Буулдьанан ытыыга Ленскэй нэһилиэк эрэллээхтик бастыыр

Нам сэлиэнньэтигэр олунньу 3 күнүгэр улуустааҕы буулдьанан ытыы күрэхтэһиитэ буолбута. Буулдьанан ытааччылар хамаанданан “куруппааскы” уонна биирдиилээн “тииҥ” түһүмэхтэригэр ыттылар.

Буулдьанан ытыы I түһүмэҕэр 15 хамаанда кыттарын биллэрбитэ. Буолан ааспыт буулдьанан ытыыга элбэх кыттааччы күрэхтэспитин, таһым улааппытын, ытааччылар түмүктэрэ тупсубутун улуустааҕы спорт управление салайааччытын солбуйааччы Сергей Софронов бигэргэтэр.

Улууспут нэһилиэктэрэ хас нэдиэлэ аайы күрэхтэһии буоларыгар үөрэммиттэрэ, спартакиада уопсай ахсаанын тупсарарга туруммуттара көстөн тахсар. Маны этэн туран, бүгүҥҥү күҥҥэ спортинструктордар тэрийээччилэртэн аныгыс туох күрэхтэһиитэ буоларын нэдиэлэ саҕаланыаҕыттан туоһулаһаллар, ыйытыы биэрэллэр, биллэрии тахсарын кэтииллэр. Дьэ, сыл саҕаланыаҕыттан үлэни күөстүү оргуттулар.

Хамаанданан ытыыга Хатыҥ Арыы бастакы, Ленскэй нэһилиэк иккис, 2 Хомустаах үһүс миэстэ буоллулар. Ол эрээри, уопсай түмүккэ “тииҥ” түһүмэҕэ элбэҕи охсон таһаарда. Ол курдук, Ленскэй нэһилиэк ытааччылара эр дьоҥҥо 2, дьахталларга 1,  ветеран дьахталларга 1 миэстэлэри ыланнар хамаанданы эрэллээхтик кыайыыга аҕаллылар. Оттон хатыҥ арыылар иккискэ уонна 1 хомустаахтар үһүскэ таҕыстылар.

Буулдьанан ытыы көрүҥүнэн бүтүн дьиэ кэргэнинэн дьарыктанааччылар – Анна, Григорий, кыыстара Аэлита Сокольниковтар. Ону тэҥэ, үрдүк таһымнаах ытааччыларынан Күннэй, Владимир, аҕалара Семен Эверстовтар дьиэ кэргэн буолаллар.

Сокольниковтар дьиэ кэргэн кыыстара Аэлита ийэлээх, аҕатын кытта кыра эрдэҕиттэн ытан саҕалаабыт. 2-с разрядтаах ытааччы Аэлита Чурапчыга “Манчаары оонньууларыгар” Нам улууһун көмүскээбит. Буулдьанан ытыыга 2-с разрядтаах Анна өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх призера буолар. Оттон аҕалара МВД үлэһитэ Григорий Сокольников 2012 сыллаахха АК-калашников автоматынан ытыыга өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кыайыылааҕа.

Харысхан Попов

Уопсай түмүк:

1 миэстэ – Ленскэй нэһилиэк (6 очукуо);

2 миэстэ – Хатыҥ Арыы (9 очукуо);

3 миэстэ – 1 Хомустаах (17 очукуо);

4 миэстэ – Фрунзе (23 очукуо);

5 миэстэ – 2 Хомустаах (28 очукуо);

6 миэстэ – Бөтүҥ (30 очукуо);

7 миэстэ – Көбөкөн (33 очукуо);

8 миэстэ – Модут (34 очукуо);

9 миэстэ – Хатырык (34 очукуо);

10 миэстэ – Салбаҥ (35 очукуо);

11 миэстэ – Түбэ (40 очукуо);

12 миэстэ – Үөдэй (43 очукуо);

13 миэстэ – Партизан (47 очукуо);

14 миэстэ – Хамаҕатта (48 очукуо);

15 миэстэ – Никольскай (53 очукуо).

Читайте дальше