Ханнык баҕарар киhиэхэ оскуола, учуутал кини инники үөрэҕэр, олоҕор, дьылҕатыгар ураты суолталаах дииллэрин курдук, мин олохпор «үөрэх», «оскуола», «учуутал» диэн тыллар инники миэстэҕэ тураллара. Ол тоҕо диир буоллахха, мин учуутал идэтин талан, үөрэнэн, үлэhит буоламмын дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх учууталбытын Светлана Кузьминична Рехлясованы куруутун саныыбын.
Кини биһиги кылааспытыгар алгебра уонна геометрия эрэ учууталынан буолбакка, кылаас салайааччытынан 5-9 кылааска диэри үлэлээбитэ. Биһиги кылаас оҕолоро ирдэбиллээх учууталтан толлорбут уонна кинини олус убаастыырбыт. Оскуолаҕа ыытыллар араас тэрээһиннэргэ кылааспыт куруук инники күөҥҥэ сылдьара, олус көхтөөх этибит. Төрөппүттэрбит даҕаны барытыгар өйөбүл, тирэх буолаллара. Санаабытыгар кинилэр Светлана Кузьминичнаттан толлор, эппитин барытын толорор курдук этилэр. 90-с сыллар ортолоругар бүтүн дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы буола турар кэмигэр биһиги учууталларбыт үлэлэригэр бэриниилээх, үөрэнээччилэр дириҥ билиини ылалларын туһугар туруулаһан үлэлээн кэлбиттэр эбит.
Биир түгэн өйбөр хаалан хаалбыт – Светлана Кузьминична учуутал быһыытынан үрдүк званиега тиксибитин төрөппүтэрбит билбиттэр этэ уонна кылааспыт оҕолоругар эппиттэр. Ону биһиги олус диэн үөрдубут уонна ураты туох эрэ өйдөбүнньүк бэлэх биэриэхпитин баҕардыбыт. Тутатына сүбэлэһэн, үс кыыс буолан куораттан баран сибэкки дьөрбөтүн ыларга сананныбыт. Ол саҕана куоракка рейсовай автобус эрэ сылдьар, биһиги куораты үчүгэйдик билбэппит. Сыалбыт диэн “Крытай” рынокка тиийэн сибэкки дьөрбөтүн ылыахтаахпыт. Син хайдах эрэ булан тиийэн сибэккибитин ылан Намҥа аҕаллыбыт уонна оскуолаҕа кылааска кистээн кэбистибит, ууга угар эҥин диэни толкуйдаабатыбыт быһыылаах. Сарсыарда бастакы уруогунан алгебра буолар, онно туттарыахтаахпыт. Эбиитин кимнээх эрэ Намтан түннүк сабыытын ылбыттара уонна Оля диэн кыыспыт ийэтэ торт оҥоруох буолбута. Дьэ, сарсыарда буолла, уруок саҕаланна, уу чуумпу. Бэлэхтээх кыргыттарбыт суохтар, балай эмэ уруок буолбутун кэннэ эмискэ кылааска көтөн түстүлэр уонна Светлана Кузьминична иннигэр штора уонна торт уурдулар, чуумпутук «поздравляем» диэтилэр. Онно биир уолбут сибэккибитин туттарда уонна, дьэ, бары «поздравляем» диэбиппит. Учууталбыт наһаа соһуйбута уонна үөрэн махтаммыта. Тоҕо эрэ, ити түгэҥҥэ биһиги сомоҕолоһон, учууталбытын үөрдээри биир санааҕа киирэн, ураты бэлэх оҥорбуппутуттан олус диэн дуоһуйбуппут. Уруок бүппүтүн кэнниттэн Светлана Кузьминична учительскайга бэлэхтэрин илдьэ барбыта. Биһиги кэнниттэн астына көрөн турарбыт өйбөр хаалан хаалбыт. Ол саҕана тыыннаах роза сибэккини олох аҕыйахта көрбүппүт буолуо. Биһиги Светлана Кузьминичнаны оннук күүскэ убаастыырбыт уонна киэн туттарбыт.
Биһигин кытары Светлана Кузьминична уола Алеша үөрэммитэ. Ону уолун хаһан даҕаны ордорон дуу, туспа сыаналаан дуу чорбоппот этэ. Алеша даҕаны хаһан да бу мин ийэм диэн ыһа-тоҕо кэпсээбэт этэ. Арай биирдэ уруокка сөптөөх эппиэти этээри илиитин ууна сатаан баран: “Мама, мама”, — диэбитин бары олус соһуйа истэн хаалбыппыт. Итинник түгэн биирдэ эрэ буолбута уонна хаһан да хатылламматаҕа.
9 кылаас кэнниттэн кылааспыт салайааччыта уларыйбыта, ол гынан баран Светлана Кузьминична хас биирдиибитигэр оскуоланы бутэриэхпитигэр диэри син биир кылаас салайааччы курдук сыһыаннаһар этэ. Араас мөккүөрдээх түгэннэргэ барытын орун-оннугар ууран кэпсээн, быһааран биэрэрэ, киһи олоҕор хайдах курдук ыарахаттары көрсүөн сөбүн, ол ыарахаттары хайдах туоруохтаахпытын, бу сиргэ киһиэхэ саамай сыаналанар доруобуйа уонна киһи олоҕо буоларын Светлана Кузьминична өйдөппүтэ.
Мин оскуолатааҕы сылларбар Светлана Кузьминична курдук чулуу учууталга үөрэммиппинэн киэн туттабын. Кини үөрэҕэ билиҥҥэ диэри туһалыыр уонна өйбүттэн сүппэт. Баччааҥҥа диэри дискриминант диэни сатаан булабыт, синус, косинус формулаларын өйдүүбүт. Кылааһынан көрүстэхпит ахсын Светлана Кузьминичнабытын куруук саныыбыт уонна махтанабыт.
Марина Тарабукина (Потапова),
Нам орто оскуолатын 1998с выпсукнига