Бүгүн Дойдуга бойобуой дьайыы кыттыылаахтарын күнэ бэлиэтэнэр. Нам улууһун бойобуой дьайыытын ветераннара бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорон таһаарбыт сквердэригэр муһуннулар.
Бойобуой дьайыы ветераннарын чиэстиир күн тэрээһинин Анна Ядрихинская салайааччылаах “Движение первых” хамсааһын оҕолоро мустааччыларга хоһоон этэн арыйдылар.
Араас сылларга бойобуой дьайыыларга кыттыбыт байыастарга, кинилэр төрөппүттэригэр Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров, “Буойун” түмсүү председателэ Павел Оконешников, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков, “За заслуги перед Отечеством” II-с истиэпэннээх мэтээл уордьан хаһаайына Прокопий Саввинов истиҥ тыллары эттилэр.
Улуус баһылыга Юрий Слепцов бэлиэ күн баар буолбута сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Буола турар байыаннай дьайыыттан уолаттар этэҥҥэ дойдуларыгар кэлэллэригэр эттэ. Сир үрдүгэр ыраас халлаан баар буоллун, байыастар кыайыылаах-хотуулаах эргиллиннэр диэн баҕа санаа этиллэр.
Улуустааҕы “Буойун” түмсүү салайааччыта Павел Оконешников кыайыыны аҕаларга бука бары түмсүөххэ, күүспүтүн ууруохха диэн ыҥырда. Нам сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков олохтоох дьаһалта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар болҕомто уурарын, бары өттүнэн күүс-көмө буоларын эттэ.
Харысхан Попов