Ахсынньы 15 күнүгэр «Россия – моя история» историческай пааркаҕа СӨ Үрдүкү сэбиэтин XII-с ыҥырыылаах мунньаҕын депутата, РФ Генеральнай прокурорун солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыт Василий Колмогоров 80 сааһыгар аналлаах «Посвящая себя служению закону…» диэн быыстапка аһылынна. Суолталаах тэрээһиҥҥэ Василий Васильевич аймахтара, доҕотторо, Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин председателэ Афанасий Владимиров уонна ХИФУ юридическай факультетын устудьуоннара кытыннылар.
РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа, РФ прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ Василий Колмогоров СӨ прокурорунан 1990-1994 сс. үлэлээбитэ, онтон 1994 с. ыам ыйын 27 күнүттэн РФ президенин укааһынан РФ генеральнай прокурорун солбуйаччыытынан ананан 2000 сылга диэри үлэлээбитэ.
Быыстапка ахсынньы 24 күнүгэр диэри «Россия – моя история» историческай пааркаҕа үлэлиир.
Оттон Намҥа ахсынньы 19 күнүгэр, 14.00 чаастан М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, прокуратура уонна силиэстийэлиир уорган бэтэрээнэ, Кэбээйи уонна Нам улууһун Ытык киһитэ, М.К. Аммосов аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай бириэмийэтин лауреата Василий Васильевич Колмогоров 80 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолуоҕа. Киириитэ – көҥүл.