Биир кылаастан доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрэ

Үбүлүөйдээх Хамаҕатта орто оскуолатын 1969 сыллаахха бүтэрбит 10 «а» кылаастан түөрт кыыс эмчит идэтигэр үөрэммиттэрэ.

Людмила Ивановна Алексеева (Колмогорова) Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа, СГУ биология салаатыгар үөрэммитэ. Нам улууһун санитарнай сулууспатыгар бактериолог бырааһынан үлэлээн гигиена уонна эпидемиология киинэ сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. 40-тан тахса сыл эҥкилэ суох үлэтэ Саха сирин санитарнай сулууспатын туйгуна, «Бочуот знага», «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэринэн сыаналаммыта.

Людмила Ивановна Алексеева (Колмогорова)

Людмила Егоровна Корякина (Аманатова) Алданнааҕы медучилище фельдшерскэй отделениетын бүтэрэн Абый оройуонун Уолбут бөһүөлэгэр идэтинэн сүрэхтэммитэ. Төрөөбүт улууһугар 1976 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри халбаҥнаабакка киин поликлиникаҕа патронажнай сиэстэрэттэн саҕалаан старшай медсестра дуоһунаһыгар тиийэ үлэлээн СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна буолбута.

Людмила Егоровна Корякина (Аманатова)

Надежда Ивановна Петрова (Винокурова) Иркутскайдааҕы мединститут стоматология факультетын бүтэриэҕиттэн идэтинэн күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар. Кэргэнинээн Роберт Никитичтиин Хамаҕаттаҕа «Витастом» чааһынай тиис кабинетын тэринэн үлэлэтэллэр. Надежда Ивановна ССРС донора, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, «Хамаҕатта нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх тиис бырааһа.

Надежда Ивановна Петрова (Винокурова)

Астра Семеновна Румянцева (Протопопова) Ленинград уобалаһын Выборг куоратыгар медучилищеҕа үөрэнэн фельдшер дипломун ылбыта. Идэтинэн Искраҕа, Хамаҕаттаҕа үлэлээбитэ. Уһуннук Бөтүҥ нэһилиэгин дьонун-сэргэтин доруобуйатын харыстабылыгар бары кыһамньытын ууран кэлбитэ. Нэһилиэк общественнай олоҕор дьахтар сэбиэтин, төрөппүт кэмитиэтин председателинэн, депутат быһыытынан кыттыбыта. Үлэ бэтэрээнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Улууска доруобуйа харыстабылын сулууспата 125 сыллаах үлэтигэр Хамаҕатта оскуолатын биир кылааһыттан тахсыбыт медиктэр кылааттара эмиэ баар.

Мария Винокурова