Буойун модун күүс санаатын кэриэстээн Туллукка Мэҥэ Таас килбэйэр

Бэс ыйын 22 күнэ – Кутурҕан күнэ. Аппааны сэлиэнньэтин «Туллук» биэрэгэр  «Мэҥэ Таас» скверигэр миитин ыытылынна.

Бу сквер 2015 с. Өрөгөйдөөх Кыайыы 70 сылын көрсө тутуллубута.

 Хатыҥ Арыы нэһилиэк дьаһалтатын байыаннай учуот специалиһа Екатерина Стрекаловская иһитиннэрбитинэн: «Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн уопсайа 303 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыта, онтон 192 буойун кыргыһыы толоонугар охтубута, ол иһигэр 128 буойун сураҕа суох сүппүтэ, ол гынан олортон 11 буойун Ильмень күөл кыргыһыытыгар суох буолбуттара билиннэ. Арҕаа фроҥҥа сэриилэһэн баран дойдуларыгар кэлэн 58 киһи, Илин Япония сэриититтэн кэлэн 28 киһи өлбүттэрэ.

 

1941-1945 сс. уоттаах сэрии сылларыгар, колхозтарга хаалбыт дьоммут 423 киһи «Аҕа дойдуну көмүскүүр 1941-1945 сс. сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин»  мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Билигин нэһилиэккэ 7 тыыл бэтэрээнэ, 1 Чурапчы көһүүлээҕэ, 16 Хотугу Кавказ регионун сэриитин кыттыылаахтара, 3 Саха республикатын Ис дьыала Министерствотын иһинэн Хотугу Кавказ регионун сэриитин кыттыылаахтара бааллар».

  Миитин «Бастакылар хамсааһыннара» общественнай тэрилтэ оҕолорун хоһоон ааҕыытынан саҕаланна. Салгыы Мэҥэ таас иннигэр чуумпуран туран Ийэ дойдуну көмүскүү барбыт, биһиги эйэлээх, уйгулаах олохпут иһин бэйэлэрин тыыннарын толук уурбут ытык дьоммутун кэриэстээн, санаан, сүгүрүйэн турдубут.

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, баһылык солбуйааччыта Юрий Дьяконов, Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников, Нам улууһун прокурорун солбуйааччыта Антонина Ускеева, Хатыҥ Арыы нэһилиэк МТ депутаттарын сэбиэтин председателэ Евгений Жирков, Нам улууһун ветеран сэбиэтин председателэ Софья Кобякова,  СӨ государственноһын историятын түмэлин дириэктэрэ Александр Кириллин, Бөтүҥ нэһилиэгиттэн КПРФ чилиэнэ Михаил Кугданов, Хатыҥ Арыы нэһилиэк наставниктарын салайааччыта Дмитрий Ноговицын тыл эттилэр. Мэҥэ тааска гирлянда, сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла.

 

Дмитрий Ноговицын олунньу 3 күнүгэр 2020 с. суруйбут  «Туллукка Мэҥэ Таас килбэйэр» диэн хоһоонунан түмүктүүбүн.

 Намым налыы хонуута

Туллугум кырдала-

Өлүөнэ эбэ сүүрүгэр

Өҥөйөр күөх мааны кытыла

 Кыыдааннаах кыһыҥҥа

            Кырыалаах тымныыга

            Көмнөх хаары бүрүнэн

            Чуумпуран, иһийэн сытаҕын

 

Ол эрэн, сааскы күн

Сырдыга сылытар күүһүттэн

Илгилээх тоҥ ньуургун сымнатан,

Күөҕүнэн чэлгийэн тиллэҕин

 

Оччоҕо күн ахсын көһүтэр

Күүтүүлээх санаата күүһүрэн.

Эрэнэ киириэҕэ биэрэккэр

Кэтэһэр күн ийэ барахсан

 

Ыраатта тыйыс сэрии

Хомуура ыҥыран, бу мантан,

Ийэ сир дойдутун көмүскүү

Тапталлаах эн уолуҥ барбыта …

 

« Күүт миигин, эргиллиэм,

Өһүөннээх өстөөҕү самнаран…»

Уол ыыппыт андаҕар суруга

Хараастар сүрэххин уоскутар

 

Көмүскэҥ уутугар

Суурайбыт суруккун

Уолуккар сыһыаран долгуйа,

Саҕаҕы кэтиигин ыраахтан

 

Ахтыбыт хоту сир угуйан,

Аймана ааһаллар кубалар

Кураанах курас тыал дирбиилээх

Өрүһүм дьэс уута суккуллар

 

Ийэтин, дойдутун туһугар

Өлөрү кэрэйбэт сэрииһит

Модун күүс санаатын кэриэстээн,

Туллукка Мэҥэ Таас килбэйэр.

 

    Надежда Сивцева