсай дьыала туһугар куруук көхтөөхтүк ылсаллар.

«Эҥсиэли» хаһыат

Читайте дальше