Бүдүрүйбүт көнөр

Арыгыны үгүстэр бырааһынньыктарга, киэһээҥи эбэтэр өрөбүл күннэргэ иһэри улахаҥҥа уурбаттар, куһаҕанынан аахпаттар. Ол түмүгэр, “арыгыны киһилии иһэбит, боруобалыыбыт” диэн сылтаҕыран арыгыттан күүскэ тутулуктаммыттарын, сыыйа-баайа “иһээччи” буолбуттарын өйдөөбөккө да хаалаллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дьахтар эр киһитээҕэр хаалсыбакка иһэр буолбута дьиксиннэрэр. Элбэх оҕолоох эдэр ийэлэр сылаа таһаарабыт, бырааһынньыктыыбыт диэн ааттаан иһэн саҕалыыллар уонна тутулуктанан күөх моҕой оборчотугар киирэллэр. Нам сэлиэнньэтигэр маннык бөлөххө киирсэр дьон аҕыйаҕа суохтар. Ити курдук, арыгы иһэн саҕалаан бараннар, нэдиэлэ аайы иһэр дьон наһаа элбэҕин Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалта специалиһа Анна Слепцова этэр.

Нам сэлиэнньэтигэр социальнай-кутталлаах балаһыанньа (СОП) учуотугар 13 дьиэ кэргэн, ол иһигэр 3 эдэр ыал (34 оҕо) турар. Учуокка турар 90 %-на “иһэр-аһыыр” төрөппүт эбээһинэһин толорбот дьиэ кэргэн. Ыаллары олохтоох дьаһалта ый аайы дьиэлэринэн сылдьан хонтуруоллуура этиллэр.

Уочараттаах рейдэҕэ олунньу ый 20 күнүгэр ыалларга профилактическай кэпсэтиилэр оҥоһуллубуттар, кыһалҕаларын истибиттэр. Тустаах үлэһиттэр хас биирдии ыалга туох көмө оҥоһуллуон сөбүн туһунан туһааннаах тэрилтэлэргэ сурук ыыталлар. Кэпсэтии үтүө түмүктээх буолбут – биир ыал ийэтэ эмтэнии бара сылдьар эбит. 2023 сыл түмүгүнэн, 7 ийэ арыгыттан аккаастанан (эмтэнии) олох көнө суолугар туруммут. Ону тэҥэ, 2023 сылга 16 ыал учуоттан тахсыбыт. Эмтэттибит да испэт буолабыт диэн өйдөбүл сыыһа. Ис туруктарын сааһыланалларыгар кылгаһа суох күттүөннээх үлэ ыытыллыахтаах. Манна психологическай киин специалистара көмө, тирэх буолаллар.

Арыгыттан сүһүрүү – сир үрдүгэр дьон өлүүтүгэр улахан оруоллаах, биир саамай көрсөр биричиинэ! Күөх моҕой киһини өлүү айаҕар тиэрдибэтэҕинэ даҕаны, сөбүлээн иһээччи эрэйи көрөр, доруобуйата айгырыыр, олоҕо кылгыыр. Ол курдук, аһыы утаҕы иһэр дьон орто дойдуга өссө даҕаны олоруохтаах олохторуттан, ортотунан 15-20 сыл эрдэ күрэнэллэр.

“Киһи ис кута, туруга ыһылыннаҕына, олоҕо суолтата суох көрүнньүккэ кубулуйар. Орто дойдуга туох туһугар олорорун билбэт буолар, мунан хаалар. Аны төрүттэригэр иһэр-аһыыр дьон баар буоллахтарына, төрүтү утумнааччылар олох иһиэ суохтаахтар.

Нам сэлиэнньэтигэр учуокка үксүлэрэ ийэ, аҕа иһэрин көрөн улааппыттар уонна кэргэттэрин сүтэрбит соҕотох ийэлэр тураллар. Ийэ, аҕа иһэрин көрө улааппыт оҕо олох охсууларын тулуйбат буолар. Тоҕо диэтэр, кыра сааһыттан хоргутуулаах, хомолтолоох эбэтэр иһэри буолуохтааҕын курдук көрө улааппыт оҕолор бэйэлэрэ эмиэ иһэр-аһыыр буолаллар. Хоргутуулаах улааппыт киһи бэйэтэ да билбэтинэн, психологическай кыһалҕалаах буолар. Бу барыта ыар сүгэһэр буолан олоҕо табыллыбакка арыгыга убанар”, – диир Анна Ильинична.

Итирдэр утахтары тумнар чөл олохтоох киһи, дьиэ кэргэнин олоҕо табыллан толору буолар.

Харысхан Попов