Нам улууһун оҕолоругар үгүс сайыҥҥы лааҕыр үлэлиир. Ол курдук, төрөппүттэр оҕолоро ханнык эйгэҕэ баҕалаахтарынан, күүстээхтэринэн араас хайысхалаах лааҕырдарга сырытыннараллар.
Намҥа Ньургун Тимофеев өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуолатыгар “Чемпионы” диэн сайыҥҥы лааҕыр үлэтин бэс ыйын 13 күнүттэн саҕалаабыта. 21 хонуктаах күннээҕи лааҕырга уопсайа 135 спорду кытта доҕордоһор оҕолор сылдьарын спорт оскуола методиһа Любомира Овчинникова этэр.
“Дуобакка 15 оҕо, волейбол көрүҥэр 60 оҕо, чэпчэки атлетикаҕа 60 оҕо дьарыктанар. Оҕолор лааҕырга сарсыарда 10.00 чаастан 16.00 чааска диэри сылдьаллар. Күҥҥэ биирдэ дьарыктаналлар уонна эбиэттэн киэһэ култуурнай тэрээһиннэр буолаллар.
“Чемпион” лааҕырбыт быйыл 9-с сылын үлэлиирин бэлиэтиибит. Куруутун күүс-көмө буолар СӨ физическай култууратын уонна спордун министригэр Спиридонов Леонид Николаевичка, Наммыт улууһун баһылыгар Слепцов Юрий Иннокеньевичка, улуус үөрэҕин управлениетыгар Игнатьева Мария Семеноваҕа”, – диир Любомира Юрьевна.
Харысхан Попов