Наммыт улууһугар үөрэҕи, спорду дьүөрэлээн биир тэҥник ситиһиилээхтик үөрэнэр да, спорка үрдүк көрдөрүүлэнэр да оҕолор аҕыйаҕа суохтар. Биир оннук оҕонон Н.С. Охлопков аатынан Нам улууһун гимназиятыгар 8 «а» кылааска үөрэнэр Анита Данилова буолар. Кылааһын салайааччыта Изабелла Егоровна Колесова үөрэнээччитин бу курдук билиһиннэрэр.
– Данилова Анита 2020 с. Н.С. Охлопков аатынан Нам улууһун гимназиятыгар 5 «а» кылааска үөрэнэ киирбитэ. Анита үөрэҕэр туйгун. Саҥа матырыйаалы улгумнук ылынар, түргэнник өйдүүр, ырытан көрөр уонна түмүк оҥорор. Үөрэҕэр олус кыһалларынан, эппиэтинэстээҕинэн, тиһигин быспакка дьарыктанарынан, үлэһитинэн, аламаҕайынан кылааска олуһун сыаналанар.
Анита дьоҕурун, талаанын таба тайанан төрөппүттэрэ — ийэтэ Александра Ивановна уонна аҕата Андрей Дмитриевич Даниловтар арыйбыттара. Анита кыра эрдэҕиттэн дуобат алыптаах эйгэтигэр ылларан, сөбүлээн дьарыктаммыт. Билигин Нь.С. Тимофеев аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуолаҕа ыстаарсай тренер-преподаватель Василий Иванович Прокопьевка утумнаахтык үөрэнэн, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ, күүстээх дуобатчыта буола үүннэ. Ону ааһан Арассыыйа уонна Аан дойду араас күрэхтэһиилэригэр кыайан, ситиһиилээхтик оонньуур. Үрдүк көрдөрүүлээх, элбэх наҕараадалаах спортсмен буолар. Кини дуобакка Арассыыйа успуордун маастарыгар кандидат нуорматын толорбута.
Биһиги Анитабыт наука бары хайысхаларыгар дэгиттэр. Кылааска үөрэх сиэктэринэн ананан кыһамньылаахтык үлэлиир. Бу үөрэх дьылыттан кини математикаҕа билим чинчийэр үлэнэн дьарыгын саҕалаата. Маны таһынан, Анита «Молодые профессионалы» национальнай күрэх улуустааҕы түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кыттан, 3 миэстэни ылары ситистэ.
Анита аныгы сайдыылаах саха оҕотун биир бастыҥ холобура буолар. Кини дэгиттэр талаана, тобуллаҕас өйө-санаата, амарах дууһата, бу барыта айылҕаттан айдарыытын сөптөөхтүк туһанара – кыһамньылаах иитии түмүгэ буолар. Үс оҕолоох Александра Ивановна, Андрей Дмитриевич Даниловтар иллээх дьиэ кэргэнэ гимназия бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, оҕолорун сайдарыгар улахан кылааттарын киллэрэллэр.
Анита Данилова 2023 с. күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрэ:
-СӨ күрэхтэһиитигэр, 14 саастаах кыргыттарга, кылаассыка көрүҥэр – 1 миэстэ;
-СӨ чемпионатыгар орто саастаах оҕолорго – 1 м.;
-СӨ күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, түргэн оонньууга – 1 м.;
-СӨ күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, түргэн оонньууга – 1 м.;
-СӨ күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, 100 харахтаах дуобакка – 3 м.;
-Арассыыйа күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, молниеноснай көрүҥҥэ – 1 м.;
-Арассыыйа күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттара, түргэн көрүҥҥэ – 3 м.;
-Сочи к. ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, нуучча дуобатын кылаассыка көрүҥэр – 2 м. (алтынньы ый);
-Сочи к. ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, молниеноснай көрүҥҥэ – 2 м. (алтынньы ый);
-Таманскай арыыга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, нуучча дуобатын түргэн оонньуутугар – 2 м.
-Таманскай арыыга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 17 диэри саастаах кыргыттарга, нуучча дуобатын кылаассыка көрүҥэр –1 м.;
-Сочи к. ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, нуучча дуобатын кылаассыка көрүҥэр – 1 м. (ыам ыйа);
-Сочи к. ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, молниеноснай көрүҥҥэ – 1 м. (ыам ыйа);
-Таманскай арыыга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, нуучча дуобатын молниеноснай көрүҥэр – 1 м.;
-Таманскай арыыга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ, 14 с. кыргыттарга, 100 харахтаах дуобат молниеноснай көрүҥэр – 1 м.;
-Дьокуускай к. ыытыллыбыт оҕо спортивнай оскуолатын 5-с күрэхтэһиитигэр, 100 харахтаах дуобакка – 1 м.;
-Нуучча дуобатын Аан дойдутааҕы күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, түргэн оонньууга – 1 м.;
-Нуучча дуобатын Аан дойдутааҕы күрэхтэһиитигэр, 14 с. кыргыттарга, кылаассыка көрүҥэр – 2 м.;
-Ангарск к. ыытыллыбыт «Ангарская осень» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы нуучча дуобатын турнирыгар, 2007-2009 сс. кыргыттарга – 1 м.;
-Ангарск к. ыытыллыбыт «Ангарская осень» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы нуучча дуобатын турнирыгар, молниеноснай көрүҥҥэ, 2007-2009 сс. кыргыттарга – 2 м.;
-Ангарск к. ыытыллыбыт Сибиирдээҕи уонна Илин Уһук бэдэрээлинэй уокуруктар нуучча дуобатын күрэҕэр, түргэн көрүҥҥэ, 2007-2009 сс. кыргыттарга – 1 м.;
-Ангарск к. ыытыллыбыт Сибиирдээҕи уонна Илин Уһук бэдэрээлинэй уокуруктар нуучча дуобатын күрэҕэр, молниеноснай көрүҥҥэ, 2007-2009 сс. кыргыттарга – 1 м.;
-Ангарск к. ыытыллыбыт Сибиирдээҕи уонна Илин Уһук бэдэрээлинэй уокуруктар нуучча дуобатын күрэҕэр, кылаассыка көрүҥҥэ, 2007-2009 сс. кыргыттарга – 3 м.;
-ФШР бочуоттаах бэрэсидьиэнин Р.Н. Климашев аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэҕэр, 17 с. диэри кыргыттарга — 1 м.;
-«Спортивные якутяне» СӨ Спартакиадатыгар ыытыллыбыт күрэххэ – 2 м.
Касьян Олесов-Олук