Биир дойдулаахтарбыт — «Мэхээлэчээн булчут» киинэҕэ

«Сахабэчээт» судаарыстыбаннай тэрилтэ Ulus.Media редакцията фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин  «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» сэһэнинэн киинэ уста сылдьарын иһитиннэрэр (https://ulus.media/2023/07/25/novyj-proekt-ulus-media-ekranizacziya-povesti-smetanina-ohotnik-mihalyushka/).

Киинэ  режиссера —  биһиги, намнар, биир дойдулаахпыт Александр Лукин. Оттон Мишута диэн уол оҕо сүрүн оруолугар Искраттан 7 саастаах Дамир Дьяконов уһулла сылдьар.

Александр Лукин, режиссер:

«Киинэҕэ артыыстары, оҕолору таһынан кыыллар уһуллуохтара: ыттар, саһыл, хаххан, ат. Интэриэһинэйэ диэн – кыыллар бары биһиги киинэбитигэр саҥарар буолуохтара. Бу курдук остуоруйа аҥардаах дьиктилээх, алыптаах киинэ күүтүллэр». 

Режиссер Александр Лукин «Белый ангел тундры», «Бүгүн – сарсын», «Государственные дети» диэн көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылбыт киинэлэрин устубута.

Сэһэн ааптара суруйааччы Т.Е. Сметанин соҕотох кыыһа, биһиги биир дойдулаахпыт, Граф Биэрэгин олохтооҕо Татьяна Сметанина киинэни долгуйа күүтэрин этэр. Татьяна Тимофеевна санаатын бу сыылканан киирэн көр, иһит (https://youtube.com/watch?v=G4IVKnVfnb4&feature=shareb).

Т. Сметанин  «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» сэһэнэ 1943 с. кинигэ буолан тахсыбыта.  1961 с. кинигэ иккиһин бэчээттэммитэ. Манна кырдьаҕас булчут оҕо эрдэҕинээҕи көрүдьүөстээх сырыыларын туһунан кэпсээннэрин, биир дойдулаахпыт,  аатырбыт худуоһунньук Ефим Шапошников умнуллубаттык ойуулаабыта.

«Мэхээлэчээн булчут» уобараһа  холустаҕа түһэн ойууламмыта, аны  тыыннааҕымсыйан киинэ уһулла сылдьарын, биһиги, намнар,  ордук чугастык ылынан  үөрэбит, сэргиибит.

«Бэйэ киһитэ саары чаккылаах» дииллэринии, талааннаах худуоһунньукпутунан, режиссербутунан, кэскиллээх ыччаппытынан киэн туттабыт.

Лена Ноговицына

Читайте дальше