Аҕыс уон аҕыс – икки бүк муҥура, бүтэр уһуга суох бэлиэ сыыппара. Хаһыаппыт эмиэ үйэлэр тухары олоруон, тахсыан, бэчээттэниэн наһаа күүскэ баҕарабыт. Ол гынан баран, ону бигэтик мэктиэлиир кыахпыт суох эрээри, биһиги киниэхэ уонна ааҕааччыларбытыгар муҥура суох бэриниилээхпит саарбахтаммат.
88 төһө да төгүрүк даата буолбатаҕын иһин, аҕыс сыыппара биһиэхэ, сахаларга, ураты дириҥ суолталаах. Аан дойду аҕыс иитэ-саҕата диэн өйдөбүллээх, оттон эзотерика үөрэҕэр муҥура, бүтэр уһуга суох бэлиэ буолар уонна кэми, куйаары кытта ситимнээх. 88 сыллааҕыта куйаар туһунан өйдөбүл ыарахаттардаах буолуо, оттон билигин куйаары кытта ыкса ситимнэстибит. Кэм туһунан этэр буоллахха, хаһыаппыт тэриллиэҕиттэн бириэмэни, кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр. «Эҥсиэли» хаһыат историята – дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит уонна саамай кылаабынайа – улууспут историята. 1935 сылтан саҕалаан 88 сыл устата хаһыакка урукку оройуон, билиҥҥи улуус олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ хамнаһа сиэркилэҕэ көрүнэр курдук хайдах баарынан сырдатылынна. Оччотооҕу «Колхоз сирдьитэ», «Ленин суола», уларыта тутуу кэмнэрдээҕи «Эҥсиэли» хаһыат үтүө үгэстэрин күн бүгүн билиҥҥи коллектив утумнуур. Бу күҥҥэ барыта 10930 нүөмэр таҕыста.
Кэскиллээх үлэбит сүрүн тирэҕинэн тапталлаах хаһыаппыт общественнай корреспонденнарын кытта быстыспат ситиммит буолар. Нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын барытын сиһилии билэр, үчүгэйи сүһэр кыахтаах састаап түмүллэн, биһиги бары, ааҕааччы туһугар үлэлиибит.
Ааҕааччыта суох – хаһыат эмиэ суох. Кинилэр баар буоланнар, историяны тиһэбит, уһатабыт, байытабыт.
Кэми баттаһа, араас сылларга сурутааччыбыт ахсаана эмиэ уратылаах буолара. Билигин сэбиэскэй кэмнэргэ курдук балысхан тираж суоҕун иһин, ааҕааччыларбыт бүк итэҕэйэн, эрэнэн, хаһыакка сурутууну үгэскэ кубулутан 88-с кыстыкпытыгар киирэн эрдэхпит.
Баччаларга буоларын курдук эһиилги сылга сурутуу хампаанньата саҕаланна. Тапталлаах, улууспут соҕотох хаһыатыгар «Эҥсиэлигэ» сурутуоххут диэн, эһиги хараххыт далыгар хаһыатчыт буолбут киһи быһыытынан ыҥырабын.
Хаһыаппыт, «Эҥсиэлибит», төрөөбүт күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин!
Бииргэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар бары коллегаларбар, ааҕааччыларбытыгар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри баҕарабын!
Лена Ноговицына, хаһыат кылаабынай редактора