Детсад оҕолоро Санкт-Петербурга робототехника күрэҕэр кыттыахтара

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго цифровой технологияларга уонна робототехникаҕа «ДЕТалька-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии регионнааҕы түһүмэҕин түмүгэ быһаарыллан, Нам улууһуттан ыам ыйын 10-11 күннэригэр Санкт-Петербурга ыытыллар финалга кыттар быраабы ылбыттар:

-6-7 саастаах оҕолор биирдиилээн тургутуһууларыгар «Занимательная математика» күрэххэ Нам с. 1 №-дээх «Солнышко» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Гоголев Тимур 1 м. уонна Самсонов Артур 3 м. ыланнар (тренер Татьяна Николаева);

-6-7 саастаах оҕолор биирдиилээн тургутуһууларыгар «Юный Пифагор» күрэххэ Нам с. 11 №-дээх «Сулусчаан» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Тимирхан Иванов 4 м. тиксэн (сал. эбии үөрэхтээһин педагогтара Анастасия Леверьева, Марианна Кириллина);

-4-5 саастаахтар  «Транспорт будущего» айар күрэхтэригэр — Нам с. 4 №- дээх «Чэчир» оҕо уһуйаанын «Электроники» хамаандата (Юриан Васильев, София Петрова) «ЭКО – транспорт будущего» бырайыактарын ситиһиилээхтик көмүскээн (сал. педагог-психолог Юлия Собакина);

-6-7 саастаахтар «Транспорт будущего» айар күрэхтэригэр – Бөтүҥ нэһилиэгин «Сардаана» оҕо уһуйаанын «Пиксель» хамаандата (Талбан Дьяконов, Арсен Иванов) «Автобус будущего» бырайыактарын ситиһиилээхтик көмүскээн (сал. иитээччи Уруйдаана Заровняева).

Бэлиэтээн эттэххэ, үрдүк таһымнаах күрэх финалыгар киирбит оҕолор бары  Дьокуускай куораттааҕы региональнай ресурснай — «Робототехника оҕо киинин» көҕүлээһининэн Нам улууһугар үлэлиир тирэх пууна — «Солнышко» оҕо уһуйаана ыыппыт муниципальнай түһүмэх күрэхтэһиитин кыайыылаахтарынан буолаллар.

Саргылана Федорова, Нам с. «Солнышко» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ:

-Биһиги өссө 2020 с. «Мичил» детсадка эрдэхпитинэ «Детский мини-технопарк» арыммыппыт, билигин онтубутун дириҥэтэн үлэни былааннаахтык ыытабыт. Уһуйааммытыгар оҕолору Татьяна Аркадьевна Николаева дьарыктыыр, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Кини оҕолоро уһуйааммыт кэнниттэн алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэ да киирдэллэр, манна киниэхэ кэлэн дьарыктаналлар, ситимнээх үлэ барар. Биһиги уһуйааммыт Октябрина Семеновна Петрова салайар Дьокуускай куораттааҕы «Робототехника оҕо киинигэр» тирэх площадканан буолабыт, улууспутугар ресурснай киин быһыытынынан үлэлиибит. Кинилэр өйөбүллэринэн оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэригэр робототехникаҕа, легоконструированиеҕа араас таһымнаах күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытабыт. Октябрина Семеновна көҕүлээһининэн, сайыннарыытынан, үрдүк таһымнаах экспердэри кытыннарары кыайа-хото тутарынан, техническай хайысхаҕа талааннаах оҕолорбут Аан дойдутааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттар путевкалары ылаллар, үлэ ис хоһоонугар саҥа тыын киирэр дии саныыбын.

Улууспут оҕо уһуйааннара Санкт-Петербурга ыытыллар цифровой технология уонна роботехника күрэҕэр ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕарабыт.

Касьян Олесов-Олук