Нам улууһугар бастакы кооперативтар 1920 сыллаахха тэриллибиттэрэ. Онтон 1928 сыллаахха райпотребобщество тэриллибитэ. Райпо сүрүн үлэтинэн-хамнаһынан улуус олохтоохторун аһынан-таҥаһынан хааччыйыы буолар. Быйыл Намнааҕы райпо тэриллибитэ 95 сылын бэлиэтиир.
Төһө да билигин үлэлии турбатар, итиччэ сыл тухары үлэлээн-хамнаан, улуус сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, бииргэ үлэлээбит аҕам саастаахтар бэлиэ күннэргэ мустан ветераннарын эҕэрдэлииллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрин быспаттар. Салгыы Намнааҕы райпо араас салааларыгар эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбит ветераннар урукку кэмнэрин истиҥник ахтан ааспыттарын ааҕыаҕыҥ.
Иосиф Замятин, Сэбиэскэй потребительскай кооперация туйгуна, Иккис Хомустаах нэһилиэгин уонна Нам улууһун Ытык киһитэ:
- 1962 сыллаахха куруусчутунан киирбитим. Оччолорго председатель Гаврил Иосифович Местников этэ. Мин эһэм быраата Николай Евграфович Замятин Нам райпотун тэрийбит киһинэн буолар, ол да иһин бу тэрилтэҕэ оҕо эрдэхпиттэн сибээстээхпин. 1967 сыллаахха Константин Сивцевтэн промтабаар ыскылаатын туппутум. Онтон ыла 40-ча сыл подотчуокка сылдьыбытым. Ол иһигэр Иккис Хомустаахха 10 сыл маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Кэргэним миигин кытта үлэлиирэ.
80-с сыл 10-с пятилетка передовига буолабын. Бу пятилетка кыайыылаахтарын съеһигэр кыттыыны ылбытым. Олус үчүгэй коллективка – кырдьаҕас үлэһиттэргэ салайтаран үлэлээммин, кинилэр үөрэтэн-такайан, ыйан-кэрдэн уопутурбутум. Ол курдук, бухгалтердарга Екатерина Марковна Дьяконоваҕа, Варвара Дмитриевна Эверстоваҕа, Анисия Степановна Марковаҕа наһаа махтанабын. Аны ыскылаакка бииргэ үлэлээбит дьонум – оҕонньотторум Егор Петрович Старостин, Егор Семенович Чупров, Василий Прокопьевич Ядрихинскай, Николай Федотович Неустроев эмиэ бэрт үтүө дьон этилэрэ. Подотчуот үлэтэ олус ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэ. Ол саҕана 500 солк. итэҕэстэнниҥ да хаайыыга бараҕын. Хас тобох уһуллуутугар утуйбакка кэтэһии-манаһыы буолара. Ону оттон чиэһинэйдик үлэлээммит бу баччаҕа диэри кэллэхпит дии.
Аны бииргэ үлэлээбит куруусчут уолаттарбар Алексей Кутуковка, Павелга олуһун махтанабын. Мин суруйан эрэ биэрэбин, бэйэлэрэ тахсаннар табаардарын биэрэллэр. Докумуона оччоттон да элбэх этэ. Саатар нэрээт оруобуна наар бырааһынньык эрэ иннинэ оҥоһуллара. Ону дьэ, ыла охсон дьонноругар тиэрдээри маҕаһыыннар барахсаттар 60-ча кыраадыс тымныыга уонунан массыына кэлэн анньыһыы бөҕө буолара. Олох хойукка диэри үлэлиирбит. Барытын түҥэтэн баран дьэ барарбыт. Кыргыттарбыт Люда, Катя, Марина эмиэ бииргэ үлэлээн биһигиттэн уопут ыллахтара буолуо дии саныыбын.
Олох кылгас дииллэрин сөпсөспөппүн, син уһун диибин. Этэҥҥэ олорон уһуннук үлэлээн кэллэҕим. Билигин кырдьан баран санаатахха, олус истиҥник ахта саныыбын. Билигин 84 сааспар сылдьабын. Кэргэмминээн 6 оҕону төрөтөн, үлэһит, киһи хара оҥортоон, дьиэлээн-уоттаан – бу бэйэтэ эмиэ туспа түбүк буоллаҕа дии. Билигин 16 сиэн, 9 хос сиэн эйэҕэс эһэтэ буолан олоробун. Кэргэммэр өрүү махталлаахпын. Эдэр сылдьан түҥ-таҥ сырыы ханна барыай? Ону барытын уйсан, бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн кэлбиппит. Үйэбит да оннук этэ.
Үлэлээбит сылларым сүрүн девиһэ: суобаскынан үлэлээ диэн буолар. Үлэлээбит кэмнэрбин элбэх наҕараадаларым туоһулууллар. Сэбиэскэй потребительскай кооперация туйгуна буолбутум.
Нина Тимофеева, «Россия потребительскай кооперациятын сайдыытыгар кылаатын иһин» уордьае кавалера, СР эргиэнин бочуоттаах үлэһитэ, СР бочуоттаах ветерана, Нам улууһун Ытык киһитэ, үлэ ветерана:
- Мин оҕо эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕа санаалаах этим. Университекка туттарса барбытым, баалым тиийбэтэҕэ. Төттөрү төннөн «тугу гынабын?» диэн толкуйдуу сырыттахпына, саҥаһым Екатерина Марковна Дьяконова педучилищеҕа остолобуойга кассир үлэтэ баар, онно киир диэтэ. Онон, үлэбин 1969 сыллаахха остолобуойтан саҕалаабытым. Оччолорго НПУ остолобуойа райпо иһинэн үлэлиир. Онно киирбит-тахсыбыт, нууччалыы-сахалыы саҥаран-иҥэрэн Екатерина Дмитриевна Христофорова сэбиэдиссэй этэ. Евдокия Гаврильевна Шишкина повар этэ. Оҕолору кытта оҕо буолан оонньоһон олус тапсан үлэлээбиппит.
Эһиилигэр эмиэ туттарса бардым, бу да сырыыга баал тиийбэккэ кыаллыбата. Ол иһин кооперативнай техникумҥа биир сыллаах бухгалтерскай кууруска үөрэммитим. Бухгалтер буолан райпоҕа тахсан, инвентарь, онтон транспорт бухгалтера буоллум. Итинник үлэбин саҕалаан, техникумҥа экономистка кэтэхтэн үөрэммитим.
Бухгалтерынан үлэлии сылдьан, дойдубар Арбыҥҥа маҕаһыыҥҥа атыыһыт көстө, үлэһит суох буолан хаалла. Райком председателэ Василий Егорович Колмогоров ыҥыран ылан, тылларыгар киллэрэн Арбыҥҥа маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн үлэлии бардым. Үөрүүлэригэр буолан, Дмитрий Семенович Негнюров, эргиэҥҥэ председатели солбуйааччы, бэйэтинэн киирэн, ыскылааттартан буолунай элбэх оччолорго кырыымчык табаары – компот арааһа, оҕурсу, заготовканы, миэбэли, куорпуһу о.д.а. барытын биэрэн – биир баржа таһаҕастаах дойдубар айаннаатым. Онно тиийэн бииргэ төрөөбүт балтыбынаан таһаарыылаахтык, биир да кэлтэгэй кэппиэйкэни итээбэккэбит үлэлээбиппит. Онтон маҕаһыыны миигиттэн Людмила Климовская туппута. Салгыы манна кэлэн бухгалтерынан үлэлии сылдьан, 1974 сыллаахха кэргэмминээн холбоһон Өймөкөөҥҥө ананан барбыппыт. Биир сыл үлэлээн баран, олох дойдубутугар диэн төннүбүппүт. Кэргэммин Модут оскуолатыгар үлэ учууталынан анаабыттара. Модут маҕаһыыныгар үлэлии олорор Егор Винокуров барахсан наммар көһөбүн диэн, аны онно маҕаһыын сэбиэдиссэйэ суох буолан, оруобуна онно киирэн хаалабын. Оччолорго маҕаһыын барыта хачыгаардаах. Олору кытта эмиэ бэрт иллээхтик үлэлээбиппит.
Онтон Намҥа көһөн кэлэн, «Чаҕылҕан» маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ уурайар буолан хаалла, 1979 сыллаахха оҕолонон баран, онно үлэлии таҕыстым. Комсомол-ыччат коллектива буолан, республикаҕа социалистическай куоталаһыыга 3 сыл мэлдьи иннибитин биэрбэккэ үлэлээн, бастакы миэстэ ылан, грамота, диплом бөҕө ыларбыт. Кыргыттарым Екатерина Гаврильевна Охлопкова, Анастасия Захарова, Марианна Яковлева, Анна Сыромятникова туйгун үлэһиттэр. Коллективнай подотчуот буолан олус эппиэтинэстээх. Маҕаһыыммытыгар атыылаһааччыларбыт олус убаастыыллара. Табаар бөҕөну аҕалан атыылыырбыт. Оччолорго фонда, лимит буолан барыта кырыымчык курдук гынан баран, киһи сатаан табан ыллаҕына киирэн табаары булаҕын. «Холбостору» кытта үчүгэй сыһыаннааҕым, онон табаары барытын кэриэтэ булан тахсарым. Балык собуотуттан алдьархайдаах улахан буочукаларга ыыһаммыт тууччах, атын тууһаммыт балыктары ыларбыт. Эдьигээнтэн туустаммыт күндүөбэй, ону кытта сугун кэлэрэ. Ону аҕалан атыылыырбыт. «Чаҕылҕаҥҥа» туох да субуллар уочарат буолара. Онно биир мэһэйинэн арыгы атыыта буолара. Маҕаһыын сарсыарда 10-тан аһыллар, киэһэ 7 чааска сабыллар. Арыгы буоллаҕына 11 чаастан киэһэ 5-кэ диэри атыыланар. Арыгы ылаары гыммыт дьон эрдэттэн сыбыытыыллар. Норуот хонтуруола диэн күүстээх, биир да мүнүүтэ эрдэ атыылыа суохтааххын. Манаан олорооччу элбэх. Аны 5 кэннэ сол дьонуҥ ааттаһыы-көрдөһүү бөҕөлөрө, ол эрэн ону барытын этэҥҥэ, тугу да кэспэккэ олорбуппут.
Оннук үлэлии сырыттахпына аны «Гастроном» маҕаһыыҥҥа көһөрдүлэр. Онно икки сыл сэбиэдисэйдээбитим. Эмиэ биир иллээх, үлэһит коллектив этэ. Саамай тумус, киэн туттар киһибитинэн Екатерина Алексеевна Говорова буолар. Тетя Катя диэн ааттыырбыт, оччолорго кинини улуус барыта билэрэ. Олус дьыалабыай хаачыстыбалаах, барытын көрө-истэ сылдьар киһи этэ. Подотчуокка аска, бородууктаҕа үлэлиир киһи аскын-үөлгүн, ыскылааттары баҕастары барытын бэйэҥ көрө-харайа сылдьаҕын. Ыскылааттарбытын нэдиэлэ аайы рабочайбын кытта тахсан ыраастыырбыт. Екатерина Алексеевнаҕа куруук махталлаахпын, билигин санаатахха, киэһэ хойукка диэри үлэлиирбит. Ол саҕана куораттан булуустан суббородуукта, ону кытта хотуттан кэлбит балыгы биэрэллэрэ. Булууһу түүн 12-2 чааска аһаллар. Ону ылан бараҥҥын манна сарсыарда кэлэн, сүөкээн, сарсыардаттан киэһэҕэ диэри барытын атыылаан бүтэриэхтээххин. Онно бүтүннүүтүгэр бүтүөр диэри тетя Катялыын бэйэбит хааларбыт. Киэһэ маҕаһыыммытын сабан баран, ардыгар тас өттүттэн кытта атыылааччыбыт. Урукку дьон наһаа да үлэһиттэр. Биһигини эмиэ оннукка ииппиттэрэ, үөрэппиттэрэ. Инньэ гынан биһиги эмиэ сытар-олорор диэни билбэккэ түүннэри-күнүстэри үлэлиир этибит.
Итинник үлэлии сырыттахпына хонтуорам салайааччылара остолобуойга сэбиэдиссэйинэн кэлэн үлэлиэҥ диэн ыҥыраллар да ыҥыраллар. Ити кэмнэргэ остолобуойга итэҕэс-быһаҕас тахсан сэбиэдиссэйдэригэр табыллыбакка сылдьыбыттар эбит. Онон эмиэ райком салайааччылара тылларыгар киллэрэн, 1982 сыллаахха атырдьах ыйыттан остолобуойга сэбиэдиссэйинэн кэллим. Тылбын ылыннарар кэмнэрбэр библиотекаттан общепит туһунан кинигэлэри аахтым, үөрэттим. Төһө да киирэ-тахса үлэлэрин көрө сырыттарбын, ис-иһэ атын бөҕө буоллаҕа дии. Усулуобуйа туруордум: транспорт боппуруоһа олус ыарахан этэ, онон автолавканы бэйэм бас билиибэр биэрэр буоллаххытына диэн. Оччолорго тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылары аһаталлар-сиэтэллэр, итии аһылыгынан хааччыйаллар. Онуоха тиэйэ сылдьан атыылыыргар массыына наада буоллаҕа. Автолавкаҕа суоппарынан Василий Николаевич Охлопков үлэлээбитэ. Сарсыарда 6 чаастан куораттыыбыт, көтөр фабрикатыттан, балык собуотуттан, ЛОРП маҕаһыыныттан табаары ылынан киэһэ син сөбүгэр тахсабыт. Остолобуойга кэлэрбэр киирээт даҕаны тутатына капитальнай өрөмүөнтэн саҕалаабытым уонна үлэ тохтоло суох барарын ситиһээри ыраас-кирдээх иһиттэри биэрэр-ылар тус-туспа түннүктэри оҥотторбутум.
Остолобуойбут бэртээхэй коллективтаах этэ. Технолог диэн миэстэлээхпин да, кими да булбакка сырыттым. Күн аайы куоракка тиэстэр буолан, мин оннубар хонтуроллуу, көрө хаалар киһи наада буолла. Иннокентий Тарбаховы ыҥырдахпына хайдах эбитэ буолла диэн толкуй бөҕө буоллум. Райком председателигэр киирэн, Намнааҕы педучилище остолобуойугар кондитерынан уонна преподавателинэн үлэлии сылдьар Иннокентийы ыҥыран көрүҥ диэн эттим. Кэллэҕинэ табыллыыһы диэн буолла, хата, уолум сөбүлэһэн кэллэ. Кини кэлиэҕиттэн мин арыый босхолонон, куоракка табаар ыла киирэр буоллум. Кини оччолортон саха аһын фаната, маны гыныахха, итини гыныахха диэтэҕин ахсын бары саба түһэн астаан, бэлэмнээн оҥорбуппут эрэ баар буолар. Оннук үлэлээммит остолобуойбут аһа республикаҕа аатырыаҕын аатыран «Бренд Намского улуса» буолбута. Дэлэҕэ оччолорго Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Николаев туох баар улахан ыалдьыттарын биһиэхэ таһаарар этэ. Араас кэлии омук ыалдьыттара бөҕө көрсөрбүт. Кинилэр ханна бараллар да, онно уолаттарым тиийэн ас астаан бэлэмнииллэр, үлэ оргуйан олороро.
Ону сэргэ райпо ыскылаатын сэбиэдиссэйин, тутаах үлэһитин Егор Петрович Старостины ылбытым кыладапсыыгынан үлэҕэ ылбытым. Производство старшай сэбиэдиссэйинэн, боростуойдук старшай повар, Варвара Петровна Сивцеваны ылбытым. Кини общепикка 40-ча сыл үлэлээбит уопуттаах, технолог үөрэхтээх асчыт, аһы-үөлү төрдүттэн билэр киһи буоллаҕа. Онон остолобуойга энньэ бөҕөлөөх кэлбитим: автолавка диэн, кыладапсыык диэн, повар диэн. Бу санаан көрдөххө, наһаа да элбэҕи үлэлиир эбиппит. Мария Дмитриевна Ядрихинская тымныы сыахха турбута. Мясниктарым Галина Яковлевна Филиппова, Раиса Николаевна Байрак, Мария Васильева, түҥэтиигэ билиҥҥээҥҥэ диэри «Сандалы» остолобуой этикетката, легендата буолбут Татьяна Герасимовна Филиппова, бурдукка турааччыларым Прасковья Кузьминична Колесова, кэнники кэлбиттэртэн Улита Прокопьевна Федорова. Алексей Бродниковы үөрэтэн эт сыаҕар туруорбуппут, билигин «Эрэл» ТХПК тутаах үлэһитэ. Ксения Петровна Нарбыкова технолог үөрэхтээх. Урукку кондитердарым Мария Ивановна Барашкова, Светлана Иннокентьевна Винокурова хара маҥнайгыттан үлэлиирбэр тумус туттар дьонум этилэр.
Оҥорон таһаарарбыт лаппа элбээн, бурдук аһын сыаҕын таһынан аны полуфабрикат сыаҕын арыйдыбыт. Дьону кыһыҥҥы өттүгэр дуогабардаһан аҕалан үлэлэтэрбит. Хас нэһилиэк аайы баар совхозтар кыһыл муннуктарыгар полуфабрикат атыытын тэрийэрбит. Тиэптэл, кэтилиэтэ ыйааһынын биирдии устууканан ыйаан оҥоттороҕун. Бэрэбиэркэ бөҕө, билигин киилэнэн оҥоһуллар. Оннук үлэҕэ кыргыттарым икки сменанан үлэлээбиттэрэ, повардар даҕаны, кондитердар даҕаны. 3-түү күн үлэлииллэр, 3-түү күн сынньаналлар. Түүн 2-3 чааска диэри үлэлииллэрэ. Онуоха түүн арааһынай буолар түгэнигэр гаражка дьуһуурунай массыына диэн баара. Түүн хайаан даҕаны үлэһиттэрбин баран көрөбүн. Табаары маҕаһыыннарга тиэйэн тарҕатыыга Ольга Николаевна Харитонова үлэлээбитэ, оччолорго төһө да саастаах буоллар подотчуота уурбут-туппут курдук. Оннук фермаларга хоту-соҕуруу барытыгар тиийэр тетя Ольганы бары билэллэрэ, убаастыыллара. Ити дьоммун билигин наһаа күндүтүк саныыбын, истиҥник махтанабын. Итинник дьону кытта үлэлээммин бэрээдэккэ үөрэннэҕим. Үлэлэригэр олус бэриниилээх, үлэлэриттэн олус астынар дьон.
Онтон «Универмагы» өрөмүөннээн, бырайыактаан, уларытан, банкетнай саалалаан остолобуой оҥорбуппут. Бэртээхэй миэстэҕэ турар буолан, дьон сылдьыыта да элбэх этэ. Ас-үөл бөҕө астаан, дьон бөҕөнү аһатан кэлбиппит.
Тэрилтэбит биир үтүө күн тохтоон, бары үлэтэ суох хааллыбыт. Барыбытыгар улахан охсуу буолла. Сүүрэн-көтөн көрдүбүт да, тэрилтэбит быыһамматаҕа. Маннык ыһыллан баран олоруо суохпут, кэбис, саатар ветеран сэбиэтин тэрийиэххэ диэн кыргыттарбын дьаһайдым. Балаҕаҥҥа мунньахтаан, сэбиэт хамыыһыйатын талан үлэбитин саҕалаатыбыт. Онтон олох даҕаны социальнай ситимҥэ киирэн, ватсап олохтоохторо буоллубут. Ол курдук, «Райпо ветераннара» диэн бөлөх тэриллэн бу күҥҥэ диэри алтыһа олоробут.
Нам улууһун бренэ буолан олорон, республикаҕа ыытыллар киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэргэ биир бастакынан биһиги ыҥырыллан үлэлиирбит, дьону аһатарбыт. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис оонньуутуттан саҕалаан араас омуктары аһатан кэлбиппит. Санэпид хонтуруол бөҕө, аны бэйэлэрэ туспа быраабылалаахтар. Холобура, Соҕуруу уонна Хотугу Корея дьонун тус-туспа арааран аһатыы, бэл диэтэр, киирэр-тахсар ааннара туспа. Ону таһынан улуустарга ыытыллар Манчаары оонньууларын, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын дьонун барыларын биһиги аһатарбыт. Тетя Танябыт түҥэтиигэ куруук тып-тап оҥостон турара бу баар курдук. Ону барытын биирдэ да сэмэхлэммэккэ, биир да быраабыланы кэспэккэ туйгуннук, чиэстээхтик толорон кэлбиппит.
Билигин рйапо ветераннара буоламмыт куруук билсэ-көрсө, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө буола олоробут. Бүтүн республиканы аһатан-сиэтэн олорбут «Холбос», ону кытта райпола ситимнэрэ суох буолбуттара хомолтолоох бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрэн санаабытын түһэрбэккэ, иннибит диэки эрэллээхтик хааман иһэбит. Түгэн эрэ көһүннэр, дьоммутун түмэн тэрээһиннэри төһө кыанарбытынан ыытабыт. Онно күүс-көмө буолар, сүүрэр-көтөр дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Инникитин даҕаны сибээспит быстыбатын диэн баҕа санаабын этэбин.
Екатерина Охлопкова, потребительскай кооперация туйгуна, «Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына:
- 1977 сыллаахха кооперативнай техникуму бүтэрэн баран, Намҥа үлэлии кэлбитим. Кооперативнай техникум директорын Наталья Марковна Яковлеваны олус күндүтүк саныыбын. Товароведениены үөрэтэрэ, киэҥ билиилээх уһуйааччы этэ. Үлэлии кэлэрбэр отдел каадырынан Афанасий Андреевич Протопопов олорор этэ. Тута саҥа аһыллыбыт «Чаҕылҕан» маҕаһыыҥҥа младшай атыыһытынан барбытым. Сэбиэдиссэйинэн Александра Афанасьевна Новгородова үлэлиирэ. Онно үлэлии сырыттахпытына 1979 с. Нина Николаевна кэлбитэ. Онтон ыла кинини кытта бииргэ үлэлээбитим, 1982 сыллаахха остолобуойга барбыта. Онуоха диэри биһиги уопутуран, комосольскай ыччат коллективын тэрийбиппит. Анна Даниловна Сыромятникова, Анна Елисеевна Захарова, Анастасия Сергеевна Захарова, Марианна Яковлева буолан олус диэн тапсан үлэлээбиппит. Кинилэр дойдуларыгар барбыттара, мин хаалбытым. Нина Николаевна барбытыгар сэбиэдиссэйинэн хаалбытым.
2008 сыллаахха тэрилтэбит эстибитигэр дьиэҕэ олорон муунтуйан хаалбыппыт. Оччолорго саҥа 50 сааспын туолбутум. Улахан охсуу ылбыппыт. Ол олордохпутуна Нина Николаевна эрийэн, маннык олорумуохха, бэйэбит тугу эрэ тэринэммит киһи хара буолууһукпут, диэн общественнай саҕалааһын быһыытынан райпо ветераннарын сэбиэтин тэрийиэххэ диэбитэ. Иосиф Никитич, Нина Николаевна, Василий Петрович, Егор Иванович, Валентина Ивановна о.д.а. буоламмыт тэринэн, миигин председателинэн талбыттара. Сэбиэт хамыыһыйатыгар Нина Николаевна Тимофеева, Прасковья Петровна Софронова, Степанида Петровна Семенова, Людмила Николаевна Григорьева, Сардана Николаевна Кривошапкина, Анна Елисеевна Сидорова. Билигин председатель Любовь Иннокентьевна Захарова, састаапка Прасковья Петровна, Людмила Николаевна, Анна Елисеевна, Екатерина Охлопкова уонна Степанида Петровна бааллар.
Оччоттон-баччаҕа диэри төбөбүт Нина Николаевна, биһиги кини салаалара буолабыт. Сорудах биэрбиттэригэр ылсыһан туран үлэлээбитим. Дьиэбэр олорон эрэ 200-тэн тахса киһини испииһэктээтим. Бастаан кэлэрбэр 700-тэн тахса үлэһит этэ, ону барыларын син биир өйдөөбөккүн. Тэтэрээт оҥостоммун, хоту-соҕуруу кыргыттары олох билбэт этим. Күн аайы алтыһар кыргыттарбын эрэ билэттиирим. Ону даҕаны атыы отделыгар старшай товароведынан үлэлиир буолан. Көтүппүт дьоммун киллэр диэн испииһэкпин Нина Николаевнаҕа көрдөрдүм. Остолобуой, гараж, хонтуора о.д.а. араартаан чаастарынан оҥортообутум.
Райпо тэриллибитэ 90 сылыгар ыһыах оҥоруохха диэн тыл көтөҕөн ыһыах тэрийбиппит. 200-чэкэ киһи кэлбитэ: 148 улуус иһигэр баар киһи, 11 тыыл ветерана, хоту-соҕуруу 60-ча кыыс. Ити испииһэккэ бары киирбэтэхтэрэ чахчы. Саамай кырдьаҕаспыт 94 саастаах Екатерина Марковна Дьяконова. Вера Афанасьевна Харлампьева куораттан куруук алтыһа олорор киһибит. Хас бырааһынньык аайы эҕэрдэлэһэр, туох буолбутун барытын билсэ олорор. Ону сэргэ Полина Борисовна Федченко, Анна Романовна Амонова.
Бу 95 сылбытыгар бэйэбит ааҕарбытынан 118 киһи кэллэ. Регистрация оҥоһуллубута. Хоту-соҕуруу председатель кыргыттарбар махтанабын: соҕуруу өттүгэр Раиса Петровна Федотова, хоту өттүгэр Марфа Дмитриевна Сивцева үлэлииллэр. Нина Николаевнабыт фантазията туох да олох туохха да тэҥнэспэт. Кини салайааччы дуоһунаһыгар сылдьыбыт буолан, билэрэ да элбэх. 100 сылбытыгар эдэр кыргыттар үлэлиэхтэрэ. Биллэн турар, күүс-көмө, ыйан-кэрдэн биэриэхпит буоллаҕа.
Райпоҕа холбоон-илбээн 33-тэн тахса сыл үлэлээбитим. Дьиэҕэ олорор киһи иккис айылгыта аһыллар эбит. Иистэнэҕин, айаҕын-тутаҕын. Оннук иэйэ-куойан үлэлэһэн, бииргэ түмсэн биир да бырааһынньыгы көтүппэппит. Мунньахпыт буолаары гыннаҕына мустар србит боппуруоһа турааччы. Оччоҕуна кырдьаҕастар балаҕаннарын салайааччылара куруук утары баран манна кэлиҥ диэн ыҥыраллар. Николай Никитич Баишев ветеран сэбиэтинэн олордоҕуна биһигини олус өйөөбүтэ. Михаил Сергеевич Баишев, Софья Дмитриевна Кобякова өйөөбүттэрэ.
Туох баар тэрээһин үбү-харчыны, ороскуоту эрэйэр, ону ол диэбэккэ бары харчы кыттыһан бырахсан тэрийэбит. Барыта бэйэбит күүспүтүнэн ыытыллар. Бу да сырыыга оннук, 90-тан тахса киһи кыттыспыта. Тэрээһиммитигэр куруук күүс-көмө буолар урбаанньыттарбытыгар Лидия Прокопьевна Румянцеваҕа, Светлана Иннокентьевна Макароваҕа махталбыт муҥура суох.
Людмила Григорьева, эргиэн, үлэ ветерана, Нам сэлиэнньэтин «Ипподром» түөлбэ бочуоттаах олохтооҕо:
- Мин райпоҕа 1978 сыллаахха кэлбитим. Үлэбин остолобуойтан саҕалаабытым. Сэбиэдиссэй Татьяна Прокопьевна Ильина олус үчүгэйдик көрсүбүтэ. Онтон кулинаркаҕа Анна Иннокентьевна Ефимоваҕа үөрэнээччи-атыыһытынан биэрбитэ. Наставник быһыытынан элбэххэ такайан бэркэ үөрэппитэ. Онно үлэлиирим саҕана Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов, Анна Романовна Амонова, Татьяна Герасимовна Филиппова бааллара. Үчүгэйкээн коллективка киирэн үлэлээн киэҥ билиилээх дьонтон уопут ылан, бэркэ үлэлээбитим. Ити сылларбын олох умнубаппын. Коллективпытыгар Мария Дмитриевна Ядрихинская, Розалия Ивановна Барашкова, Степанида Петровна Семенова, Светлана Иннокентьевна Винокурова бааллара.
Үлэлиирим тухары хас да сэбиэдиссэй кэлэн барбыта. Ол курдук, соҕурууттан Надежда Львова, Уус Алдантан Михаил Иванович о.д.а. Үчүгэй баҕайытык үлэлии сырыттахпына миигин ыҥыран ылан тутуу учаастагар (стройучасток) сэбиэдиссэйинэн бар диэн ыыппыттара. Хорсун баҕайытык оһоҕунан оттуллар маҕаһыыҥҥа соҕотох тиийэн үлэлээбитим. Онно сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит эргиэн ветерана Егор Павлович Иванов рабочайынан үлэлии сылдьар этэ. Уопуттаах киһиэхэ сүүрэн тиийэммин олох илиитигэр киирэн хаалбытым. Элбэххэ үөрэппитэ: эти хайдах эттээн, уҥуоҕун хайдах сыбаан биэрэргэ, куулбутун хайдах дьаарыстаан уурарга. Сыыһы-бөҕү (отход) диэни олох хаалларымаҥ диэн үөрэтэрэ. Эти тугун да хаалларбат гына эттиирэ. Техничканан Анна Петровна Находкина үлэлээбитэ, ыраас туттуулаах, эмиэ үгүскэ үөрэппитэ. Сарсыарда эрдэ кэлэн икки оһоҕу оттор эибит. Онтон Марина Ивановна Хоютанова кэлбитэ. Иккиэн тутуу учаастагар, самообслужкаҕа, «Юбилейнайга», «Чаҕылҕаҥҥа» эйэлээх баҕайытык үлэлээбиппит. Степанида Петровна Семенова, Мария Васильевна Сосина, Людмила Егоровна Ратникова, Мария Ивановна Сивцева, Анна Кимовна Корякина буоламмыт биир да итэҕэс таһаарбакка, сыыһа-халты туттубакка иллээхтик үлэлээбиппит. Универмагка атах таҥаһын отделыгар Марианна Александровна Сивцева, Александра Гаврильева буолан бииргэ үлэлээбиппит. Үгүс ветераннарбыт – Анастасия Агеевна Сивцева, Лидия Ивановна Филиппова, Марфа Григорьевна Тимофеева, Галина Ивановна Матвеева үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ биһиэхэ холобур буолар. Ити кыргыттар бары райпоҕа тус кылааттарын киллэрбит дьонунан буолаллар.
Кэнники кулинаркаҕа үлэлээбитим. Нина Николаевна ыҥыран ылан остолобуойбар төттөрү кэлбитим. Кооперативнай техникумҥа араас куурустарга үөрэнэн билиибин хаҥатан, уопутуран испитим. Үлэбин кулинарканан саҕалаабытым уонна кулинаркабынан түмүктээбитим. Нина Николаевнаҕа олус махтанабын. Коллективы тутан олорбута, бэрээдэги көрөрө, ирдиирэ. Остолобуойбут олус ыраас этэ. Кини иһэр буоллаҕына колпактарбытын көннөрө-көннөрө бэйэ бодобутун тардынан көрсөөччүбүт. Кулинаркаҕа үлэлээбит кыргыттарым – Надежда Николаевна Григорьева, Сардана Егоровна Бугаева, Сардана Юрьевна Сидорова, Татьяна Афанасьевна Кейментинова. Билигин даҕаны «Илгэ» ТХПК айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Кыргыттарбар ситиһиилээх үлэни баҕарабын. Төһө да райпо суоҕун иннигэр, тэрилтэ аатын кинилэр ааттаттар буоллахтара дии.
Райпоҕа үлэлээммин үүнэн-сайдан үлэһит буолан таҕыстаҕым диэн сананабын. Салайааччыларбар олуһун махтанабын. Элбэх председательгэ олорон кэлбиппит. Олус элбэх үтүө үлэһит дьон бааллара, барыларын ааттаатахпытына манна баппат. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. «Ипподром» түөлбэ көхтөөх олохтооҕо буолабын. Ленскэй нэһилиэк ветераннарын сэбиэтигэр баарбын. «Хардыы» бөлөххө эмиэ баарбын. Олохпор маннык кэрэ дьону көрсүбүппүттэн олуһун үөрэбин, олох үтүөтүн барытын райпоҕа үлэлээн, сылдьан биллэҕим. Маннык ыһыллыбакка бииргэ сылдьыахпыт буоллаҕа. Үбүлүөйбүтүнэн бииргэ үлэлээбит коллективпын, ветераннарбытын, үлэлии сылдьар оҕолорбун барыларын эҕэрдэлиибин. Доруобай, чэгиэн буоллуннар, төһө да сааһырдаргын киһи олоххо тардыһыыта күүстээх буолар эбит. Бэйэ-бэйбитин өйөнсөн, маннык куруук бииргэ сылдьыахха.
Анна Сидорова, РФ потребительскай кооперациятын туйгуна, «РФ потьребительскай кооперациятын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, үлэ ветерана:
- 1982 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, Львовскай торгово-экономическай институкка инженернэй-экономическай факультекка үөрэххэ киирбитим. 1987 сыллаахха «Холбоско» кэлэн ананан барарбыт. Онно Нам, Чурапчы уонна хоту улууска диэн талларбыттара. Ийэбин кытта сүбэлэһэн баран, Намҥа барар буолбутум. Автовокзалга кэлэн түһэн, улахан чымадааннаах хааман истим. Онуоха Нина Николаевна көрсө түстэ. Кэпсэтэ турдахпытына Амма кыыһа Катя Чупрова кэллэ, кинилиин аргыстаһан бардыбыт. Лена Ксенофонтова уонна Настя Чиркова ыҥыран ыланнар уопсайга кинилэргэ үһүс киһинэн киирдим. Эдэр саас кэрэ кэмнэрэ этэ.
1987 сыллаахтан Нам райпотугар үлэбин бухгалтерынан саҕалаабытым. Оччолорго маҕаһыын элбэҕэ, отчуот элбэҕэ. Онтон расчетнай отделга ыыппыттара. Бастаан кэлбиппэр бухгалтерия иккис этээскэ баара, дьэ онно суот тыаһа бөҕө. Оттон мин суоту билбэт буолан, калькуляторга суоттуубун. Үөрэхпэр программа оҥорорго үөрэмммит буолан. Расчетнай отделга кэлэн баран, Кылатчанов программатыгар үөрэнэн, хамнаһы онно ааҕар буолбуппут. Матричнай принтер сакаастаан ылларбыппыт, биэдэмэстэр А3 кумааҕыга бэчээттэнэн тахсаллар, ону пилорама тыаһыыр диэн күлэр этибит. Ол кэнниттэн розницаҕа үлэлии сылдьыбытым. Хамнас ааҕарбытыгар миэхэ Галина Семеновна Сивцева наставнигым этэ. Сүбэлии-амалыы сылдьара, страховой отчуоту хараҕын быһа симэн олорон оҥороро. Ымсыыра көрөр этим: хайдах итинник киһи оҥоруон сөбүгэр. Кыһалҕаттан киһи үөрэнэр буоллаҕа, үөрэнэн кэнники бэйэҥ сүбэһит буолар эбиккин.
Элбэх киһини кытта алтыһарбыттан астынабын. 1988 сыллаахха ыал буолан, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри Намы иккис дойду оҥостон олоробун. Райпоҕа үлэлээбит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. 34 сыл уопсайа биир кооперацияҕа үлэлээбиттэн киэн туттабын. Профком председателинэн үлэлээн, бырааһынньыктары, сынньалаҥнары ыытан кэлбиппит. Арахсыспат дьүөгэлэрбэр Настя, Лена, Надя куруутун махтанабын.
Үбүлүөйдээх сылларбытынан ытык ветераннарбытыгар, үтүө дьоммутугар барыларыгар эҕэрдэ. Этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Наставник сылынан Екатерина Марковна Дьяконоваҕа, Вера Афанасьевна Харлампьеваҕа, Мария Лазаревна Новгородоваҕа, Варвара Дмитриевна Эверстоваҕа, Мария Егоровна Ивановаҕа, Ольга Алексеевна Ивановаҕа, Антонина Михайловна Полищенкоҕа махтал тылларын аныыбын.
Быйылгы ыһыахтан дьон бары астынна. Тэрээһин дьонугар барыларыгар махталбын тиэрдэбин.
***
Төһө да сыл-хонук аастар сойуус, ыһыллыы-тоҕуллуу да кэмнэригэр күргүөмнээхтик үлэлээбит райпо үлэһиттэрэ күн бүгүҥҥэ диэри бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсэ-көрсө, өйөһөн, өйдөһөн олороллоруттан киһи үөрэр. Хайдахтаах курдук иллээх-эйэлээх, барыга көхтөөх коллектив үлэлээн ааспытын киһи эрэ сөҕөр. Быйылгы үбүлүөйдээх ыһыах ыытыллыытыгар көмөлөспүт, сүүрбүт-көппүт дьонноругар, чуолаан райпо оҕолоругар – «Сандалы» остолобуой директорыгар Андрей Бочкаревка, ааттаах поварга Степан Марковка, «Илгэ» ТХПК салайааччытыгар Гаврил Сивцевкэ, улуус дьаһалтатыгар, баһылыкка Юрий Слепцовка, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетыгар, биирдиилээн дьоҥҥо олуһун диэн махтаналлар.
Анна Созонова