БИҺИГИ АҔАБЫТ ПРОКОПЬЕВ ХАРЛАМПИЙ ДМИТРЬЕВИЧ (1896-1959 сс.) — ААЛЛААХ ҮҮН ТАҺАҔАСЧЫТА

Хомойуох иһин, Ааллаах Үүҥҥэ сылдьыбыт дьонтон Хатырыкка билигин ким да суох. Ол иһин кинилэр оҕолоруттан, саастаах дьонтон ыйыталаһан, быстах кыра кэпсээннэриттэн, ыстатыйалартан, краеведтар чинчийиилэриттэн, ахтыыны мунньубуттарыттан, райисполкомнар, былаастар докумуоннарыттан суруйдум. Биһиги, кинилэр оҕолоро, бу сааһыра барбыт дьон, биһиги аҕаларбыт, убайдарбыт, эдьиийдэрбит, эбэлэрбит, эһэлэрбит дойдубут туһа диэн, биһиги  инники олохпут туһугар, хорсун-хоодуот дьоммут хайдахтаах курдук ыарахаттары көрсөн, тоҥон-хатан сылдьыбыттарын саҥа өйдүү сатыыр курдукпут. Кинилэр героическай олохторун, дьылҕаларын инники кэлэр көлүөнэлэргэ төһө кыалларынан өйдөбүнньүк хааллара сатыыр ытык иэспит дии саныыбын.

Биһиги ийэлээх аҕабыт, эһэлэрбит эбэлэрбит, кинилэр төрөппүттэрэ уонна бииргэ  төрөөбүттэрэ, ол төрдүлэрэ -бары Хатырык нэһилиэгин сиригэр төрөөн-үөскээн, ыал буолан, үлэлээн-хамсаан олорбуттара уонна көмүс уҥуохтара төрөөбүт төрүт буордарыгар харалла сыталлар (Кустаах аартыгын үрдүгэр, Хатырыкка).

Биһиги аҕабыт Прокопьев Харлампий Дмитрьевич кириэс маһыгар 1896 сыл төрөөбүт диэн сурулла сылдьар, Нам сэлиэнньэтин архивыгар баар хаһаастыбалары суруйуу ВОРОШИЛОВ  аатынын холхуос боротокуолугар 1897 с. И.И.Суздалов, М.И. Старостина кинигэлэригэр «Хатырык нэһилиэгин дьонун төрдө –ууһа”. Дьокуускай 2010 с.-1901 сыл диэн суруллубуттар. Бу сөптөөх буолуо. Хомойуох иһин, Саха национальнай архивыгар бэйэм булбатым. Онон хайата кырдьыга биллибэт. Ревизские сказки 1895 переписка эһэбитин буллум. Прокопьев Дмитрий Михайлович (1865) 36 саастаах, онно ойоҕо Прокопьева Татьяна Сидоровна 23 саастаах. Дмитрий үһүс ойоҕо Ксения Ивановна. Оҕо эрдэхпитинэ эмээхситтэр кэпсииллэр этэ: эбэҕит Өксүүн диэн, кыайыылаах хотуулаах, ыҥырыыга сылдьар эмчит, отоһут, илбийэн эмтиир, оҕо төрөтөр идэлээх эбит. И.И. Суздалов, М.И. Старостина кинигэлэригэр «Хатырык нэһилиэгин дьонун төрдө –ууһа”. Дьокуускай  2010 с. Прокопьевтар төрдүлэрин 1692 сылтан суруйбуттар.

Аҕабыт бастакы кэргэнэ Көбөкөнтөн төрүттээх Лукинова Анастасия Даниловна диэн этэ. Кини оҕолоноору 1938 с. олоҕо быстыбыта.

Оҕолоро:

Прокопьев Петр Харлампьевич 1927 с.-2008 с. (үйэтин үгүс өттүн оройуон финансовой отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, Аҕа дойдун сэрии ветерана)

Прокопьева Аксинья Харлампьевна (1930-1993 с.с.) колхозка, балыыһаҕа, кэнники райфинотделга үлэлээбитэ, биһиги кыра оҕолору, ийэбит өлбүтүн кэннэ көрөөрү кыайан үөрэммэтэҕэ.

Прокопьева Анастасия Харлампьевна (1938-2007с.с.), үрдүк үөрэхтээх агроном. Ийэлэрэ Дьаардаахха хараллыбыта. Эдьиийим Өксүүн уҥуоҕун кыра эрдэхпинэ көрдөрбүтэ.

Иккис  кэргэнэ Охлопкова Матрена Тимофеевна. (1906 эбэтэр 1915 — 1951с). Хатыҥ Арыыттан төрүттээх . Кини бастакы кэргэнэ Охлопков Егор Михайлович 1915 с. төрөөбүтэ. 1942 с. бэс ыйын 26 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыта. Рядовой.  276-с ЗЛП.1943 с. от ыйын 27 күнүгэр сэриигэ өлбүт. Сталинградскай  уобалас Саур-Могильскай хуторыгар көмүллүбүт.

Кини оҕолоро:

Охлопкова Екатерина Егоровна 1936 -1956 сс. Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан сэбиргэхтэтэн өлөөхтөөбүтэ. Бэрт дэгиттэр талааннах: хоһоон суруйар, гитараҕа оонньуур, ыллыыр, уруһуйдуур, үөрэҕэр туйгун. Хаарыан үчүгэй киһи буолуохтаах этэ. Кэмчи, тыйыс сыллар содуллара буоллаҕа, кылгас үйэлээтэҕэ.

Ильчибаева (Охлопкова) Зинаида Егоровна, 1940 төрөөбүтэ. Быраас. Орден Почета наҕараадалаах, Доруобуйа харыстабылын туйгуна. Кэргэнэ — Ильчибаев Рауф Фасхутдинович прокурорунан үлэлээбитэ, билигин пенсияҕа олорор убаастабыллаах дьоннор.

Мин аҕам ийэбин кытта 1946 сыллаахха холбоспуттара. Оҕолоро Басыгысова (Прокопьева) Февралина – быраас, Бубякина Марта — фармацевт, Прокопьева Юлия-фармацевт. Аҕабыт кэргэнэ өлбүтүн кэннэ 8 оҕону иитэн –такайан, барытын үөрэхтээх оҥорон, аҕабытыгар махталбыт муҥура суох. Кини биһиэхэ олохпутугар акылаат түһэрдэҕэ. Аҕабыт мөҕө-этэ сылдьарын олох өйдөөбөппүн, сытыары сымнаҕас майгылаах., дэгиттэр идэлээх,олоро түһэн ылбат үлэһит этэ. Урукку дьон барахсаттар тутуулара өр үйэлээх, хаачыстыбалаах да буоллаҕа. Туппут оскуолалара  билиҥҥэ  диэри иҥнэри-таҥнары барбакка турар. Бэрт үчүгэй, бөҕө –таҕа сыарҕа оҥорор этэ, айаҥҥа сылдьарыгар дьоҥҥо көмөлөһөн сыарҕаларын өрөмүөннээн абыраабыта диэн кэпсииллэрэ. Сыарга барыта тимир ыллыктаах, хаачымалаах, хас сыарҕа аайы акка эбиэс кутан биэрэргэ аналлаах анал оҥоьуулаах дьааьыктаах буолаллара.

Аҕабыт сүрдээх өйдөөх — төйдөөх, дьон сэргэ ытыктабылын, кини тылын истэр, убаастыыр эбиттэр. Нам Ворошилов аатын колхоз мунньахтарын боротокуолларыгар маннык суруктары буллум. Олус диэн үөрдүм. 01.03.1950 с. партийнай-комсомольскай тэрилтэлэрин сабыылаах уопсай мунньага буолла. Онно холхуос правлениетагыгар саҥа составтарга бу дьоннору туруорарга: 1-й Правление состава диэҥҥэ киирэ сылдьар. 1949 сыллаахха сэтинньи 4-с күнүгэр (фонд 26, опись 1 ед. Хр 208) мунньахха эппит тыллара баар. Ону манна эмиэ киллэриэхпин баҕарабын. Прокопьев Харлампий этэр: бу нуорма выработканы урут холхуос оҥорор этэ. Онно сорох бириэмэлэргэ үлэ сорох көлөһүн күнэ киирбэт этэ. Ону суох гынар наадатыгар бу сана нормы выработки оҥоһуллар. Дояркалар урут бэйэлэрин үлэлэрин качествоны уонна туолуута суохтук итэгэс үүтү ылыыларын суох гынар наадатыгар бу оҥоһуллар. Ким бу саҥа норма  выработкаттан олуттарбыт, ол көрөр- доярка сүөһүтүн туругар уонна үүтүн ылыытыгар охсуһуо. Биһиги үлэбит тэрээһинэ куһаҕаныттан, агрономическай правилалар үлэҕэ киирбэттэриттэн туолбатылар. Салайар үлэһиттэрбит үлэ күргүөмнээх бириэмэлэригэр сводканы оҥорботтор. Дьон санаатын көтөҕөн үлэлэтии суох. Биһиги учетность чааһынан бэрт мөлтөхтүк үлэлиибит. Ол курдук 1 -ыйдаах күммүт сорох времялярга киирбэт кутталлара бааллар. Ол бригадирдар кыһамматтарыттан тахсар. Онон бу күнтэн ыла бу саҥа норма выработка салайар оруолларын быһыытынан саҥаттаран улэлиэҕин. (Сорогун суруйбатым).

Ити кини хайдах киһитин, холхуоһун сайдарын туһугар, кырдьыгынан этэрин көрдөрөр. Биирдэ хоспокко турдахпытына, атын сэбин бэрийэ туран этэр: сэби сэбиргэли олох бэйэлэрин киэнин курдук харыстаабаттар, үчүгэйдик көрбөттөр — истибэттэр диир. Арааһа айаҥҥа барар  бэлэм долгутара буолуо. Сиргэ дойдуга даҕаны сыһыана сөхтөрөр. Арай биирдэ мин оонньоон сири хастым. Онно миэхэ кини эттэ: һыллыы, сир кырсын мээнэ алдьаппат буол, сири киһи харыстыахтаах .

Аҕам айаҥҥа эрдэттэн сылдьыбыт буолуохтаах. Ааллаах-Үүҥҥэ 1930с сыллаахтан центральнай оройуоннар таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыттар. (Онно документ буллум) Ааллаах –Үүн оройуонугар  1931-36 с.с. суол-иис диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Олохтоох булчуттар  сатыы сылдьар суоллара эрэ баар  этэ. Арыый оҥоһуллубут  суолунан Дьокуускай-Охотск тракт буолара, ол өссө Петр1 кэмигэр Беринг экспедицията сылдьыбыт 1725 с. Онно 600  аттан Охотскайга 150 эрэ ат тыыннаах тиийбит. Кэнники ити суолунан атыыһыттар сылдьаллар эбит. Ити  суолунан кэнники телеграф ыыппыттар. 19 үйэҕэ АЯН порт аһыллыаҕыттан ити суол, суол курдук туттуллабатах. Ааллаах–Үүн көмүһэ көстүөҕүттэн ити суолунан сылдьар буолбуттар, кыһынны көлө суола. Онон биһиги таһаҕасчыттарбыт олох оноһуута суох суолунан айаннаатахтара.

Быйыл балаҕан ыйыгар, сууллубут-симэлийбит аҕабыт, ийэбит, эдьиийбит көмүс уҥуохтарын сиэри-туому тутуһан, кэлэр-кэнэҕэс ыччаттар өйдүү саныы сырыттыннар диэн, биһиги кыргыттара эргиттибит. Аҕабыт күн сириттэн эрдэ барбыта 1959 сыл, күһүн. алта уонуттан эрэ тахсан баран. Дьиэтигэр сыарҕа оҥоро туран эмискэ охтон түспүтүн, кыыьа Марта куттанан таһанаа ыалга Прокопьев Сэмэннээххэ тахсан тыллаабытын өйдүүбүн. Бары эмдэй–сэмдэй кыра оҕолор тулаайах хаалбыппыт. Кини кэпсээннэрин истэрбит буолуо да  өйгө кыра эмит түгэннэр эрэ хаалбыттар. Ол кэпсээннэриттэн, дьэ маннык ыараханнаах, сындыылаах эрэйдээх уһун айаҥҥа сылдьыбыта буолуо диэн толору өйдөбүл үөскээбэтэх, сыанабылламатах. Биирдэ аҕам табаарыстара бииргэ сылдьыбыт дьонноро мустубуттарын өйдүүбүн: сэһэргэһэллэр, арыгы иһэллэр, олоҥхо (Ядрихинскай П.П. (Бэдьээлэ) норуот ырыаһыта баар этэ) истэллэр,”ноо” дииллэр, ол быыһыгар хааттылыыллар,табах буруота ыыс быдаан, түүнү быһа олороллор. Ким да итирбитин көрбөтөҕүм. Сэһэннэрэ сороҕо көрүдьүөс, көр-күлүү, сороҕо айан мүччүргэннээх түбэлтэлэрэ. Онно Обутов Дайыла баара. Ону тоҕо өйдөөн хааллыҥ диэтэххинэ, уһун түүнү быһа олоҥхолоон утуйда, ону истэ сыттым, сөхтүм, ити хайдах утуйа сытан ыллыырый диэн.

Онтон убайым Петр Харлампьевич биирдэ этэн турардаах. Эн төрүүргэр 1945-1946 с.с. аҕам бэйэтин оннугар миигин ыыппыта диэн. Онно мин 17 саастаах этим диэбитэ. Эмиэ биирдэ да тугу да кэпсээбэт этэ. Билигин 17 саастаах оҕону ыытыаҥ этэ дуо?

Докумуоннар көрдөрөллөрүнэн көмүскэ таһаҕас таһыыта эрдэ саҕаламмыт 1932сылларга, онно бастаан илин эҥэр оройуоннар холхуостаахтара таспыттар. Аҕам эрдэттэн таһагас таһыытыгар сылдьыбыт буолуохтаах. Дьиэҕэ кыһын баарын өйдөөбөппүн. Эрдэттэн отун–маһын бэлэмнээн баран барар эбит. Сарсыарда хараҥаҕа тахсар, киэһэ хараҥаҕа от мас тиэйэн кэлэр, тоҥон хатан, бүтүннүү кырыа буолан киирэр этэ. Наар дьукаах эдьиийим Ылдьааналаах олороллор этэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, оҕо көрсөн,өйөнсөн. Эдьиийдэрим төһөлөөх олох, дьиэ уот кыһалҕатын көрсүбүттэрэ буолуой? Аны  түүнү быһа иис, сап хатыыта. Саха дьахталларын таҥаһа-саба, иистэрэ бөҕө–таҕа , ичигэс буолан элбэх холхуостаах  олоҕун быыһаабыт буолуохтаах. Кинилэр тикпит этэрбэстэрэ ууну, сииги да киллэрбэт эбиттэр.

Бу кинигэлэргэ, постановлениаларга, салайар докумуоннар-совнарком ЯАССР, обкуом ВКП, СНК, райисполком, райком докумуоннарыгар, таһаҕас тиэйии суруктура киирбиттэр, үксэ хайдах сылгыны, аты хайдах көрүү- харайыы туһунан, упитанность-туруга  хас аты, сылгыны  айаҥҥа туруорар туһунан, былаан, хонтуруол суруктар. Бу айанньыттар, сүрүн үлэҕиттэр,холхуостаахтар туҕунан, төһө киһи ыалдьан туораабытын, оһолломмутун туһунан туох да суоҕун кэриэтэ, булбатым. Хас сылгы өлбүтэ үлэттэн туораабыта, ырбыта барыта отчетка киирбиттэр. Ол гынан баран бу докумуоннар, отчеттар ол кэмнээги холхуостаах-таһаҕасчыттар үлэлэрин-хамнастарын чуолкайдык көрдөрөр дии санааммын, онтон үксүн суруйабын.

Холкуостаахтарга сэрии да иннитттэн элбэх эбээһинэс сүгүллэр эбит. Куораты маһынан хааччыйыы, дьаам (почта) сүүрдэр, таһаҕасчыттарга от бэлэмнээһин, сэрии кэмигэр трудовой фронт диэннэ чох, хорҕолдьун хостооьунугар, тутууга, балыкка, көлө сылгыны бэлэмнээьин, уонна да атын үлэлэри оҥороллор эбит. Бу бэйэлэрин холкуостарын үлэтин таһынан, чааһынай хаһаайыстыбарын көрүүлэрин үрдүнэн. Үгүс сыыппаралары национальнай архивтан Ф Р-52, опись 28, 22 (Постоянно действующая  комиссия по гужевому транспорту и перевозкам при СНК ЯАССР) Намский  райсовет 1941- 26 сентября Ф 1 опись 1 д 33 уо.д.а. докумуоннартан буллум. Ол курдук балаган ыйын 20с күнэ 1941 с. «План  контрактации гужевого транспорта  по Якутской  АССР на зимний сезон 1941-1942 г.г.” Нам оройуонуттан барыта 1750 сылгыны былааннаабыттар. (контрактация-разновидность договора купли-продажи; соглашение, регулирующее отношения, связанные с закупками у сельскохозяйственных организаций и крестьянско-фермерских хозяйств выращиваемой ими сельскохозяйственной продукции). Холобура 1944 с. Нам оройуона  барыта 7913 сылгылааҕа, ол иьигэр көлүүр сылгы 1617.  1945 c.  Ааллаах Үүҥҥэ 300 көлө сылгыны, онно 283 тахсыбыт, контрактация 101,0%, тахсыы 94,3% туолбут. 1943-1944 сс  Ааллаах Үүҥҥэ 1597 көлө  сылдьыбыт.

Өссө маннык телеграмма баар. 29.03.1945с: Якутск, совнарком, зам. Председателя совнаркома Ермолаеву из Охотского Перевоза: 1945 с Состояние 25 марта грузоперевозки закончили с результатами по районам тонно-кг, Орджонинидзевский 72700, Намский 62200, Чурапчинский 48100, Усть-Алданский 83800 диэн. Дьэ элбэх сыралаах үлэттэн, тоҥууттан- хатыыттан таҕыстаҕа ити таһаҕас тиэйиитэ.

В годы Великой Отечественной войны трест Джугджурзолото (Ааллаах-Үүн) стране дала 23,0 т золота (биир тсточнигынан сыл аайы 10 т көмүһү хостообут), “Якутзолото”(Алдан)-15,6 тонна хостоммут. Из книги «По ком  звонит золотой колокол». Сэрии сылларыгар хостоммут көмүс үс гыммыт биирин союз үрдүнэн саха сиригэр хостоммут. (Vostok.Today). Барыта 1941-1945 с.с. СССР-ка 617,3 тонна көмүс хостоммут (История  российской золотодобычи в датах. Факты и события с 1939-195 3гг. Кавчик Б.К. к.г.-м-н). Якутия — она являлась поставщиком важнейших видов стратегического сырья-золота, олова, слюды и др.

1941 сыл кулун тутар 11 күнүттэн Ленд-Лиза сүнньүнэн Америкаттан сэрии сэбэ, техника, бородукта кэлиитэ саҕаламмыта. СССР ити иһин кыһыл көмүһүнэн төлүүрэ, онон Улуу Кыайыы туһугар холкуостаахтар таһагас таһыытыгар үлэлээбит үлэлэрэ кырата суох кылаат буолбута. Захаров Вячеслав Петрович.Атырдьах ыйын 21күнэ 2010 с.

Правительство республики 3 сентября 1942 г. дало указание колхозам (манна таһаҕасчыттарга анаан, кинилэр үлэлэригэр, төлөбүрдэригэр инструкция таһаарбыттар) Намского, Мегино-Кангаласского, Амгинского, Таттинского, Усть-Алданского, Чурапчинского, Орджоникидзевского, Томпонского, Усть Майского районов выделить для перевозки грузов в Ааллаах –Үүн по 8-10 человек, 40-50 лошадей. Каждый год колхозы центральных районов должны были  выделить по 2000 перевозчиков. На сани загружали 300-350 кг груза. Перевозчики грузы получали на складах «Востокзолото» и «Холбос». С первым снегом следовали по маршруту Якутск – Тюнгюлю – Чурапча — Чөркөх. От села Чөркөх до Охотского перевоза-253км. От Охотского Перевоза до Ааллаах Үүн-150 км. На дорогу тратили туда и обратно, в лучшем случае 176 дней.

Отутус сылларга Тыры урэххэ — «Усть Наталья», «Нежданинский»; Ааллаах -Үүн үрэҕэр-«Ыныкчаан», «Брендакит», «Дьуур», «Югоренок», «Минор», «Ахтанда», «Звездочка», «Солнечнай»; Юдом, Танданы үрэхтэригэр кыьыл көмүьү хостуур үгүс бириискэлэр политическай, холуобунай  буруйдаахтарынан тутуллан үлэлээн барбыттара. Ол саҥа тэриллибит бириискэлэри аһынан-танаһынан, тутуу матырыйаалларынан, араас туттар тээбириннэринэн хааччыйар инниттэн Охотскай перевозка таһаҕаьы тутар  перевалочнай база  «Джугджурзолото» трест 1935 сыллаахха тэрийэр. Сайын борокуотунан бу базаҕа  таһагас кэлэр. Саха сирин холхуостаахтара кыһын суол турдаҕына, атынан Ааллаах — Үүн киин ыскытааттарыгар уонна онтон туора сирдэргэ баар ыраах бириискэлэргэ таһаллара.Охотскай перевозтан Ааллаах-Үүҥҥэ диэри сезон устат 3-5 кырыналлар.

Чөркөөхтөн Аллах-Үүннэ диэри 409 км устатыгар 19 кыра да аарыма да симиэбийилэр тутуллубуттара. Кинилэр ортотунан 21км — дии км этилэр. Охотскай перевозтан Ааллаах Үүҥҥэ диэри 253 км ыраах Бу ааттаммыт оройуоннар (Таата, Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус-Алдан, Нам, Арҕаа Хаҥалас, Өлүөхүмэ оройуоннарын холкуостаахтарыгар суктэриллэрэ). Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕаьы таһыы сэтинньи  саҥатыттан муус устар ый бүтуөр диэри  уһун кыьын устата буолара Бу унньуктаах уьун, сындалганнах уонна олус ыарахан, кутталлаах айан этэ. Көлө уонна дьон буурдара эрэ сылдьаллара.

Көмүс хостооһун остуоруйатыттан: (Ааллаах-Үүн)

Население Аллах-Юньскому району (образован в 1939 г-15.10.1953 года был упразднен, а его территория передана в Усть Майский район) по годам:

1935 1936 1937 1938 1939 1940 1941 1943
Население 1139 3384 6803 13935 15114 19597 23095 26750

—  1851с. Н.Г Меглицкий, Я.В Стефанович Аян-Майской трагынан айаннаабыттар эбит. Кинилэр суруйалларынан 19 үйэ 60-с сылларыгар Ааллаах Үүҥҥэ золотопромышленник Сибиряков экспедицията үлэлии сылдьыбыт.

— 1923с бэс ыйын 19 күнүгэр Михаил Тарабукин, Вольдемар Бертин «Незаметнай” үрэххэ көмүһү булбуттара.

— 1927с. Г.А. Батенков  “Якутзолото” трестка 1916 с кини Анча өрүскэ көмүс булбутун биллэрбит

— 1932с. Дьугдьуур геологическай экспедицията тэриллибит,Н.И. Зайцев салайааччылаах. Ааллаах –Үүн салааларыгар көмүһү Золотой,Баатыла, Танк, Сегине, Евканджаҕа булбуттар.

Манна национальнай архивтан биир докумуону буллум СНК(Совет народных комиссаров)  “Общая  сводная об итогах зимних гужеперевозок в 1933-34 году”.Какой район перевозил — Намский по плану 1801 в тоннах, количество тонна-км 422450, стоимость перевозок 316758, сумма отоваривания 138210, фактически выполнено 1949,7 т., в тонна километр 454347, стоимость 337115, сумма отоваривания 140702. Онон Нам оройуонун холкуостаахтара эрдэттэн  таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыттар, ол иһигэр биһиги аҕабыт.

— 1933с. старателлар үлэлэрэ саҕаламмыт

— 1934с. туох баар үлэ  “Золоторазведка”  союзнай трестка бэриллэр В.П. Бертин салайааччылаах. Онон бу сыл Усть–Майя оройуонугар  көмүс промышленнаһын үлэтэ саҕаламмытынан ааҕыллар.

— 1934с.«Аллах-Юньское золотодобывающее управление” тэриллэр.Охотскай перевоз базата үлэтин саҕалыыр.Бу база 1956 с сабыллар,Элдьикээнҥэ көһөрүллэр(Элдьикээннэ диэри массыына сылдьар суола оҥоһуллан)

— 1939с.  “Джугджурзолото” трест тэриллэр.

— 1942с. бириискэлэргэ 4000  киьи  үлэлиир 6 бириискэҕэ: (Бурхалинский, Евканджинский, Минорский, Ыныкчанский, Юдомский, Верхне-Майский)

1932-1956с «Дьугдьуур кэмуьэ» трест АУ кыьыл көмуһун хостуур бириискэтигэр ОХОТСКИЙ Перевоз, Элдьикээн бириискэлэриттэн кыһыҥҥы  кэмҥэ таһагас таһыытыгар Саха АССР оройуоннарын кыайыгас-хотуулаах,хорсун–хоодуот холкуостаахтара дойдубут туһа диэн сылааны-элээни аахсыбакка, биир таһаҕаьы энчирэппэккэ, аттарын ырыаран өлөрбөккө бытархан тымныыларга хас да түһүмэх сис хайалары уҥуордаан, сүүрүгурдэ сытар тарыҥнаах үрэхтэри быыһынан, чысхаан  тыалга курдары урдэрэн, ыарахан уонна кутталлаах айаннара-сырыылара Аҕа дойду сэриитигэр Улуу кыайыыга, саха сиригэр көмүс промышленнаһа сайдыытыгар  улахан көмө буолбута.

Ааллаах Үүннэ таһаҕаьы таһыы дьин чахчы геройдуу  үлэ, сахаларга историческай айан.

Саха сирин промышленнаһа сайдарыгар,Аҕа Дойду сэриитин кыайыытын кыһатын оҥорсубуттара.Көмүһүнэн төлөнөр сэрии сэбинэн советскай армияны  хааччыйарга күүс –көмө буолбуттара.

Онно  улаата   турар нэьилиэнньэни,улэлиир дьону-сэргэни тутуу матыраайалларынан, сэбинэн-сэбиргэлинэн,аһынан-таҥаһынан хааччыйыыга  холхуостаахтар сүдү өҥөнү оҥорбуттара.ол үтүө дьоммут ааттара үйэ саас тухары , өйгө –санааҕа көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ умнуллубакка сылдьара буоллар.

Хатырык хоһуун таһаҕасчыттара.

1.Прокопьев Харлампий Дмитрьевич

2.Прокопьев Петр Харлампьевич

3.Куличкин Семен Гаврильевич(Өрбөҥсө)

4.Ощепков Иннокентий Игнатьевич

5.Попов Иннокентий Ильич

6.Новгородов Алексей Петрович

7.Куличкин Сергей Петрович

8.Попов Николай Дмитрьевич

9.Куличкин Тимофей Васильевич(Молохо)

10.Попов Николай Иванович (Сулаһын)

Бу испииһэк Попов Николай Дмитрьевич (Чукурай)2010г кэпсээниттэн суруйдум. Дедюкина  Т.А.  ыам ыйын 5с күнэ 2010с “Эҥсиэли “.хаһыакка бэчээттэммитэ .

  1. Бугаев Афанасий Прокопьевич.Ворошилов аатынан колхоз (Трудовой подвиг колхозников – перевозчиков на Аллах-Юнь в годы Великой Отечественной войны 1941-1945гг. 2017с. (из протокола №69 Намского райсовета об утверждении бригадиров  возчиков на грузоперевозки.1941с сэтинньи ый 26 күнэ). суруллубут

12.Атласов Егор Васильевич (220 стр) возчика колхоза имени Ворошилова Хатырыкского наслега Намского района, выполнившего план перевозок на 123,4% ( на премию 250 рублей)Протокол заседания постоянно действующей комиссии по гужевому транспорту и перевозкам при СНК ЯАССР

13.Обутов Данил Лазаревич- кыыьын Обутова Мария Даниловна кэпсээнэ

14.Уваров Николай  Васильевич(Мургун)- уолун Михаил Николаевич кэпсээниттэн.

Хатырык биригээдэтин улэтин туһунан манныгы булан ыллым.

Информация по итогам грузоперевозок на Охотской базе ДЗПС в сезон 1943-1944г.г. по районам и колхозам. Фамилия бригадира колхоза Ворошилов Куличкин, (аатын, аҕатын аатын суруйбатахтар) тонно – км 7400 план, фактически 9200, % выполнения 124,4, в т.ч перевезено сена внутр. 200. Дата прибытия 12.12., дата выбытия 01.04, прибыла лошадей выше средней упитанности 24 ,средней 7, ниже среднего нет, отбракованных – нет. Всего прибыло 31 лошадей

Выбыло в район: Выше ср упитанности-5,Средней упитанности — 15, Ниже средней — нет, Отсев — 9, Всего — 29,Утерян-1, Пало — нет, Прирезано-1

Заработок: Основной 40200,премириально-прогрессивная-3200,всего-43400, недостача — 2400.

1934 с – 1940 сс центральнай оройуоннартан таһаҕас тиэйиитигэр 5800 ат көлө сылдьыбыт сыл ахсын.

Снабжение возчиков в 1943 с . На последнем совещании в НКТ ЯАССР для снабжения возчиков установлена норма продуктов в месяц:

Хлеба-18 кг ( в сутки 600 гр.), Крупы-1, 200кг, Сахару — 0,750, Чаю — 0,250кг, Рыбы – мяса — 1800кг (60гр в сутки),Соли 0,400, Махорки-0,200кг, Спичек 5 кор., Масла-0,800 кг.

Бу дьоннорбут төһө тоҥон хатан, аччыктаан сылдьыбыттарын бу норматтан көрөбүт.Айанньыттар үгустэрэ үтэлэрин сыыһын кэргэттэригэр хааллараллар эбит. Бэйэлэрэ ахтыыларыттан көрдөххө спирт, ат сэбин мэнэйдэһэн,бултка түбэстэхтэринэ бултаан, балыктаан аһыыллар эбит. Төһө айанньыт өлбүтүн сүппүтүн туһунан тугу да булан көрбөтүм. Докумуон үксэ сылгы поставкатын туһунан. Арай биир докумуону буллум, арааһа, ыарытыйыы, өлүү сүтүү элбээн ылыллыбыт быһыылаах диэн сылыктыыбын.

Путники при подьемах помогали друг другу, груз иногда таскали сами, помогая лошадям. Часто лошади падали в обрыв с грузом. Снежные бури сбивали людей и лошадей. За потерю груза,гибели лошади “виновных” судили законом военного времени и отправляли в лагеря  ГУЛАГ. Добравшись до Ааллаах- Үүн сдавали груз. Иногда ночевали на улице, так как мест в гостинице не давали. Такое отношение к перевозчикам в 1943г. подвергся критике на партийном собрании и Генеральный управляющий трестом Джугджурзолото В.А.Собко строго предупредил руководство  “Джугджурзолотопродснаб”, в случае повторения  подобного разгильдяйства, виновные будут привлечены к строгой ответственности, по законам военного времени.

Перевозчики отмораживали руки, ноги, некоторые от болезни и трудностей дороги умирали на пути, спали на улице.

Суол-иис ыарахаттарын көрсүбүт ,сылдьыбыт дьон ахтыыларыттан:

Уваров Михаил Николаевич: аҕам Уваров Николай (Мургун) таһырдьа хонор этибит, сыарҕаҕа от быраҕан баран, тоҥор да этибит, ыарахан айан этэ диэн кэпсээбитин өйдүүр.

Пахомов Данил Данилович: Харалаампый киһи бөҕөнү абыраабыт киһи, көмөлөһөн, сыарга өрөмүөннэһэн, сүксэн-көтөхсөн, бэйэтин кыанар киһи этэ, суолу ииһи билэрэ.

Силлиэмэн

Кырынаастыыр уонна Муус күөл икки  ардыларыгар ааттаах суоһар, буурҕалаах дойду — Силлиэмэн диэн баар. Манна сис хайаны  илинтэн саҕаланар Тандыны үрэҕэ хайа суурэн ааһар кыараҕас хапчаана, 7 км усталаах. Киниэхэ куустээх тыал туспут буоллагына, Кырынаастыыртан куугунан иһиллэр буолааччы. Сорогор кыайан барбакка хас да күн кэтэһэллэрэ үһү. Атын да куннэргэ куустээх соҕус тыаллаах, киһини хамсатар буолан биһиги сыарҕаттан тутуһан хаамарбыт. Тыалын күүһэ мууска сылгы сааҕын сыһыарбат, мууһа хаара суох килэйэн сытар, үөһэттэн таастар түспүт буолаллар. Манна улаханнык саҥарбаккын, аккын сайдаабаккын сөтөллүбэккин.

Сэттэ дабаан.

Кириэстээхтэн 12 км өрө тахсыы ,Сэттэ дабаан саҕаланар , 200 м хайа чыпчаалыгар хапчаан кирилиэс курдук. Биир көлө ааһар сирэ. Көлө кыайан таһаарбатаҕына, таһаҕастарын бэйэлэрэ таһаараллара санныларыгар.

Ол иһин хаар балачча түспүтүн кэннэ хойутаан бара сатыыллар эбит. Төһө араас моһоллору, ыарахаттары көрсөллөрүн  Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун председателларын мунньахха эппит тылларын хайдах баарынан суруйуохпун баҕарабын.Бу дьиҥнээх чахчылары, бу айаны эттэринэн- хааннарынан билбит дьон тыллара –өстөрө, хайдах протоколга суруллубутан.

Выступление председателей колхозов Мегино -Кангаласского района на совещании по вопросу о грузоперевозках 07.10.1944 с.

Кычкин: массовый падеж лошадей в прошлом году произошел из-за исключительного плохого качества сена, главным образом из-за отсутствия сена на пунктах тракта. Нас заставляли  возить с собой с Охотского Перевоза до Аллаха вот почему вместо 333 кг. груза на одну лошадь возили по 30 и больше пудов. Лошади выбивались на первом же рейсе. Тариф крайне низкий. Один хомут стоит 130 рублей, комплект сбруи с санями более 500 рублей. Как правило, сбруя и сани изнашиваются за сезон, самые лучшие доходят до 2-х лет. Плюс к этому очень часто фураж покупали на стороне – 1 кг. сена по 2 рубля, иного выхода не было, фуражом не обеспечивали. В прошлом году мои колхозники отказывались идти на перевозки. Я  ездил с жалобой  на них в СНК, только с помощью СНК я их вынудил выехать на перевозки. Такая работа, кроме убытка, ничего не дала. Вот в 1942 г. возчики ездили за трудодни и внесли доход в 28 тыс. рублей.

Габышев: предлагаю следующую оплату: если лошади вернутся в хорошем состоянии, то возчику за 4 лошади, за время работы за время работы на перевозках, начислять по 1,5 трудодня, при среднем 1,25 трудодня, при ниже среднем — 1 трудодень ит.д.

Если лошадей приведут в истощенном состоянии, то решением колхозников еще уменьшить. Если лошади после выполнения плана перевозок будут приведены в хорошем состоянии и все будут участвовать в весеннем севе, то возчикам выдать до 20% денежного дохода в качестве премии.

Григорьев: возчиками, как правило, едут самые лучшие люди колхоза — отборные производственники. Перевозка грузов- трудная работа. Наши возчики работали в убыток, они кругом задолжались. В прошлом году из60 лошадей 12 пало, 2 головы потеряли, а возчики распродали всю одежду, днями ездили не евши, опять залезли в долги. Только 1940-1941гг. работали без убытков, за 1лошадь за время работы мы платили по0,5 трудодня. Я лично много ездил на перевозку, знаю перевозку – это тяжелая, круглосуточная работа — без отдыха, без сна. Возчики больше затрачивают средств, чем колхозники, работающие в колхозе.Должны одеваться в 3 раза лучше, чем живущие дома, необходимо иметь минимум по 3 пары обуви, 2 пары рукавиц и шапки, не говоря о теплой одежде. Все это ему никто не даст, должен приобрести сам за свои деньги. Один ремонт обуви стоит очень дорого. Олекминцы даже возили женщин, специально для пошивки и починки.

Скрябин: колхозникам дать ватники, все износились, нечего носить, тем более в этом году поедут женщины, они совершенно голы. Валенками обеспечить обязательно. Чтобы не было очередей и скопления на Охотском перевозе, в дальнейшем районы пусть выйдут по очереди один за другим. Первый район пусть выйдет в начале декабря. Почему? В ноябре мало снегу, кочки, камни не закрываются.

Кычкин: В Охотск выехать 15 ноября, а из Охотска в рейс-1 декабря

Назаров(возчик): Отдых после рейса необходимо установить именно 8 дней. Потому что получалось так: в Охотский Перевоз приезжаешь вечером, говорят один день уже прошел, на следующий день кое-как сушишь, ремонтируешь одежду, в 2 остальные дня стоишь в очереди за грузами, только успеваешь получить груз и тут же выезжаешь, потому что фураж тебе не дают. На случай вынужденной задержки-остановки необходимо возчиков обеспечить фуражом, раньше этого не было, лошадь проваливается в наледь, останавливаешься отогревать ее, а фураж не выдают.

Петров: Здесь выступали все те, кто в прошлом году не выполнил план. Как мы выполнили? Обмолот хлеба закончили 15 ноября. На перевозку выехал 15 декабря. Меня начали ругать, обзывать саботажником ит.д.уже хотели привлекать к ответственности. Мы начали перевозку грузов с 1 января, план перевыполнили и к 15 апреля вернулись, все лошади в теле, все работали в посевной. Возчикам установил трудодни по 6 разряду за 4 лошади, в день по 1,75 трудодня. Больше нельзя платить, потому что выше 6-го разряда у нас нет

Сергучев: я 2года подряд ездил на перевозку. Олекминцы обычно на перевозку выходят в середине февраля и план перевыполняют. Они пропускают наледь, холод, застают хорошую дорогу, норму загрузки делают больше, чем положено. Мы выходим наспех подготовившись со слабыми, неподготовленными лошадьми в начале ноября. Застаем холод, наледь. Лошади с первого же рейса устают. Перевозка грузов тяжелая, трудная работа, человек работает круглые сутки в холоде, он обязан ночью караулить груз, кормить поить лошадей, это обязательно, в сутки самое меньшее два раза перевязывать груз. На линии обязательно создать следственные участки(милицию, следователей, прокуратуру) На тракте обычно царит беспорядок, разбой, воровство ит.д. Отдых установить 8 дней, для ремонта саней, ведь едем по камням, для починки одежды, обуви, надо сушиться самому и очень часто лошадям и получать по 2 дня груз, обычно на одну только перевязку груза идет целый день. Если выедем в январе, то отдых почти не нужен будет, сани большого ремонта не потребуют, сушиться не придется. Установить строгое правило: зимовья предоставить только возчикам, всяких прохожих- не возчиков не пускать в зимовье, больше всего они воруют и грузи одежду, и продукты. Часто бывает, что народу в зимовье полно, возчику негде отдыхать и сушиться.

При зимовьях нет никакого укрытия от ветра, бывает сено даешь лошадям, а ветер сдувает. Караульный обычно окоченевает за ночь. Необходимо обязательно на каждом зимовье строить укрытия от ветра. Ежедневно места остановки лошадей на зимовьях очищать, иначе навоз настолько накопляется, что бывает нельзя проехать и негде класть сена лошадям. После каждого участка наледи обязательно построить теплые конюшни для отогревания лошадей от льда. Обычно лошади проваливаются в воду, но их негде отогревать, при этих условиях лошадь сразу выходит из строя. Также необходимо построить будки между дальними зимовьями для того, чтобы возчики грелись. Захаров, начальник транспортного отдела Охотской базы-грубиян, самодур, его немедленно заменить. Следует оздоровить состав работников базы. Они занимаются взяточничеством, жульничеством, вымогательством. В прошлом году я ездил на проверку, где выяснили, например, что бухгалтер расчетного отдела, в первую очередь расчет выдает тем, кто напоит его спиртным, а тех, кто этого не делает-задерживает.

На Охотском перевозе надо иметь работников, владеющих якутским языком.

Удешевить стоимость сбруи, это даст больше пользы, чем сбруя будет лежать по 4-5 лет.Чурапчинцев я знаю 10 лет, они больше 2,5п. груза никогда на 1 лошадь не поднимут.

Записал А. Захаров.. Дело 65 том 1. На РС(Я) Ф.Р-52. Опись 22. Дело 269. Л.1-4.Подлинник. Машинопись

Мин маны сороҕун  суруйдум, боротокуолга хайдах баарынан.Ол гынан баран хайдахтаах курдук кырдьык докумуонуй!? Хараххар илэ көстөр курдук айанньыттар кыһалҕалара, түбүктэрэ, томороон тымныыга ыарахан сындылҕаннаах айаннара, бюрократтар эрэйдииллэрэ, сэнииллэрэ. Киһи дууһата ыалдьар даҕаны, хайдахтаах курдук хорсун –хоодуот, сэмэй дьон  олорон ааспыттарай. Туохтан да толлубакка ытык иэстэрин дойдуларын туһугар , биһиги инникибин тугугар олохторун олук уурбуттарай диэн сөҕө саныыбын. Мин агам эмиэ итинник сырыыларга сырыттаҕа.

Все дальше уходит героизм перевозчиков-колхозников, достававших стратегического груза золотодобытчикам “Джугджурзолото”. Их теперь почти не осталось, многие почили в мир иной,даже не оставив свои  имена. Это наша вина. Павлов Афанасий Афанасьевич (опубликовано в молодой ученый №299 1133) 27.12.2016.

«Көмүс хостооһунугар олук уурсубут дьон, биьиги, ааппыт хаһан эмэ ааттаныа дуо диэн боппуруос миигин үүйэ-хаайа тутар. Хара көлөьуннэрин аахса барбакка тохпут таһаҕасчыттар,эрэйи-муҥу көрсүбүт кинилэр кэргэттэрин ааттыыр кэм кэлэр ини диэн эрэл санаалаахпын». Платонов Борис Иванович Боробул. Таатта 1998сыл. А.К. Татаринов  «Ааллаах –Үүн таһаҕасчыттара” диэн кинигэтиттэн.

Бу киллэрбит испииһэгим толорута суоҕа биллэр. Хатырыгым олохтоохторо хомуйан, ситэрэн толорон иһэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Эрэнэбин Хатырык администрацията, оскуола, обшественнаһа,музейа  үөрэтэн, чинчийэн  хомуйан Хатырык холхуостаах Ааллаах-Үүн таһаҕасчыттарын туһунан киэҥник сырдаталлара, көрдөрөллөрө буоллар  уонна Хатырык бөһүөлэгэр сквер эбэтэр  мемориал аһыллара буоллар диэн.

В опубликованных на сегодня воспоминаниях упомянуты 545 человек, прошедших этот крестный ход. На самом  же деле их было больше, так как в этих книгах не упомянуты возчики из колхозов Намского, Орджоникидзевского и Олекминского районов.

Помним ,гордимся, благодарим.

— Сохранились данные зимы 1943-1944 года. Чурапчинский район тогда отправил на Аллах-Юнь 60 чел и 242 лошади, Алексеевский – 54 человека и 136 лошадей, Мегино-Кангаласский 166 человек и 521 лошадь, Намский 100 человек 375 лошадей, Амгинский 105 человек, Усть–Алданский — 120 человек и 384 лошади, Олекминский 65 человек и 250 лошадей, Усть-Майский 24 человека, Орджоникидзевский 90-94 человека.

В среднем  же  в год на прииски доставлялось 1300-1400 тонн грузов.

В войну Аллах-Юнь давал до 10 тонн золота в год, как и Алдан, и на это золото закупалась по ленд-лизу военная техника.

Только вот подвиг возчиков не оценен по достоинству до сих пор. До сих пор  у нас нет  ни одного памятника этим людям. И книги памяти нет.

Р.S.: Перевозка грузов на Аллах-Юнь осуществлялась с 1932 г. по 1954 г. (иногда упоминается 1956 г.) годы пока там не истощились золотоносные месторождения.

Биһиги аҕабытынан киэн туттабыт. Кини  аата үйэлэргэ умнуллубатын.

Литература:

А.К. Татаринов  «Ааллаах –Үүн таһаҕасчыттара” диэн кинигэтиттэн.

“Трудовой подвиг колхозников-грузоперевозчиков на  Аллах-Юнь в годы Великой Отечественной войны1941-1945гг” Сб.арх.док.Редакционный совет:Е.П.Антонов,Н.Н.Малышева,Н.С. Степанова.Сост.Е.ПАнтонов,Н.Н.Малышева,А.А, Павлов и дрЯкутск:Алаас,2017.352 с

“Эҥсиэли» хаһыат Куличкина-Дедюкина Т.А. “Хатырыктан Ааллаах- Үүҥҥэ “ ыам ыйын 5к 2010с

“Трудное золото Якутии”. И. Пантелеева.1914г.издМедиа-Холдинг “Якутия”

Национальнай архив докумуоннара

Ф Р-52 опись 28 дело 13.  Л229,230,231,232,242,243,244,245,256,257,259.

Прокопьев Харлампий Дмитрьевич кыыһа: Февралина Прокопьева

Сэтинньи 27күнэ 2023 сыл

 

 

Читайте дальше