Таллан уонна Чаҕылҕан
Талбыт курдук талааннар
Өлүөнэлии ыраастар
Чаҕылҕанныы сырдыктар.
2024 сылга Эҥсиэли хочотугар киэн туттар биир дойдулаахтарбыт Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Ефрем Степанович Сивцев — Таллан Бүрэ 115, биллиилээх бэйиэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан 110, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт Анна Алексеевна Парникова – Сабарай Илгэ 65 үбүлүөйдээх сыллара. Дьоһун дьоммут ааттара, кэккэлэрэ кэҥии, чаҕылхай ааттара тахса туруохтара диэн эрэнэбит!
Үтүө үгэс быһыытынан, сыл ахсын Үрүҥ тунах ыһыах программатыгар киллэрэн Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека дьоһун, биллиилээх дьоммут ааттарын үйэтитэн уус-уран ааҕыы күрэҕин ыыталлар. Ол курдук, бэс ыйын 16 күнүгэр Нам улууһугар «Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт!» уус-уран ааҕыы күрэх “Эҥсиэли хочото – айар кут түһүлгэтигэр” буолан ааста. Күөн-күрэс ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров –Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.
Күрэх тэрийээччилэринэн Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунаска салалтата, Намнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ уонна Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын киинэ үлэлэстилэр.
Уус-уран ааҕыыга Илья Чаҕылҕан хоһооннорун дорҕоонноохтук өйтөн этиигэ уопсайа биирдиилээн бөлөххө улахан уонна ыччат дьоҥҥо барыта 17 киһи кытынна, ону таһынан бөлөҕүнэн ааҕыыга икки.
Күрэхтэһээччилэри сыаналаатылар: Прасковья Байанаева — «Отуу уота» литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи айар күрэх Гран-при кыайыылааҕа. Екатерина Евстафьева – «Нам улууһа» МТ дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын салайааччыта, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран ааҕыы күрэҕин Гран-при кыайыылааҕа. Наталья Петрова – Афанасий Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин методиһа.
Түмүккэ күрэх кыайыылаахтарынан ааттаннылар (биирдиилээн ааҕыыга): Илья Чаҕылҕан удьуор-аймахтара туруорбут анал бирииһин «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Пелагея Павлова (Хатыҥ Арыы нэһ.) ылла.
I үрдэл Владимир Колесов (Партизан нэһ.);
II үрдэл Айталина Кириллина (Түбэ нэһ.);
III үрдэл Ньургуяна Адамова (Хатыҥ Арыы нэһ.), Дмитрий Местников (Салбаҥ нэһ.).
Анал ааттар:
«Кэскиллээх ааҕааччы» — Татьяна Афанасьева (Партизан нэһ.);
«Итэҕэтиилээх тыл-өс» — Байдам Дайыына Сииҥкэ кыыһа (Бөтүҥ нэһ);
«Бастыҥ арыйыы» — Анна Хабарова – Айталы (Модут нэһ.).
Бөлөҕүнэн ааҕыыга:
I үрдэлгэ «Чаҕылыс уолаттара» (сал. А. Е. Васильева, Хатыҥ Арыы нэһ.) таҕыстылар. II үрдэли «Кэрэ Куо» (сал. С.П. Егорова, Түбэ нэһ.) кыргыттар бөлөхтөрө ыллылар.
Ыраахтан-чугастан кэлбит уус-уран ааҕыы күөн-күрэһигэр кыттыбыт дьоммутун өссө төгүл эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт, өрүүтүн да бу курдук кэскиллээх, историяны сыаналыыр, литератураны сэҥээрэр буолуҥ.
Ханнык баҕарар тэрээhин үптэн-харчыттан улахан тутулуктаах буолар. Тэрийэр хамыыһыйа аатыттан спонсордарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Бүгүҥҥү күрэхпит кылаан чыпчаалын бирииһин туруорбут Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан хаан-уруу аймах дьонугар, Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр (дир. Александр Иванович Копырин) уонна анал бириистэри Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Ноговицын Иван Дмитриевич), Ленскэй нэһилиэк дьаһалтата (баһылык Петр Григорьевич Сокольников).
Биир санаанан салайсыбыт, бииргэ үлэлэспит өйөбүл-көмө буолбут Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын киинигэр (дирю Пономарева Саргылана Даниловна), коллегаларбытыгар, нэһилиэк библиотекардарыгар, убаастабыллаах дьүүллүр сүбэҕэ уонна күрэҕи салайан- иилээн ыыппыт Марина Корякинаҕа, Семен Аргуновка махтанабыт. Эһиги олоххут-дьаһаххыт таһаарыылаах буола турдун, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ!
Нам сирэ, дьоно-сэргэтэ бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан — чаҕылҕанныы сыдьаайбыт аатын, хас биирдии саха киһитэ киэн тутта ааттыырын туһугар бииргэ үлэлээн-хамсаан, сырдык сыаллаах үтүө түмүктэрдээх тэрээһиннэри ыытан үйэтитэ туруохха. Кини суруйан хаалларбыт бастыҥ айымньылара сурукка-бичиккэ хааланнар Сахатын сирин дьонун, кэнчээри ыччатын сүрэҕэр сууланан Ийэ тыл сүмэтин иҥэрэн ааҕылла туруохтара диэн эрэнэбит!
Наталья Павлова