Ол холобурун Модут нэһилиэгэр көрөбүт. МАУ директора Василий Сыроватскай маннык кэпсиир:
— Нэһилиэкпит баһылыга Ефим Гоголев бу уустук кэмҥэ, үлэтэ суох ыччаты өйөөн, быраҕыллан турбут улахан арочнай гарааһы үлэлэтэн сүҥкэн көмөнү оҥордо. Күн бүгүн бу гараж тигинэччи үлэлии турар. Уонтан тахса улахан техника, 20-чэ үлэһит, ону таһынан тэрилтэ тыраахтардара, өрөмүөҥҥэ, хонукка наадыйбыт чааһынай массыыналар сылаас сиргэ кыһалҕаларын быһаараллар.
Нэһилиэкпит урут-уруккуттан бастыҥ тырахтарыыс, суоппар аатын сүгэн кэлбит чулуу үлэһит дьонунан-сэргэтинэн биллэр. Ону утумнаан, эдэр көлүөнэ ол хайысханы тутуһан нэһилиэкпитигэр үлэ күөстүү оргуйар. Модуттан 12 улахан массыына Сахабыт сирин араас хайысхатынан кыһыҥҥы уустук, эриирдээх-мускуурдаах суолларынан таһаҕас таһыытын үлэтигэр таҕыстылар. Түгэнинэн туһанан, баһылыкпытыгар Ефим Ефимовичка үлэлии-хамсыы сылдьар ыччат сылаас махтал тылларын этэбит!
Бу курдук уолаттарбыт, эдэр ыалларбыт аҕалара бииргэ түмсэн үлэ үөһүгэр сылдьаллара кэрэхсэнэр.
Нэһилиэккэ 2024 сыл «100 үтүө дьыала» сылынан биллэриллэн, күргүөмнээх үлэ саҕаланна. Баһылык ыччаты кытта биир тылы булан, өйдөһөн үлэни тэрийиитэ 100 үтүө дьыалаттан биирдэрэ буолар. Уолаттар да бу хамсааһынтан туора туруохтара суоҕа диэн эрэллээхпит.
Мария Шапошникова, Модут