Чаҕылҕан – барыбыт таптала

Бүгүн поэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ И.Д. Винокуров — Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын туолла.

Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан 1914 сыл от ыйын 31 күнүгэр Нам оройуонун Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини элбэх оҕолоох саха үлэһит бааһынай дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Саҥа олох толору киэбинэн сандаара мичилийэ үүнэр, сайдар кэмигэр үөрэммитэ. Онон кини саҥа олох туругуруутун уруйдуу көрсүбүтэ. Чаҕылҕан бастакы хоһоонноро саҥа олоҕу хоһуйбуттара. «Совхозка» хоһооно 1931 с. бэчээттэммитэ. Илья Винокуров Нам сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дьиэтиттэн сылдьан үөрэммитэ. Оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ. Гуманитарнай наука предметтэригэр уһулуччу үчүгэй билиилээҕин көрдөрбүтэ. Элбэҕи аахпыт сытыы-хотуу уолчаан олоххо актыыбынайдык кыттыбыта. Ол курдук, сири үллэстии үлэтигэр саамай бастыҥ холобурунан сиэлэн-хааман, сүүрэн-көтөн үлэлээн-хамсаан барбыта.

Байаҕантай улууһугар тиийэн сир комитетын салайбыта, сири дууһа быһыытынан үллэстии сөптөөх суолун тутуспута. Ити кэнниттэн Дьокуускай куоракка киирэн учуутал техникумугар үөрэммитэ. Саха бастыҥ ыччатын ортотугар үөрэнэр, маассабай самодеятельность куруһуоктарыгар кыттыбыта, айар үлэнэн үлүһүйэн туран дьарыктаммыта. Устудьуоннар кини нуучча классическай литературатын дириҥник билэрин сөҕөллөрө. Ол да иһин буолуо, үөрэҕин бүтэрэрин кытта, үөрэммит техникумугар саха тылын, литературатын преподавателинэн үлэлээбитэ. В.А. Жуковскай, А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, А.А. Фет хоһооннорун үгүһү нойосуус билэрэ. Литература боппуруостарыгар мөккүһэрэ, хас биирдии поэт хоһоонноруттан аахпыттыы түһэрэ, ол иһин кинини дириҥ билиитин, сытыы өйүн иһин үрдүктүк сыаналыыллара.

Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан элбэхтик ааҕара, айар үлэтигэр нуучча классикатыттан, омук суруйааччыларын бастыҥ айымньыларыттан тирэх ылынан, тыыннанан ситиһиилэммитэ. Саха народнай поэта В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап литератураҕа кини ситиһиититтэн үөрэрэ, кинини үрдүктүк тутара. Ол да иһин суруйбута: «Поэт саамай аатырбыт, ыччат, бар дьон күн бүгүнүгэр диэри уостарыттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыа оҥостубут хоһоонноро «Хайыһар». Хоһоону түмүктүүр түөрт строката «баһылыга – дьаралыга, күүспүтүн — кууспутун» диэн бэйэ-бэйэлэрин кытта рифмалаһар тыллар туттуллубуттара – дьэ, бу автор дьиҥ, чахчы булумньута буолар. Илья Дорофеевич киһи быһыытынан эйэҕэс, сайаҕас, оонньуулаах-күлүүлээх, аһаҕас дууһалаах. Ыраас сүрэхтээх, элбэҕи аахпыт, сатаан уруһуйдуур, музыканы эмиэ өйдүүр, культурнай киһи этэ…».

Чаҕылҕан бэйэтин кылгас олоҕор (баара-суоҕа 36 сыл олорон ааспыта) элбэҕи суруйан, айан хаалларбыта. Ол курдук, «Чаҕылҕан уоттара» 1932 с., «Дабаан» 1935 с., «Хоһооннор уонна поэмалар» 1937 с., «Ньургуһун» 1938 с., «Хоһооннор» 1940 с., «Саргылаах дойду» 1944 с., «Ыраах айан» 1948 с., «Биһиги күннэрбит ырыалара» 1952 с. о.д.а. Ити курдук, саха литературатын бастыҥ айымньыларынан байыппыта. Кини айымньыларын тиэмэтинэн, сайа охсор санаатынан саха поэтическай айымньытын биир бастыҥнара. Үгүс хоһооно ырыа буолан ылланар. Кини үгүс ырыа автора. Чаҕылҕан хоһоонун тэҥинэн, поэмалары, остуоруйалары суруйталаабыта.

Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан төрөөбүт сахатын норуотугар талааннаах поэт, тылбаасчыт быһыытынан үйэлэр тухары хаалыаҕа. Филологическай наука доктора, профессор Авксентий Егорович Мординов кинини «Улахан талааннаах поэппыт» диэн сыаналыыра. Чаҕылҕан халыҥ аймах дьон, Хатыҥ-Арыы Винокуровтарыттан хаан тардыспыт поэт. Балта Евдокия Дорофеевна Винокурова Нам сиригэр сааһын тухары олорбута, начальнай кылаастарга ситиһиилээхтик учууталынан үлэлээбитэ. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» знагынан бэлиэтэммитэ. Быраата Михаил Дорофеевич Нам сельпотугар бухгалтерынан үлэлээбитэ.

Күүтүүлээх Кыайыы күнэ, өр баҕайы күүттэрэн баран, кылбаара күндээрэн тахсыбыта. Тула барыта сымнаабыта, чэпчээбитэ, сырдаабыта. Дьон үөрбүт мичээрин көрөр – олох сайдыытыгар, инники хардыыга, компас тэҥэ, эрэллээх турунуу. Ол сааһыгар суруйааччылар Хамаҕаттаҕа тахсан сынньаммыттара. Семен Петрович Данилов кэргэнэ Анна Семеновна Намтан төрүттээх. Пантелеймон Яковлевич Тулааһынап балта Анна Яковлевна начальнай кылаастар учууталлара. Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан кэргэнэ О.Ф. Петровскаялыын, уола Артурдуун бааллара. Кинилэр сайын устата тугунан дьарыктаммыттарын, биһиги, оҕолор, хантан билиэхпитий? С.П. Данилов Ленин аатынан колхоз бастыҥ тимир ууһа Дьяконов Евсей Васильевич туһунан «Дьэпсэй уус» диэн биир бастыҥ айымньытын суруйбута. Кырдьыга даҕаны, Евсей Васильевич сарсыарда эрдэ туран, өтүйэ, кыстык чыҥыргыыр тыаһа ыраахха тарҕанара. П. Тулааһынап «Өлүөнэ өрүс», «Мин куруук эйигин өйдүүбүн», онтон да атын төрөөбүт дойду, уостубат таптал туһунан хоһоонноро, бука, манна айыллыбыттара буолуо. Илья Чаҕылҕан өйдүү охсон, түргэнник уонна быраапсайдык суруйа охсор дьоҕурдааҕа. Биһиги түөлбэбитигэр, чугаспытыгар айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ бааллара биһиэхэ киэн туттуу, үрдүккэ дьулуур тыынын иҥэрбиттэрэ. Кэлин иһиттэххэ, кинилэр от мунньуутугар, бугуллааһыҥҥа субуотунньукка кытталлар эбит. Ол үлэлии сылдьан холкуостаахтары кытта көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри тэрийэллэрэ.

Күһүөрү, куоракка киирэллэригэр, кулуупка көрсүһүү биэчэрин тэрийдилэр. Биһиги, оҕолор, хантан эрэ истэммит, үс-түөрт буолан, өрүтэ көтүөккэлэһэн, үөрэн-көтөн, кулуупка кэллибит. Дьон кэлитэлээн эрэллэр. Оҕолору киллэрбэттэр, улаханнык хомойо быһыытыйдыбыт, ол да буоллар биэчэргэ сылдьар суолу тобуллубут. Колхозтаах уолаттар «ыскамыайка анныгар сытыҥ» диэтилэр уонна атахтарынан бүөлээн олордулар. Биэчэр саҕаланарын кытта туран кэнники соҕус олордубут. Суруйааччылары көрөр, истэр олус бэрт. Оччотооҕуга суруйааччылар тыа сиригэр тахсыбаттар, онон ааҕааччыны кытта сибээс мөлтөх этэ. Биир-икки лаампа аанньа сырдаппат, бүдүк-бадык да соҕус буоллар, син барыгылдьытан көрөбүт, санаабытыгар, сүрдээх үчүгэй, сырдык санаа олохсуйар.

Семен Петрович Данилов ити кэмҥэ ааҕааччыга биллимэхтээн эрэр эдэр поэт. «Үүнүү колхоз кыыһабын» диэн ырыатын сойуппакка ыллыырбыт. «Махтал ырыата» бу кэмҥэ айыллыбыта биллэр. Кини «Дьэпсэй уус» диэн хоһоонун аахпыта. Сөҕүү-махтайыы, өрө күүрүү буола түстэ. Евсей Васильевич Дьяконов уус кэлэн олорор эбит. Пантелеймон Тулааһынап «Комсомолга» диэн хоһоону аахта. Уһун хара драп сонноох, ачыкылаах, эт-сиин өттүнэн соччо хатаҕаламматах киһи эбит. Былаастан ыла-ыла «Комсомолга» диэн хоһоону аахта, айымньы тыла-өһө, санаата, идеята барыбытын абылатта, сөбүлэттэ.

Мин ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына «Комсомолга киир» диэтилэр. Онтон ыла комсомол бэлиэтэнэр күнүгэр, биэчэрдэргэ 1952 сылтан ааҕабын. Санаабар, син ааҕар курдукпун. Мөлтөхтүк ааҕаҕын диэччини истибэппин. Хор, ол курдук, табыллан айыллыбыт, суруллубут киһиэхэ дьайар күүһүн билбитим. Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан дьиэ кэргэнинээн көһөн тахсан, «Украинецтар дьиэлэригэр» биир квартираҕа олорбуттара. Кинини бэркэ билэбит – «Хайыһар» ырыа авторын. Мин өйдүүрбүнэн, кини «Икки ийэ» диэн айымньытын аахпыта. Уолун Артуру кытта детдом оҕолоро лапта уонна мохсуо барахсан оонньуур этибит. Кэлин Нам орто оскуолатыгар үөрэнэрбитигэр композитор Захар Порфирьевич Винокуров Чаҕылҕан хас да ырыатын үөрэппитэ. «Икки ийэ» диэн поэмаҕа киириигэ ааҕабыт:

Ийэ диэн күндү, кэрэ да тыл,

Ийэм диэн өйдүөх эрэ ыл –

Ким санаата сымнаан кэлбэтий,

Ким сүрэҕэ күүскэ тэппэтий?

Ити курдук, Илья Дорофеевич – Чаҕылҕан айар маастарыстыбата түргэнник уонна эрэллээхтик үүнэн, сайдан, үрдээн испитэ. Көрбүтүн тута экспромт хоһоонунан кутар-симэр дииллэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии тиэмэтигэр саха поэттара сытайан туран элбэхтик үлэлээбиттэрэ. С.Р. Кулачиков – Эллэй, В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап, С.С. Васильев – Борогонскай, Г.И. Макаров – Дьуон Дьаҥылы, М.И. Кузьмин – Макар Хара, А.Г. Кудрин – Абаҕыыныскай, Л.А. Попов, И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан о.д.а.

Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан «Хайыһар» диэн хоһоонун сэрии саҕаланарын кытта тута суруйбута. А. Костин уһаппакка мелодия суруйан ырыа буолан тарҕаммыта. Чаҕылҕан, арааһа, поэзияҕа соҕотох бу айымньытынан да хаалыан сөп курдук, кинини талааннаах поэтынан билиниэхтэр этэ. Бэрт өрдөөҕүтэ, сэрии иннинэ аҕай, соччо биллибэт Алексей Тимофеев «Төрөөбүт дойду туһунан ырыата» күргүөмнээхтик ылламмыта. Билигин да хам-түм ыллыыллар. Онтон «Хайыһар» ырыа билигин эмиэ уостан түспэккэ ылланар, чахчы норуот ырыата. Тыла-өһө, дьону өрө күүрдэр энчирээбэт идеята – айымньы ситиһиитэ. Инникитин даҕаны ыллана туруоҕар эрэнэбин.

Саха народнай суруйааччыта Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа «Хайыһар» ырыа туһунан: «Кини «Хайыһар» ырыата норуот биир таптыыр ырыата буолла. Норуот номох туттар, түмүстэҕинэ ыллыыр ырыаларын суруйартан ордук дьол поэкка суох. Дэлэкэлээх кэрэ киһи сүрэҕин ортотунан киирэр тылларый?

Биллин фашист баһылыга

Биһи чаҕаан күүспүтүн,

Кыайыы сырдык дьаралыга

Биһигини кууспутун».

Саха сириттэн тиийэн сэриилэһэ сылдьар саллаат төрөөбүт-үөскээбит сахатын дойдутун олус ахтар. Ол санаабыт санаа, этиллибит тыл өстөөххө этиҥ буолан сааллар, чаҕылҕан буолан дапсыйар. Оннук патриотическай иэйиилээхтик өрө күүрдэр санааны этэр «Саха буойун» хоһоон ураты суолталаах.

Төрөөбүт эн дойдуҥ алгыһа

Иллээх көмөтө тиийдин,

Түптэлээх алааһыҥ салгына

Түөскэр халыйан киирдин.

Чаҕылҕан сэрии сылларыгар поэт быһыытынан үүммүтэ, сайдыбыта. Куолаһа кытааппыта, эрчимирбитэ. Бу тиэмэҕэ хотуулаахтык үлэлээбитэ. Кини бастыҥ хоһоонноро — «Быраһаайдарыҥ, быдан кэмҥэ», «Биһиги сүрэхпит», «Саха буойуна», «Өһүөн ырыата», «Махтал ырыата», «Хайыһар ырыата», «Эн сиргиттэн ыраах», «Сэрии сааһа саҕаланна», «Саха сирин уолаттара», «Мин улууһум киһитэ» о.д.а. уусураннык биир тыынынан суруллубуттара. Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов кэриэһигэр «Герой туһунан ырыа» диэн чахчы даҕаны норуот бүттүүнүн санаатын, дьулуурун түмэн, биир бастыҥ хоһоон айыллыбыта.

Оҕолуун, эдэрдиин-эмэнниин бу ырыаны оскуолаҕа уруоктарга, кулууптарга хор уонна ансамбль толорууларыгар күргүөмнээхтик, өрө көтөҕүллэн толоруллар. Бу ырыаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Ф.К. Попов сэриигэ көрдөрбүт хорсун быһыыта хоһуйуллар. Герой Попов туһунан саха народнай поэта Леонид Андреевич Попов «Ырыа буолбут олох» поэманы, Пантелеймон Яковлевич Туласынов «Федор Кузьмич Поповка» хоһоону үрдүк иэйиилээхтик суруйбуттара.

Днепр тымныы долгуннарын

Кыһыл сэрии туоруур,

Өстөөх үөрүн бу самнаран

Көҥүл суолун солуур.

Сэрии кэннинээҕи эйэлээх кэм киэҥ хардыытын, баараҕай тутууларын «Отчут ырыата», «Москватааҕы хоһооннор», «Рабочай городок», «Комбайнер», «Биэс сыллаах былаан», «Сылгыһыт ырыата», «Горняктар ырыалара», «Якутскай куорат» о.д.а. хоһоонноругар холбообута. Илья Дорофеевич сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оҕолорго анаан үгүс хоһоону суруйбута. Холобура: «Оҕолорбор», «Детсадка», «Клумба сибэккитэ», «Чоппуускалар», «Мин ийэм кэпсээбитэ», «Сэрииһит» о.д.а.

Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан – талааннаах тылбаасчыт. Нуучча поэттарын бырааттыы норуоттар суруйааччыларын айымньыларын, ону тэҥэ Венгрия, Украина норуоттарын айымньыларын эмиэ тылбаастаабыта. Чаҕылҕан айымньылара нууччалыы тахсар сурунаалларга «Поэты Якутии», «Солнце над Леной», «Дружба народов», «Знамя», «Молодая гвардия», «Сибирские огни» сурунаалларга көхтөөхтүк бэчээттэммиттэрэ.

Чаҕылҕан хоһоонноро эмоциональнайдар, тута өйдөнүмтүөлэр, иэччэх-бааччах уобарастарынан үлүһүйбэт, силлабика форматынан суруйары ордорор, тыла-өһө тупсаҕай.

Историческай наука доктора, профессор Г.П. Башарин «Талааннаах Чаҕылҕан» диэн ыстатыйатыгар: «Литературнай нэһилиэстибэ боппуруоһун хаттаан көрүү саҕаланан, кини биһикки эмиэ бииргэ үлэлээн барбыппыт. Илья Дорофеевич киһи быһыытынан ылар буоллахха, кини үтүө майгылаах, суобастаах, аһаҕас дууһалаах, аламаҕай характердаах киһи этэ. Бииргэ үлэлээбит табаарыстара Илья Дорофеевиһы живопиһы билэрин, таптыырын ааһан, бэйэтэ художник этэ дииллэр. Опералар ариялартан кылгас кэрчиктэри, мин санаабар, олус үчүгэйдик ыллаан, бэйэтин сыанабылын бигэргэтэрин хайгыыр, сөҕөр этим».

Мин 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан, Илья Чаҕылҕан «Намҥа» диэн хоһооно «Комсомольскай правда» хаһыакка инники сирэйгэ бэчээттэммитин көрөн улаханнык сөхпүтүм. Саха поэтын хоһооно киин хаһыакка бэчээттэнэр эбит диэн үөрбүтүм. Ити хоһоону мин сыанаттан дөрүн-дөрүн ааҕабын, оннук миигин абылаабыт, кэрэхсэппит айымньы.

Дэгиттэр талааннаах поэппыт эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон туораабытыгар, биһиги аһыйбыппыт, суохтаабыппыт, айманан да ылбыт буолуохпутун сөп.

1952 сыл балаҕан ыйыгар Илья Дорофеевич Винокуровы – Чаҕылҕаны Нам оройуонун дьоно бүтүннүү, оскуола үөрэнээччилэрэ буолан тиһэх суолугар атаарбыппыт. Траурнай процессия колоннатыгар Арбын уола Иванов Ваняны кытта кини улахан мэтириэтин икки өттүттэн тутан илдьибиппит. Элбэх киһи көмүллэ сытар сирэ «Чаҕылҕан уҥуоҕа» дэнэр. Урут да, билигин да итинник ааттанар. Саха сирин суруйааччыларын сойууһуттан С.Р. Кулачиков – Эллэй, А.Г. Кудрин – Абаҕыыныскай баалларын өйдүүбүн. Элбэх киһи тыл эппитэ, элбэх харах уута тохтубута… Комсомол оройуоннааҕы комитетын бастакы секретара Иннокентий Егорович Обутов нууччалыы ахтыы эппитэ. «И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан — великий якутский национальный поэт» диэн этэн чаҕаарытта. Ити соһуччутук иһилиннэ оччотооҕуга… Онтон билигин, арааһа, сөптүҥү буолуо.

Чаҕылҕаҥҥа дьон, норуот итэҕэлэ уонна таптала ити курдук сириэдийэр, олохсуйар, кини аата тыыннаах сибэкки тэҥэ өрүү ахтылла, чэлгийэ туруоҕа. Ол туоһутунан кини үөлээннээҕэ, доҕоро Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ «И. Чаҕылҕан уҥуоҕар» диэн үрдүк кэрдиистээх хоһооно баар. Дьон тымныыттан, тыалтан чаҕыйбакка, тумаҥҥа муммакка таптыыр поэттарыгар, биир дойдулаахтарыгар Илья Дорофеевич Винокуровка – Чаҕылҕаҥҥа хаары оймоон, суол үктээн тахса тураллар эбит. Итини Ефрем Степанович бу курдук тоҕоостук этэн кэбиһэрэ барыбыт санаатын түмүллүүтэ чахчы-бааччы сөп.

Хас сыл ахсын бу уҥуохха

Дьон кэлэн тулалыыр.

Аһыы куталлар уокка…

Харах уута таммалыыр.

Эбэтэр кини эбэн этиэн толору сөп курдук:

Оннук томтор Намҥа баар,

Онно тахсар дьон суола…

Г.И. Кривошапкин, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

«Эҥсиэли», 2014 сыл.

Читайте дальше